
Алампадисов Харлампий Алексеевич
1907 с. Нам нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Кэргэнэ Алампадисова Марфа Никифоровна. МТС бастакы трактористарыттан биирдэстэрэ. 1939 с. Москубаҕа аан бастакытын ыытыллар Бүтүн Сойуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатын Саха сириттэн делегата.
1941 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. Байыаннай пересыльнай пуун докумуонугар суруллубутунан 1942 с. олунньу 25 күнүгэр уоттаах сэрии ортотугар сэриилэһэ сылдьар Хотугулуу-Арҕааҥы фронт (СЗф) 34 Армия 202 стрелковай дивизиятыгар анаммыт.


1943 с. өлбүт.