Алексеев Терентий Степанович – Сыҕаан уола

1923 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха төрөөбүтэ.

1942 с. сэриигэ ыҥырыллыбыта. Ефрейтор званиелаах Ленинградскай фронт 28 артдивизия 193 отдельнай артбригада 199 гаубичнай артполкатыгар сэриилэспитэ, разведчик.

1947 с. сэрииттэн кэлбитэ. Сэрииттэн кэлэн баран МВД-га 17 сыл, кэлин Үөһээ Бүлүү промкомбинатыгар маастарынан үлэлээбитэ.

06.04.1985 с. муус устар 6 күнүгэр  «Аҕа дойду сэриитэ» II истиэпэннээх уордьанынан,  «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Германияны кыайыы иһин» мэтээлинэн, «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

2001 с. өлбүтэ.