Перейти к содержимому
Намская модельная сельская библиотека им. М.С. Романова
678234, с. Нам, ул. Баннахова, д. 1/1
vvlib_1@mail.ru
Войти в личный кабинет
Атаманов Григорий Егорович
1910 с. Бүлүү оройуонугар 1 Күүлэт нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Нам нэһилиэгэр аҕалара өлбүтүн кэннэ таайыгар Егоров Евсейдаахха киирэн олорбут. «Кыһыл үлэһит» холкуоска чилиэнинэн киирбит. 1941 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. Байыаннай пересыльнай пуун регистрациялыыр карточкатыгар: 1905 с. төрүөх Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха төрөөбүт диэн суруллубут. 1942 с. муус устар 9 күнүгэр 11 стрелковай дивизия 219 стрелковай полкатыгар сылдьан бааһыран 1789 нүөмэрдээх эвакогоспитальга киирбит. 1942 с. муус устар 26 күнүгэр Волховскай фроҥҥа 11-с стрелковай дивизияҕа ыыппыттар (ЦАМО ф. Волховский пересыльный пункт, о. 530771, д. 43394).
Кыргыһыы хонуутуттан эргиллибэтэх.