Афанасьев Илья Иннокентьевич-Быралгы

1921 с. Нам нэһилиэгэр Быйаа Эҥиэттэй дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
1941 с. сэриигэ ыҥырыллыбыта.
1942 с. балаҕан ыйын 3 күнүттэн Ленинградскай фроҥҥа, 1943 с. атырдьах ыйын 20 күнүттэн Карельскай фроҥҥа, 1945 с. кулун тутар 10 күнүттэн 4-с Украинскай фроҥҥа 229 стрелковай дивизияҕа сэриилэспитэ. Иккитэ бааһыран госпитальга сыппыта.
1946 с. дойдутугар эргиллибитэ.
1945 с. ыам ыйын 20 күнүгэр «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээлинэн, 1985 с. муус устар 6 күнүгэр «Аҕа дойду сэриитэ» II истиэпэннээх уордьанынан, 1946 с. атырдьах ыйын 26 күнүгэр «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Германияны кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
1986 с. өлбүтэ.
(ЦАМО ф. 33, о. 686196, д. 4952)

Убайбыт туһунан сырдык өйдөбүлбүт

        Аҕабыт Ильин Иннокентий Афанасьевич бастакы кэргэниттэн уола Афанасьев Илья Иннокентьевич Аҕа дойду уоттаах сэриитин кыттыылааҕа, фронтовик-бэтэрээн Үөһээ Бүлүү оройуонун Нам нэһилиэгэр 1921 с. төрөөбүтэ. Кини фамилиятын эһэтин аатынан (Ильин Афанасий Ильич-Даҥ), аатын Илья-хос эһэтин аатынан буолбут. Убайбыт Илья-Быралгы сырдык хааннаах сытыы харахтаах, турбут-олорбут, сытыы-хотуу көрүҥнээх, бэйэтин кыанар.

Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр ыҥырыллан, саа-саадах тутан сэриилэспит, биһиги дьиэ кэргэнтэн кини соҕотох. Фроҥҥа нууччалыы билэр буолан, үөрэхтээх суруксутунан сылдьыбыт, саа-саадах тутан сэриилэспитин, контузия ылбытын, аччыктыылларын, өстөөҕү кытта киирсиилэрин кэпсиирэ үһү. Сэрииттэн тыыннаах ордон, контузиялаах дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн  кэлбит. Контузията доруобуйатыгар охсон, онтон үтүөрэн, кэргэннэнэн эйэлээх олоххо үлэ үөһүгэр түһэн үлэлээн-хамсаан барбыт.

Бүлүү куоратыгар көһөн дьиэ-уот туттан, сүөһү, сылгы ииттэн олорбут. Маҥнай милицияҕа, кэлин оскуолаҕа охраннигынан улэлээбит. Сөбүлээн олохсуйбут Бүлүүтүгэр олоҕун тиһэн күннэригэр диэри олорбута. Ыччат хаалбатах.

Биһиги оҕолор кыра буолан, дьоммут, аймахтарбыт кэпсииллэринэн, кини туһунан сырдык өйдөбүллээхпит. Кини сүрдээх сытыы, сылбырҕа, түргэн тарҕан  туттуулаах,  биир сиргэ таба олорбот, турбат, кэпсииллэринэн Бүлүү куораттан былыр оччолорго сатыы сүүрүү былаастаан хааман кэлээччи уонна ол күнүгэр төннөр эмиэ сатыы, атаҕар улахан кыахтаах, сатыы хаамарын сөбүлүүрэ үһү. Ол кэлэн аҕатын көрөн, аймахтарын барыларын билсэн көрсөн баран, ыксалынан сылдьан биир сиргэ табан турбат, уоту ылар курдук, сус гынан хаалар дьиэтигэр.

Ийэ дойдутун көмүскүүр Улуу сэриигэ кыттан биһиги барыбыт дьоллоох олохпут туһугар хорсуннук сэриилэспитинэн киэн туттабыт, сүгүрүйэбит, махтанабыт, сырдык өйдөбүл убайбыт Илья Иннокентьевич туһунан Ылдьыыс аймахха үйэлэргэ баар буоллун.