Александров Кирилл Иванович – Кииччэ

1910 с. Нам нэһилиэгэр Бааччаҥныыр Татаар диэн  ыалга төрөөбүтүн, Александров Иван-Дьэҥкир Уйбаан диэн ыалга ииттэрэ биэрбиттэр. Бастакы трактористартан биирдэстэрэ. «Кыһыл үлэһит» холкуос чилиэнэ. Кэргэнэ Александрова Фекла Павловна.
1941 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. 1941 с. атырдьах ыйын 25 күнүгэр  22-с гвардейскай стрелковай дивизия састаабыгар сэриилэһэ сылдьан сураҕа суох сүппүттэр испииһэктэригэр киллэрбиттэр.
(ЦАМО ф. 58, о. 818883, д. 489)

30-с Армия 371 стрелковай дивизия, 586-с стрелковай полкатыгар Ржевско-Вяземскай кимэн киирии кыргыһыытыгар сэриилэһэ сылдьан 1942 с. олунньу 12 күнүгэр госпитальга өлбүт (ЦАМО ф. 58, о. А-71693, д. 2080). Тверскэй уобалас Ржевскэй оройуон Бахмутово сэлиэнньэтин Воскресенка дэриэбинэтигэр көмүллүбүт.

Көмүүнү кэлин Ржев-Осташков трасса 21 км, с. п. Победа братскай могилаҕа көһөрбуттэр.