Болтоков Семен Егорович

1908 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха төрөөбүт. Начальнай үөрэхтээх, ССКП чилиэнэ. 1935 с. Нам сельпотун заготовитель үлэһитинэн ылыллыаҕыттан ыла 13 сыл эргиэн систематыгар продавеһынан, сельпо правлениетын председателинэн, райсоюз торговляҕа инспекторынан Далыр, Нам, Үөһээ Бүлүү сельполарыгар үлэлээбит. 1941 сылтан 1943 сыл бэс ыйыгар, армияҕа ыҥырыллыар диэри, “Кыһыл үлэһит” холкуоска председателлээбит.

Забайкальскай фроҥҥа 210-с стрелковай дивизияҕа 582-с стрелковай полкаҕа сэриилэспит.

1946 с. эргиллэн кэлбит.

1947с -1955 с. ыам ыйыгар диэри Нам сельсоветын исполкомун председателинэн үлэлээбит.

1955 с. уһуннук ыалдьан баран өлбүт. Аламаҕай майгылаах, дьон наадатын, кыһалҕатын быһаарымтыа, турунуллубут үлэтигэр күүһүн харыстаабакка үтүө суобастаахтык үлэлиир киһиннэн бэйэтин көрдөрбүтэ.

Нам музейын архыыбыттан