
1942 с. Үөһээ Бүлүү РВК-тан сэриигэ ыҥырыллыбыт. Байыаннай пересыльнай пуун докумуоннарыгар көстөрүнэн 1942 с. балаҕан ыйын 9 күнүгэр 69 запасной хайыһар полк испииһэгэр биир дойдулааҕа Кондаков С. Н. кытта суруллубуттар. 1942 с. алтынньы 12 күнүгэр Свердловскай уобалас Камышловскай байыаннай лааҕырыгар бэлиэтэммит (ЦАМО ф. 8585, о. 73732, д. 8). 1943 с. сэтинньи ыйыгар сураҕа суох сүппүт.
