Васильев Леонтий Никитич -Холкуостаах Лөгүөнтэй

1913 с. I Хоро нэһилиэгэр төрөөбүт.
«Кыһыл үлэһит» холкуоска чилиэнинэн киирэн үлэлии сырыттаҕына, 1941 с. балаҕан ыйыгар Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыбыт. Онтон доруобуйатынан сыыйыллан кэлэн баран, 1943 с. иккиһин ыҥырыллыбыт. Илиҥҥи границаҕа сылдьан ыарахан метеорологическай условиеҕа түбэһэн өлбүтүн туһунан бииргэ сулууспалаабыт биир дойдулааҕа туоһулаабыт.
1944 с. ыам ыйыгар өлбүт, көмүллүбүт сирэ биллибэт.