Гаврильев Матвей Семенович

1917 с. Нам нэһилиэгэр Ардьабыл дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.  «Чолбон» холкуос чилиэнэ.
1942 с. сэриигэ ыҥырыллыбыта. 1 Украинский фронт, 253 стрелковай дивизия 981 стрелковай полкатыгар сэриилэспитэ.
1945 с. дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.
17.02.1972 с. олунньу 17 күнүгэр “Хорсунун иһин” мэтээлинэн, 1985 с. муус устар 6 күнүгэр “Аҕа дойду сэриитэ” II истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.
2000 с. өлбүтэ.

Кыайыыга кыттыспыта

         Улуу Кыайыы 50 сыла сылтан эрэ ордук кэм хаалла. Ол аайы ветераннар өссө төгүл долгуйаллара элбээн иһэр. Холобура, Харбалаах нэһилиэгин олохтооҕо хорсуннук сэриилэспит Н. А. Ноттосов хайа өлүөр диэри Кыайыы 50 сылын көрсүбүт киһи дии сыппыта. Дьиҥнээхтик сэриилэспит ветераннар эһиилгигэ диэри син-биир аҕыйаан тиийэн эрдэхтэрэ. Бүгүн сэрииттэн «Хорсунун иһин» диэн уонна Сталин төбөтө мэтээллэрдээх кэлбит буойун туһунан хаһыат ааҕааччыларыгар билиһиннэриэхпин баҕарабын. Ону манныктан саҕалыыр ордук буолаарай диэн биир дьиктини кэпсээтэххэ сатаныыһы.

1983 с. Наумов Д.Ф. салайааччылаах оччотооҕу Исидор Барахов аатынан совхозтан Намтан, Харбалаахтан 12 ветеран сэриилэспит дэриэбинэтигэр тиийэн көрбүтэ өлбүт буойуннар испииһэктэрэ ыйаммыт пааматынньыкка 125 саллааттан 5-с киһинэн арай кини аата суруллубут. Дьэ, соһуйуу, өмүрүү бөҕө буолар. Өлбүтүнэн ааҕыллан бу тыыннаахпын диэҕин долгуйан тута этэ охсубатаҕа. Оттон сүбэлэһии кэнниттэн военкоматы кытта чуолкайдааһын буолар.

Кини аата Гаврильев Матвей Семенович. Быһата нэһилиэгэр Маппый диэн ааттанар. Көрүҥүнэн кыра уҥуохтаах, бэйэтэ этэринии, сэрии буулдьатыгар табыллымтыата суох быһыылааҕа. Сирэйинэн бааһынайа, хараҕынан нуучча күп-күөх хараҕа, мичээринэн кыра оҕо курдук судургута-көнөтө, көрбүт киһи таптыы көрөр оҕонньоро.

Уоттаах сэрии оруобуна биир сыл буолбутун кэннэ 1942 с. бэс ыйын 22 күнүгэр Нам нэһилиэгэр бэбиэскэни тутан оччотооҕу оройуон киинигэр Куорамыкыга киирбитэ. Нам нэһилиэгиттэн бастакы ыҥырыллан барыыттан 2 эрэ киһи эргиллэн кэлбитэ. Оттон ити бастакы барыыга  оройуонтан 350 бөдөҥ-садаҥ толуу эр бэртэрэ борокуотунан барбыттар эбит. Бу иккис барыыга бэс ыйын 27 күнүгэр «Диктатор» диэн борокуотунан аттаммыттара. Намҥа тохтоон ааһарыгар Кардашевскай Ылдьаа барарыгар ийэтэ муҥнаах тобугар диэри ууга киирэн ытаан-соҥоон быраһаайдаспыта. Хайдахтаах курдук ынырык хартыынатын оччотооҕу фронтовиктар илэ харахтарынан көрөн, дууһалара ытаабыта буолуой?! Ити Ылдьаа ийэтэ маҥнайгы уолун  өлбүтүн туһунан суругу тутан иккис уолун атаарарыгар хайдах аймаммат буолаахтыай. Күн киириитэ Бүлүүгэ устан тиийиилэригэр 450 киһи эбии Бүлүүттэн киирэр. Итиниэхэ Сунтаартан, Ньурбаттан кэлэн иһэр дьонноргун эбэн кэбис. Ити курдук айаннаан Дьокуускайы булаллар. Манна баанньыкка сууннаран баран “Москва” борокуокка олордоллор. Өлүөнэ өрүһү батан Өлүөхүмэҕэ тиийэллэригэр онтон 500-тэн тахса киһи киирэр. Усть-Кутка сүөкээбитин кэннэ 25 көстөөх Ангараҕа улахан массынанан айанныыллар. Оттон эмиэ өрүһүнэн «Маркс» борокуотунан Заярскайга тиийэллэр. Бу манна аны 6 киһи күрээбитин көрдөөн булбаттар. Тимир суоллаах Иркутскайга кэлээттэрин кытта тимир суолга балаакканнан хоннороллор. Түүнү быһа утуйар кэлиэ дуо? Хаһан тимир суол тыаһын-ууһун, дарбаанын истибиттэрэ баарай?! Поездка сэттэ хоммуттарын кэннэ дьэ олордуу хамаандата иһиллэр. Хата, котелокка итии уу ыллаттарбыттарыгар баһыыба. Түүннэри-күннэри унньуктаах уһун айан дьэ саҕаланар. Айан быыһыгар иҥин араас кэпсэтии-ипсэтии ханна барыай. Оройуонуттан иһэр Гаврильев Василий Петрович: «Кыһыл көмүс курдук тутуллан бэлэм аска иһэн ийэ дойдубутун хайдах таҥнаран биэриэхпитий?!» – диэн эппитин сорохтор «ээх», сорохтор «Хайдах тиийиэхпит биллибэт» дэһэллэр. Арай баран иһэн утары кыргыттардаах вагоннар элэгэлдьистилэр. Саллааттар муҥнаахтар сэргэхсийэ түһэллэр. Онуоха илдьэ иһэр хамандыырдар этэллэринэн үлэҕэ диэн ааттаан соҕурууттан илдьэ иһэллэр эбит. Айаннаан, айаннаан Юг станцияҕа (Билиҥҥи Пермскэй уобалас сиригэр хайаҕа таһаараллар. Дойдуларыттан бэс ыйын 27-гэр арахпыт буоллахтарына атырдьах ыйы 12-гэр бу сиргэ айаннаан кэлэллэр. Ыам кумаарын курдук киһини стройдаталлар. Сааһырбыттары, 45 сааһыттан үөһээҥилэри маассабай ротаҕа, эдэрдэри миэстэтигэр хаалларан карантиҥҥа сытыараллар. Биир ый курдук үөрэтэн, эрчийэн баран бирисээгэ бэрдэрэллэр. Дьэ дьиҥнээх саллаат аатын ылаллар. Намтан сылдьар Маппый табаарыһа Мегежекскай Николай: «Босхо көрөн-истэн туристыы сылдьар курдукпут», – диэн күллэрэр. Саҥалыы землянка тутан бараллар. Биир дойдулаахтара Баддьыалка Баһылай: «Сотору сэриигэ киирэр үһүбүт», – диэт атын чааска баран хаалар. Онтон «туристыы сылдьар» Николай Мегежекскай бу сырыыга хараҕыттан уу-хаар баспыт көрүҥнээх кэлэн быраһаайдаһан барда.Табаарыстара ханна барбыттарын билбэккэ хаалаллар.

«Хаар түспүтүн кэннэ аны хайыһарга эрчийдилэр – диэн Маппый бэйэтин кэпсээнин саҕалыыр. Өктөөп чугаһыгар аччыктаатылар. Ротаҕа хоргуйан 3-4 киһи өлөн туораатылар. Онуоха эбии ис тиибэ саҕаланна. Алтынньы 8-гар ис тиибигэр хаптаран Молотовскай уобалас госпиталыгар эмтэнним. 1943 с. ыам ыйыгар Свердловскайга Уус-Таатта уола Антонов Баһылай диэн иккиэйэх саха буолан кэллибит. Сыал ытыытыгар эрчийдилэр. Сахалар үчүгэйгит дэһэллэр, испитигэр үөрэ саныыбыт. Саҥа таҥаһы кэтэрдии буолла. Өлүнньүк таҥаспыт дэһистибит. Бинтиэпкэ биэрдилэр. Биһиги иккиэн ручной пулеметчик буоллубут. Оттон эмиэ поеһынан илдьэн түүн ойуурга түһэрдилэр. Сис хаба ортотугар (Архангельскай уобаласка) кэлбиппит. Дьахталлар от охсо сылдьаллар. Сайын от оттуурбун саныы биэрдим. Резервнэй чааска сылдьар эбиппит. Онтон Москваҕа бардыбыт. Үс полк холбоһон дивизия буола түстүбүт. Могилевканан Краснодарскай кыраай диэки сатыы аҥыр курдук түүн эрэ айанныыбыт. Биһиги иһиттэхпиттинэ этиҥ этэр. Ону нуучча саллааттара 20 км сиргэ сэрии буола турар дииллэр. Онно сүрэхпит битийэн ылар. Нууччалыы билбэт сорун онно билбитим. Онтон сарсыарда 6 чааска сэриигэ киллэрдилэр. Онно Халдебаев диэн узбекпыт: «Таҥара өрүһүй!», – диир. Оттон Баһылай Антоновым: «Таҥара да өрүһүйбэт буолла быһыылаах», – диир. Биһиги 6-c ротабыт. Бэһис рота турда диэн буолла. Биһиги ротабыт командира Терешин: «За Родину, за Сталина!» – диэн хаһыытаабытынан ойон турда. Сапердар эрдэ инники киирэн уот ыыттылар. Сытыйан хаалбыт дьон өлүгүн сыта муннубутугар саба биэрдэ. Атаакалаан биир дэриэбинэни ыллыбыт. Арай иннибитигэр массыыналар иһэллэр. Онтукпут немецтэр буолан биэрдилэр. Тута баттаһан 40 немеһи билиэн ыллыбыт. Икки дэриэбинэни эмиэ босхолуу оҕустубут. Быһымах быһыы, туттумахтаһан хаалыы, биир кэм бугуһуйбут дохсун сылгы курдукпут. Табаарыспыт суулларын, өлөрүн киһи хаанын көрдүбүт да кыыллыйан хааллыбыт. «Синэ биир, биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай» дии саныыбын. Үһүс дэриэбинэни ылан баран оройуону ылар сорук турда. Сырсан киирэн истэхпитинэ иэдээннээх уоту аһаннар, кыратык чугуйан оборона оҥоһуннубут. Түүн саҥа күүһү эптилэр. Доҕорум Баһылай Антоновым үһүс дэриэбинэни ылыыга табыллан 5 мүнүүтэнэн өлөн хаалан хомойуу бөҕөнү хомотто. Саха соҕотох буола түстүм. Уолум киниискэтин ыллым. Оройуон киинин дьэ босхолоотубут. Онтон биир дэриэбинэни ылыыга снаряд кэлэн түһэн биир эрбэҕэ суох хааллым. Дөйөн төһө өр сыппыппын билбэппин. Дьонум өллө диэн түүҥҥү сводкаҕа биэрбиттэр. Ол иһин өлбүттэр испииһээктэригэр киллэрбиттэр этэ. Хас да хоммутум кэннэ, өйдөммүтүм быһыылаах, санитаркалар буллулар. Чааһым салгыы сэриилэһэн бара турбут. Куйбышев куорат госпиталыгар сыттым. Комиссия көрөн баран комсомоллааҕым иһин заводка үлэҕэ ыыттылар. Комиссия 3-c группалаах инвалидка таһаардылар. Ульяновскайга эмтэнэн баран Владивостокка үлэ фронугар ыытылынным. Шахтаҕа үлэлээтим».

1946 с. дойдутугар эргиллэн кэлэр. Онон сэрииттэн Матвей Семенович икки мэтээллээх кэлэр. Билигин 2-с группалаах сэрии инбэлиитэ. Хайа сэрииттэн кэллэҕин күн «Чолбон» колхоһугар үлэлээн барбыта. Булчутунан, сылгыһытынан бэрт өр кэмҥэ үлэлээн кэллэ. Билигин 6 оҕолооҕуттан 17 сиэннээх. Этэҥҥэ буоллаҕына хос сиэннэнээри сылдьар. Матвей Семенович төһө да 77 саастааҕын иһин көрүҥүнэн 60-лаах оҕонньор курдук көстөр. Дьиэ таһыгар үлэлии-хамсыы сылдьарын үөрэ-көтө көрөҕүн уонна ыччаттарга туһаайан:

Үлэнэн уруйдааҥ-айхаллааҥ

Үлэ, сэрии ветераннарын

Хойукку ыччаттары тускуллаан

Харыстааҥ кинилэр ааттарын,

– диэн этиэҕи баҕарыллар.

                                                                                                       Уйбаан Ороһуунускай, журналист

Иккиһин төрөөһүн

Полтавщина өҥ буоруттан тыйыс айылҕалаах Саха сирэ тыһыынчанан километр ыраах сытар. Улуу Октябрынан төрүттэммит норуоттар бырааттыы доҕордоһуулара ханнык да моһоллортон иҥнибэт, күнтэн күн бөҕөргүүр.

Бу бэлиэтээһиҥҥэ мин үөһээ этиллибит санааны бигэргэтэр ааспыттан өссө биир страницаны өйгө тилиннэриэхпин баҕарабын.

Кэпсээммин саҕалыам иннигэр – икки кыракый ыспыраапкалар:

Полтавчанин, Гадячскай уезд Веприк селотуттан төрүттээх А. А. Курило гражданскай сэрии сылларыгар дойду хотугулуу Илин өттүгэр рабочайдар, бааһынайдар уонна саллааттар депутаттарын Советын бастакы председателинэн үлэлээбитэ.

Кини бу кыраайы көмүскээһиҥҥэ уонна сүһүөҕэр туруутугар элбэҕи оҥорбута, итинэн бу кыраай олохтоохторугар үтүөкэн өйдөбүлү хаалларбыта. Манна даҕатан эттэххэ, кини биографията «Начальник Чукотки» диэн бэртээхэй киинэ сюжетнай төрүтүнэн буолбута. Кини биир дойдулааҕа Решетиловскай оройуон Колотия селотун олохтооҕо Н.П.Колотий Уһук Хоту дойду сайдыытыгар эмиэ бэйэтин кылаатын киллэрбитэ. Кини уон сыл устата үлэһиттэр депутаттарын Якутскай куораттааҕы Советтарын исполкомун салайбыта. Саха сирин үгүс олохтоохторо билиҥҥэ диэри кини туһунан сылаас тылларынан истиҥник ахталлар.

Баара-суоҕа икки холобур. Ол эрээри манна бырааттыы Украина уолаттара Хоту дойду норуоттарын кытта уруккуттан ыкса доҕордуу сибээстээхтэрэ көстөр. Бүгүн харахха маннык көстүбэт сибээс утахтарын холобурун үтүмэн үгүс холобурун аҕалыахха сөп.

Үөһээ Бүлүү оройуонугар Нам сэлиэнньэтигэр боростуой саха ыалыгар икки уолаттар – Никон уонна Матвей улааппыттара. Уолаттар үлэни сөбүлүүллэрэ, үөрүнньэҥ этилэр, аҕаларыгар булка, балыктааһыҥҥа, холкуос үлэтигэр көмөлөһөллөрө. Дьиэ үлэтиттэн туора турбаттара.

Итинник олоруохха уонна олоруохха сөп этэ. Күүлэйдиэххэ, алаастарынан хаамыталыахха, Бүлүү өрүс мөлбөйөр сүүрүгүнэн талбаара устуохха үчүгэйэ бэрдэ. Ол эрээри барытыгар сэрии хара күлүгү түһэрбитэ. Сэрии бастакы күннэригэр уолаттартан улаханнара Никон военкомакка тиийэн доброволеһынан суруйалларыгар көрдөспүтэ. Хара кырыыстаах өстөөхтөрү кини уһуннук кыдыйбатаҕа. Сэмэн Гаврильев дьиэтигэр сотору буолаат почтальон хомолтолоох сураҕы аҕалбыта: Никон былыргы Смоленскай истиэнэлэрин аттыгар кырыктаах кыргыһыыга охтубута.

Матвей тапталлаах убайын сүтэрэн аймаммыта, фроҥҥа барарыгар кини өлүүтүн ситиһэргэ андаҕайбыта.

1943 сыл балаҕан ыйыгар Гаврильевтар өссө биир похоронканы туппуттара: «Эһиги уолгут Гаврильев Матвей Семенович, 1917 сыллааҕы төрүөх, – диэн суруллубут этэ онно, – воинскай бирисээгэҕэ уонна иэскэ бэриниилээх буойун. Ийэ дойду иһин кыргыһыыга 1943 сыл атырдьах ыйын 31 күнүгэр Полтавскай уобалас Гадячскай оройуонун Холодное селотун аттыгар өллө уонна братскай ииҥҥэ көмүлүннэ».

Ол суоһар күһүҥҥү күннэргэ Гадяча оройуонугар күнүстэри-түүннэри хаан тохтуулаах кыргыһыылар буолуталаабыттара. Кыргыһыы оройо билиҥҥи Мартыновскай сельсовет территориятыгар ааҥнаабыта. Хас да сүүһүнэн ааҕыллар фашистар Полтава бу сиригэр ииннэммиттэрэ. Биһиги Ийэ дойдубут уолаттарын субай хааннара эмиэ тохтубута: Мартыновскай аттыгар түөрт братскай ииҥҥэ 260 советскай буойуннар үйэлэр тухары хаалбыттара. Ол эрээри 260 буолбатах, 259 киһи. Биир саллаат тыыннаах хаалбыта. Ол саллаат Матвей Семенович Гаврильев этэ.

40 сыл анараа өттүгэр бу иин үрдүгэр знамялар хоҥкуҥнаспыттара, саалар тыастара ньиргийбитэ уонна Албан аат кинигэтигэр үйэ кирбиитигэр ааттара ааттаммыта. 40 төгүл өлбүттэр ахсааннарыгар Саха сириттэн Матвей Семенович Гаврильев аатын ахтыбыттара. Оттон саллаат ырыаҕа ылланарын курдук «икки төгүллээн тыыннаахтыы көмүллүбүтэ» даҕаны тыыннаах этэ. Фроҥҥа сорох ардыгар буоларын курдук рота командира бэйэтин бойобуой донесениетыгар личнэй састаап сүтүгүн испииһэгэр М. С. Гаврильевы эмиэ киллэрбит этэ. Дьиҥ иһигэр, санитардар ыараханнык бааһырбыт Гаврильевы кыргыһыы хонуутугар биир суукка кэриҥэ буолан баран булбуттара. Киниэхэ бастакы көмөнү оҥорбуттара уонна госпиталга ыыппыттара.

Баастара үтүөрэрин кытта госпитальтан кини эмиэ фроҥҥа аттаммыта. Бу сырыыга кини атын часка сэриилэспитэ. Кини түөһүгэр бастакы солдатскай наҕараадата – «Хорсунун иһин» мэтээл күлүмүрдээбитэ. Ити кэнниттэн саллаат суола өр сылларга сүппүтэ.

Дьиэтигэр 1947 с. биирдэ эргиллибитэ. «Өлбүтүн» туһунан тугу да билбэт этэ.

«Чолбон» холкуоска, Исидор Барахов аатынан совхозка сүөһү көрөөччүнэн үлэлээбитэ, оҕолорун иитэрэ. Оҕолорун үчүгэйдик ииппитэ: кинилэр бары үрдүк үөрэхтээхтэр. Кыыһа Дария – орто оскуола завуһа, Наталья – тыа хаһаайыстыбаннай наука кандидата, Саха госуниверситетын преподавателэ. Уолаттар Константин уонна Николай эмиэ ытыктанар үлэһит дьон: улахан уол – стоматолог-врач, кыра уол – биология преподавателэ.

Матвей Семенович пенсияҕа барар кэмэ кэлбитэ. Сэрии сылларынааҕы үлэтин стаһын бигэргэтэр докумуоҥҥа наадыйан ветеран военкомакка дьыала түһэрбитэ. Дьэ манна кини соһуйан тиэрэ кэлэн түһэ сыспыта.

– Эн фроҥҥа өлбүттэр ахсааннарыгар сылдьаҕын ээ… – диэбиттэрэ.

Ол кэнниттэн чуолкайдаабыттара ССРС Оборонатын Министерствотын кадрга кылаабынай управлениетын докумуоннарыгар кырдьык М. С. Гаврильев өлбүтүнэн ааҕылла сылдьара. Биллэн турар, докумуоннарга сөптөөх көннөрүүлэри киллэрбиттэрэ. Фронтовик ылыахтаах докумуоннарын барытын биэрбиттэрэ.

Нам селотун ветераннара биирдэ мустан бойобуой эдэр саастарын суолларынан Волгоградынан, Полтавщинанан, Харьковщинанан айанныырга быһаарыммыттара.

Ити быһаарыныыны дирекцияҕа, парткомҥа, сельсовекка сөбүлээбиттэрэ. Онон 12 фронтовиктар ааспыт сэрии суолларынан чугаһа суох айаҥҥа туруммуттара.  Кинилэр бэйэлэрин биир дойдулаахтарын Волгоградка Мамаев курганыгар кэриэстээбиттэрэ. Полтаваҕа кэлбиттэрэ. Онтон – Гадячкаҕа сылдьыбыттара. Ыраах Саха сириттэн кэлбит ыалдьыттар чиэстэригэр тэриллибит көрсүһүүгэ ССКП Гадячскай райкомун бастакы  секретара Николай Фомич Орел оройуон албан ааттаах историятын, оройуон үлэтин-хамнаһын киэҥник билиһиннэрбитэ.

Ол кэнниттэн ыалдьыттар Мартыновка сэлиэнньэтигэр, Холодное дэриэбинэҕэ баар братскай ииҥҥэ кэлбиттэрэ. Манна гранит билиитэҕэ «Гаврильев М.С.» диэн суругу көрбүттэрэ. Өлбүт дэммит ветеран бойобуой табаарыстарын ииннэригэр хоолдьуктаах баһын хоҥкуппута уонна Саха сириттэн мөһөөччүккэ илдьэ кэлбит буорун сэрэнэн куппута.

Көрсүһүүгэ кыттыыны ылбыт «Гадячскай» совхоз Красногвардейскай отделениетын ферматын үлэһиттэрин кытта ыалдьыттар ис сүрэхтэриттэн истиҥник кэпсэппиттэрэ. Олохтоох оскуолаҕа буолбут көрсүһүүгэ делегация салайааччыта Нам сельсоветын исполкомун оччотооҕу председателэ, эдэр коммунист Дмитрий Федосеевич Наумов учууталлары уонна үөрэнээччилэри бэйэтин биир дойдулаахтарын: «Кыһыл үлэһит» холкуос урукку председателин, коммунист, «Албан аат» уордьан кавалерын Иван Игнатьевич Докторовы, Харьковы босхолооһун иһин кыргыһыы кыттыылааҕын, сааһын тухары биригэдьиирдии  сылдьыбыт сэрии инбэлиитин, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалерын Николай Алексеевич Ноттосовы, эмиэ биригэдьиири, сэрии инбэлиитин Петр Семенович Мухоплеву, пенсионер Тимофей Алексеевич Адамовы уо.д.а. билиһиннэрбитэ.

Учууталлар уонна үөрэнээччилэр Саха сирин историятын, дьонун-сэргэтин, олоҕун-дьаһаҕын туһунан ыйыталаспыттара. Ыалдьыттар бэйэлэрин республикаларын, кини сиртэн хостонор баайын туһунан, государствоҕа эти, үүтү, түүлээҕи, оннооҕор бурдугу, оҕуруот аһын тутталларын туһунан кэпсээбиттэрэ…

…Матвей Семенович Гаврильев кэпсээнин ордук болҕойон уонна долгуйан олорон истибиттэрэ.

– Күндү оҕолор. Мин билигин икки дойдулаахпын: төрөөбүт Сахам сирэ уонна иккиһин төрөөбүт сирим эһиги Полтаваҕыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри мин эһиги сэлиэнньэҕитин 1943 сыллааҕы күһүҥҥүннэн күл-көмөр буолбутунан өйдүүрүм. Онтон эһиэхэ кэлээт чэлгийэ сайдар, эдэригэр түспүт Полтавщинаны, саҥа икки этажтаах оскуолаҕа үөрэнэр дьоллоох оҕолору көрдүм. Бу миигин үөрдэр. Мин оҕолорум эмиэ маннык оскуолаҕа үөрэммиттэрэ уонна дьоллоохтук-соргулаахтык олороллор. Мин эмиэ итинник дьолу баҕарабын.

Биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэригэр суруйуҥ, оччоҕо бэйэҕитигэр үгүс туһалааҕы билиэххит.

Көрсүһүү бүтүүтүгэр М. С. Гаврильев оскуолаҕа сахалыы уус-уран орнаменнаах чороону бэлэхтээбитэ. Оҕолор ыалдьыттарга сибэккилэри уонна кинигэлэри туттарбыттара.

Күһүҥҥү мастар үйэлээх уот төлөнүн өҥүнэн кытыасталлара, араҕас сэбирдэхтэр харах уутун курдук буойуннар братскай ииннэригэр таммалыыллара. Биһиги дойдубут элбэх норуоттарын уолаттарын ааттара гранит тааска көмүс буукубаларынан күлүмүрдүүллэрэ…

Дмитрий Бровар,«Заря Полтавщины» хаһыат бэйэтин корреспондена,1983 с.

Аҕам барахсан

Улуу Кыайыы Өрөгөйдөөх үөрүүлээх 60 сыллаах үбүлүөйэ чугаһаан истэҕин аайы аҕам барахсан туһунан ахтан-санаан ааһар кэмнэрбит үксээн иһэр.

Аҕам Гаврильев Матвей Семенович, Өктөөп революцията буолбут сылыгар орто бааһынай дьиэ-кэргэҥҥэ үһүс оҕонон төрөөбүтэ.

Кини олоҕо төһө да эрэйдээҕин-кыһалҕалааҕын иһин, бэйэтин сүрдээх дьоллоох киһинэн ааҕынара. Майгыта сымнаҕаһа, көссүөтэ-сэмэйэ кини үйэтин уһатан дьоллоох олоҕу олорон ааспыта.

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ убайын Мэхээлэ кэнниттэн 1942 с. ыҥырыллан барбыта. Убайа Мэхээлэ 1941 с. ыҥырыллан баран Смоленскай аттынааҕы кыргыһыыга сураҕа суох сүппүтэ, ону дойдутугар кэлэн баран билбитэ.

Аҕам сүрдээх сэһэннээх-кэпсээннээх, элбэҕи билбит-көрбүт буолан, олох хардыытын сөптөөхтүк өйүгэр-санаатыгар ырытан, үтүө санаа кынаттанан бар-дьоҥҥо тиэрдэрэ. 1943 с. атырдьах ыйын 31 күнүгэр Полтавскай уобаласка Гадячскай райоҥҥа «Холоднай» диэн дэриэбинэни босхолуур иһин кыргыһыыга араанньы буолбутун, билбэккэ өлбүтүн туһунан дьонугар биллэрии ыыппыттар. Аҕата оҕонньор улахан оҕолорун сүтэрэн аһыыга баттатан эстэр аҥардаах Нам нэһилиэгэр киирэн үс кыра оҕолорун кытта олордоҕуна аҕам 1946 с. Приморскай кыраайтан, үс сыл шахтаҕа үлэлээн баран эргиллэн кэлэн, дьонун-сэргэтин өрө таппыта. Ыал буолан түөрт оҕону төрөтөн быр бааччы олорон эрдэхтэринэ ийэбит эрэйдээх ыарыһахтаан күн сириттэн күрэммитэ.

Ийэм, Куприянова Мария Ивановна, олус сытыы-хотуу, хоһуун үлэһит этэ, сэрии ыар сылларыгар, 1943-1944 сылларга, Үөһээ-Бүлүүттэн Мухтуяҕа дылы сылгы үүрүүтүгэр, соҕотох кыыс, биэс орто саастаах эр дьону кытта айаннаан, 50-ча аты айааһаан миҥэ көлө оҥорон, бириистэҥҥэ баржаҕа киллэрэн турарын аҕам кэпсиирэ. Ол курдук түөрт сии-кырбас оҕолоох аҕам огдообо хаалбыта. Хата оччолорго детсад аһыллан кыра оҕобут иккитин туолар-туолбат сылдьан ылыллан абыраммыта, улахан быраатым оскуолаҕа киирэ илигэ, мин балтыбынаан интернатка тастан аһыырбыт, хаһаайыстыбабытын көрөрбүт. Аҕабыт сүөһү аһатыытыгар хара сарсыардаттан киэһэ хойукка дылы фермаҕа үлэлиирэ. Оччотооҕу холкуос үлэтэ күн тахсыан инниттэн саҕаланара күн киириэр дылы. Аҕабыт сүрдээх сымнаҕас майгылаах буолан өрүүтүн биһиэхэ холобур буолара, кини сэһэнэ-тэппэтэ киирдэҕинэ түүн үөһүгэр дылы истэрбит. Кини үлэтигэр биирдэ хойутаабытын-өрөөбүтүн ейдөөбөппүн, биһиги эмиэ оннук өйгө-санааҕа иитиллэн үөскээбиппит. Бөҕө санаалаах өрүүтүн үчүгэйи эрэ холобур туттан, биһигини барыбытын атахпытыгар туруорбута, чөл өйүнэн, кыаҕа баарынан киһи буоларбытыгар бары дууһатын ууран ииппитэ. Кини ыра санаата туолан төрдүөн араас идэлээх-үөрэхтээх дьон буолан бар дьоммутугар үтүө сайдам санаалаах үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

Мин математик учууталбын, балтым Наталия Матвеевна Якутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын преподавателя, тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата, иккиэн Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна диэн значогунан наҕараадаламмыппыт, улахан быраатым Константин Матвеевич хирург-стоматолог идэтин баһылаан үлэлээбитэ, билигин кини суох, күн сириттэн ыалдьан күрэммитэ. Кыра быраатым Николай Матвеевич Мирнэй куоракка олорор, военнай-подполковник. Бары ыал буолан оҕо-сиэн көрөн этэҥҥэ сылдьабыт.

Аҕабыт Матвей Семенович, сиэни сыллыыр дьолу билэн, билигин этэҥҥэ олохпутунан уйдаран 83 сааһыгар дылы күн сирин үөрүүтүн, дьолун-соргутун үллэстэн биир үтүө олоҕу олорон аастаҕа. Төһөннөн сааһыраҕын да аҕабыт барахсан муударай өйө-санаата бэриллэргэ дылы. Биир саха сэмэй киһитэ итинник олоҕу олорон аастаҕа. Кини кэрэ мөссүөнэ өрүүтүн биһиги олохпут устатын тухары дууһабытыгар иҥэн сылдьыаҕа.

Кыыһа Дария Матвеевна Гаврильева, Нам нэһилиэгэ ыам ыйын 5 күнэ, 2005 сыл.

Куприянова Мария Ивановна оҕолорун кытта.
Куприянова Мария ийэтэ Софронова Екатерина Ефимовналыын.