Далыгыров Прокопий Афанасьевич

1917 с. Нам нэһилиэгэр Далыгыров Афанасий Гаврильевич дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. «Чолбон» холкуоска киирэн үлэлээбитэ. 1941 с. сэриигэ ыҥырыллыбыта. Байыаннай пересыльнай пуун докумуоннарыттан көрдөххө 1942 с. кулун тутар 3 күнүгэр 586-с военнай чаастан ыалдьан 2694 нүөмэрдээх эвакогоспитальга киирбит. 1942 с. муус устар 24 күнүгэр 48 запасной полкаҕа Волховскай фроҥҥа ыыппыттар.

(ЦАМО ф. Волховский ВПП, о. 530771, д. 43399)

1943 с. тохсунньу 24 күнүгэр Ленинградскай уобалас Тосненскай оройуон Егорьевка дэриэбинэтигэр 281-с стрелковай дивизия, 1062-с стрелковай полкатыгар автоматчиктар роталарыгар сэриилэһэ сылдьан өлбүт. Дубровка бөһүөлэгэр баар “Часовня” братскай могилаҕа иккистээн көһөрүллэн көмүс уҥуоҕа хараллыбыт.

(ЦАМО ф. 58, о. 18001, д. 293)