Докторов Иван Игнатьевич

1906 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха төрөөбүтэ. «Кыһыл үлэһит» холкуос председателэ. Сэриигэ барарыгар кэргэнэ Анна түөрт оҕолоох хаалбыта.
1941 с. сэриигэ ыҥырыллыбыта, Соҕуруулуу-Арҕааҥы фронт (ЮЗф) 21-с Армия, 81-с стрелковай дивизия, 53 стрелковай полкатыгар сэриилэспитэ. 1943 с. дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.
1946 с. атырдьах ыйын 26 күнүгэр «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Германияны кыайыы иһин» мэтээлинэн, 1968 с. бэс ыйын 12 күнүгэр «Албан аат» III истиэпэннээх уордьанынан, 1985 с. муус устар 6 күнүгэр «Аҕа дойду сэриитэ» I истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.
1993 с. өлбүтэ.

Ахтыы

Мин 1906 с. балаҕан ыйын 20 к., уруккута Бүлүү уокуругар Нам нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Революция саҕана мин оҕо сааһым ааспыта. Саха сиригэр советскай былаас туругурарыгар үлэни кыайыахпыттан үлэһит буолан кыттан барбытым.

1924 с. бэйэм ыал буолбутум, кэргэммин Аннаны кытта холбоспотум. Онтон ылата кэргэмминээн тэҥҥэ кырдьан бэс ыйыгар ыал буолбуппут 60 сылын туолбута. Бу былаһыгар дьоллоохтук олордубут. 5 оҕону иитэн үлэһит оҥордубут. Револий Иванович Оройуоноҕа методист, үрдүк үөрэхтээх тыл учуутала, Володя шофер, Алексей тутуу инженера, Роза – фельдшер, Рая эргиэн үлэһитэ.

Бэйэм 1930 с. дойдубар «Кыһыл үлэһит» диэн колхоһу тэрийсибитим, 3 киһинэн чилиэн буолбутум, онтон ыла 1941 с. армияҕа барыахпар диэри холкуоспар староста, биригэдьиир, председатель дуоһунастарыгар үлэлээбитим. Холкуоспар стахановскай хамсааһыны саҕалаһан, колхоһум бөҕөргүүрүгэр күүһүм кыайарынан үлэлээбитим. 1941 c. балаҕан ыйын 1 күнүн мин субу баардык өйдүүбүн. Ити күн «Субуу боруута» диэн сиргэ оттуу сырыттахпына, Ийэ дойду көмүскэлигэр ыҥырар бэбиэскэлэри туттартаабыттара. Киэһэ ходуһаттан дьиэбэр тахсан билбитим, биһиги «Кыһыл үлэһит» холкуоспутуттан 20 киһиэхэ итинник бэбиэскэ кэлбит этэ. Өйүүнүгэр оройуон киинигэр баар буолуохтаах этибит. Сарсыныгар дьиэбитигэр өрөөн барарга бэлэмнэммиппит, дьоммут хайдах туох тэринэн олоруохтаахтарын, кыстыахтаахтарын туһунан сүбэлэспиппит. Өйүүнүгэр сарсыарда эрдэ туран барыахтаах дьон бары Табыисовтаах дьиэлэрин таһыгар мустубуппут.

Алдьархайдаах сэрии саҕаламмытын кэннэ, «Кыһыл үлэһит» холкуостан бастакынан бу биһиги ыҥырыллыбыппыт. Биһигини атаара нэһилиэкпит, холкуоспут элбэх дьоно мустубуттара. Кинилэр ортолоругар кырдьаҕастар, кыракый оҕо көтөҕүүлээх ийэлэр үгүс этилэр. Дьоммут биһигини өстөөхтөрү кыайан-хотон, этэҥҥэ эргиллэн кэлэрбитигэр алгыы, ытаһа хаалбыттара.

Мин кэргэним Анна 4 кыра оҕотун кытта хаалбыта. Обургу оҕолорум Володя, Рево оскуолаҕа үөрэнэллэрэ, онтон Алеша уонна Роза дьааһыла дьоно этилэр.

Миигин кытта фроҥҥа аттаммыт 19 киһи бары даҕаны эдэр чэгиэн, холкуос төһүү үлэһиттэрэ этилэр. Үгүстэрэ кэргэнэ, оҕото суох эдэркээн ыччаттар этилэр. Арай Михаил Ботуев-Тоҥус икки оҕолооҕо. Кини ыччаттара билигин ыал аҕалара, совхоз төһүү үлэһиттэрэ. Саамай аҕа саастаахтара мин. Мин 36 саастааҕым, Тимофей Маччасынов 35 саастаах этибит.

Дьэ ити курдук өйүүнүгэр сарсыарда сатыы оройуон киинигэр киирбиппит, онно биһиги атын нэһилиэктэртэн ыҥырыллыбыттардыын барыта 360-ча буолбуппут, Сунтаар, Ньурба, Бүлүү дьоннорунуун 4 группа буолан. Бука барыбытын баржанан Якутскайга илдьибиттэрэ. Онно биир хоммуппут кэннэ «Комминтерн» борокуотунан ыыппыттара. Кыра баржанан айаннаан кэлбит дьоннор борокуоппут улахана сүрдээҕэ. 5-тии буолан биирдии каюта5а айаннаабыппыт.

Иркутскайтан сорохпутун Улан-Удэҕэ, биһигини Мальтаҕа ыыппыттара. Онно били миигин кытта ыҥырыллыбыт колхоһум дьоно бары бииргэ түбэспиппит.  Үс ыйга үөрэнэн баран фроҥҥа ыытыы буолбута.

1942 с. тохсунньу саҥатыгар соҕуруулуу-арҕаа фронт 21 армиятын 81 дивизиятын 53 нүөмэрдээх стрелковай полкатыгар түбэспиппит.

Сонно Белгород куорат туһаайыытыгар Волобуевка, Сашино дэриэбинэлэри босхолооһуҥҥа кыттыбыппыт. Ити биһиги уоттаах сэриигэ аан бастаан сүрэхтэниибитинэн буолбута. Мин итиннэ минометчигынан сылдьыбытым. 16 күн устата тохтоло суох кыргыһыыга сылдьыбыппыт. Били табаарыстарбытыттан сорохторун элэгэс көрсөн ааһыталыр этим. Алексей Мохтуяховы, Илья Петрову, Тарас Егоровы көрсүтэлээбитим. Элбэхтик сэһэргэһэр бириэмэ суоҕа. Бэйэ бэйэбитин көрсөн өлүөр сылдьарбытыттан үөрүүлээх эрэ хааларбыт. Ити сылдьан мин дэриэбинэни босхолуу да иликтэринэ олунньу ый ортотугар хаҥас илиибэр оскуолкаҕа таптаран, Воронеж куоракка госпитальга ыыппыттара. Госпитальга тиийэн эмиэ бааһыран кэлбит Степанов Василийы-Буучугураһы көрсүбүтүм. Кини өттүгэр улаханнык бааһырбыт этэ, атын мэндиэмэҥҥэ сытара. Биирдэ киниэхэ палататыгар тиийбитим суох этэ. бииргэ сытар дьонноро табаарыһыҥ барбыта диэбиттэрэ. Бука, бааһырыыта улаханын иһин атын госпитальга ыыттахтара буолуо. Кэлин кинини көрсүбэтэҕим. Степанов Василий сэрии хонуутуттан дойдутугар эргиллэн кэлбэтэҕэ.

Эмтэнэн, үтүөрэн муус устар ый саҥатыгар иккиһин фроҥҥа барбытым. 38 армия 343 дивизиятын 1155 нүөмэрдээх стрелковай полкаҕа түбэспитим. Сотору Харьков куорат туһаайыытыгар Изюм куорат оборонатыгар ыытыллыбыппыт. Олохтоохтор советскай буойуннары олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, дьиэлэриттэн араас аһы таһаара-таһаара күндүлүүллэрэ. Ити куорат оборонатыгар сылдьан эмиэ бааһыран, Пугачев куоракка госпитальга ыытыллыбытым. Бааһырыым улахан буолан өр сыппытым. Күһүнүгэр алтынньы ый саҥатыгар дойдубар эргиллэн кэлбитим.

Дойдубар кэлиэхпиттэн төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэкпэр өр сылларга холкуос председателинэн уонна кэлин араас үлэҕэ үлэлээбитим. Ыар сэриииттэн этэҥҥэ эргиллэн кэлэн, аныгы дьоллоох олоҕу уһансыбыппыттан бэйэбин муҥура суох дьоллооҕунан ааҕынабын

Улуу Кыайыы 40 сыла улам чугаһаан иһэр. Ол аайы мин сэрии толоонуттан эргиллибэтэх, Ийэ дойдуларын иһин, билиҥҥи дьоллоох байылыат олох иһин сырдык тыыннарын толук уурбут табаарыстарбын саныыбын. Ол 1941 с. балаҕан ыйын 1 к. миигин кытта фроҥҥа ыҥырыллыбыт 20 киһиттэн 4 киһи дойдубут буоругар үктэммиппит. Эргиллибиттэртэн: Тарас Егоров, Михаил Ботуев, Харлампий Анемподистов кэлин дойдуларыгар кэлэн баран ыалдьан өлбүттэрэ. Онтон 16 буойун эргиллибэтэҕэ. Бу бааллар сэрии толоонугар охтубут ол хорсун буойуннар сырдык ааттара: Табыисов Евсей, Софронов Прокопий, Ефимов Николай, Васильев Леонтий, Иванов Дмитрий, бырааттыы Илья, Павел Петровтар, Петров Герасим, Александров Кирилл, Маччасынов Тимофей, Егоров Никомор, Атаманов Григорий, Ботуев Матвей, Мохтуяхов Алексей, Васильев Петр, Кардашевскай Илья.

Аҕа дойду сэриитигэр «Албан аат» 3 истиэпэннээх уордьанынан, «Германияны Кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмытым. Сэрииттэн 1942 с. алтынньыга иккитэ араанньыланан сыыйыллан дойдубар кэлбитим. 1943-1952 сс. диэри бэйэм тэрийсибит «Кыһыл үлэһит» холкуоспар председателлээбитим. Ити сылга холкуос государствоҕа бурдугу заготовкалааһыҥҥа үрдүк көрдөрүүлэрин иһин таб. Сталинтан махтал сурук ылбыппыт.

1983 с. алтынньы ортотуттан сэтинньи 7 күнүгэр диэри биһиги нэһилиэктэн 12 сэрии ветераннара нэһилиэк сельскэй советын председателэ Наумов Дмитрий Федосеевич көҕүлээһининэн сэриилэспит сирдэрбитигэр баран кэлбиппит.

Сэрии бэтэрээнэ Иван Игнатьевич Докторов, Дьокуускай, 1985 сыл.

«Албан аат эһиэхэ, Улуу Кыайыыны уһансыбыттарга!» брошюраттан

Кыайыыны уһансыбыта
(кылгатыллыбыт)

Бүгүн кэпсиир ытык кырдьаҕаһым 87-с хаарын санныгар түһэрэн уулларан эрэр Иван Игнатьевич Докторов. Кини сиэрэй синиэли кэтэн, рядовой саллаат олоҕун аһыытын-ньулуутун толору амсайбыта. Онтон саамай хомойоро диэн баар, хотторуу-чугуйуу кэмигэр толору сылдьыһан баран, кыайар- хотор, өстөөҕү үүрэр кэмҥэ ыараханнык бааһыран хаалбытытган. Илиитигэр-атаҕар чахчы күүстээх, кыанар саха уола Иван Докторов саллааттар, командирдар киэн туттар саллааттара этэ. Сэрии иннинэ биригэдьиирдээбит, правление чилиэнэ буолан нууччалыы додо кэпсэтэрэ, биир дойдулаахтарыгар дурда-хахха буолара.

 Ол туһунан полк командира В.Г.Лукьянчиков 1984 с. Ленин уордьаннаах Москватааҕы Байыаннай уокурук «Красный воин» хаһыатыгар ахтыыта баар:

«Ытыалаһыы быыһыгар кыһыл армеец Иван Докторовы кытта кэпсэппиппин үчүгэйдик өйдүүбүн.

 – Биһиги, саха саллааттара, хас биирдиибит уон биэстии өстөөҕү өлөрөргө андаҕар бэриммиппит, — диэбитэ Иван Докторов. – Итинтибитин биһиги хайаан да толоруохпуг. Аҥардас Сажное бөһүөлэк иһин кыргыһыыга өстөөх биэс уонча саллаатын суох гыннылар. Кинилэр дойдуларыгар да чулуу булчуттарынан биллэллэрэ.

  •   Онтон эн хас фашиһы сууһардыҥ? – мин ыйытабын.
  •   Сажное бөһүөлэк иһин кыргыһыыга минометунан өстөөх пулеметын точкатын суох оҥордум. Онтон уонча саллааты охтордум.

Биһиги бу кэпсэтиибит 1942 с. тохсунньутугар буолбута. 81-с стрелковай дивизия полкатын састаабыгар сылдьан, Курскай уобалаһы босхолоспуппут. Биһиги ортобутугар Сибиир уолаттара элбэх этилэр. Кинилэр хорсун сэрииһиттэр, бэргэн ытааччылар. 90 күннээх кыргыһыыга өстөөх 70 танкатын, наһаа элбэх саллаатын суох оҥорбуппут. Минометчик Иван Докторов бастыҥнартан биирдэстэрэ этэ. Ити сыл атырдьах ыйын ортотугар Докторов ыараханнык бааһырбыта».

Дойдутугар кэлэн «Кыһыл үлэһит» холкуоска өр сылларга председателинэн үлэлээбитэ.

А. Васильев

Попова-Харабынова Е.Е. «Балаҕаннаах – төрүт сирбит» кинигэттэн

«Дорогой Иван Игнатьевич!

Уважаемый Дмитрий Федосеевич!

Огромное вам спасибо за тёплые слова и добрые пожелания, которые высказаны в письме на моё имя. Я безмерно рад встрече, имевшей место в гостинице «Россия». Неизгладимое впечатление останется в моём сердце на всю жизнь. Как-никак, вместе воевали, вместе испили все невзгоды самого тяжелого периода Великой отечественной войны – отступления по всему фронту. У нас не хватало оружия, снабжения тоже нормального не было. Питались кто-как мог. Никаких средств усиления (ни танков, ни артиллерии, ни авиации). Фланги оголённые, но стояли наши героические воины 81-й стрелковой дивизии насмерть. Такие кровопролитные бои воины-пехотинцы вели за села и хутора Курской области. 0зерово, Нечаево, Сажное, Чурсино. Невозможно забыть бои в марте, апреле, мае, июне месяцах 1942 года на Харьковском направлении, то были дни и ночи жарких сражений. Враг упивался победами, а наши воины обливались кровью и умирали преграждая своими телами продвижение фашистских захватчиков. Таковыми были бойцы якуты. Их 81-я дивизия получала тогда в составе маршевых рот. Они не только приостановили продвижение мощных моторизованных группировок в районе Изюм-Барвенково, но уничтожив 75 танков, заставили, противника отказаться вести наступательныө операции на участке фронта, который обороняли героические полки 81 сд. Вечная Албан аат воинам-якутам. Они своим подвигом обессмертили навсегда свой народ, свою родину-мать. Это мое письмо-всплеск памяти, вызванной нашей встречей с дорогим Иваном Игнатьевичем. Счастья ему и здоровья на многие лета! Искренне ваш В. Г. Лукьянчиков