
1943 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. Японияны кытта сэрии кыттыылааҕа. Забайкальскай фроҥҥа Улан-Церковскай гарнизон, 36-с Хинганскай Кразнознаменнай мото-стрелковай дивизияҕа 76-с стрелковай полкаҕа санитарынан, стрелок-пожарнигынан сулууспалаабыт.
02.09.1945 с. балаҕан ыйын 2 күнүгэр «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
1945 с. демобилизацияламмыт. Сэрии кэнниттэн Үөһээ Бүлүүтээҕи нефтебазаҕа сэбиэдиссэйинэн, райзо агромелиораторынан, лесхоз леснигынан, АГРЭ плотнигынан, 1956 сылтан «Нюрбинскай» совхоз рабочайынан үлэлээбит. 1994 с. өлбүт.
