Долгунов Николай Дмитриевич

1927 с. Күүлэткэ төрөөбүт. 1945 с. Армияҕа ыҥырыллыбыт. Забайкальскай фроҥҥа сулууспалаабыт. 1951 с. кэлбит. Николай Дмитриевич 1927 с. Үөһээ Бүлүү оройуонугар I-Күүлэткэ төрөөбүтэ. 1935 с. Мэйик оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1941 с. Далыр оскуолатыгар 5 кылааһы бүтэрбитэ. 1944 сылга дылы Осипенко холкуос чилиэнэ. 1944-45 сс. Үлэ фронугар Сангарга сылдьыбыта. 1945 сылтан 1951 с. дылы Советскай Армияҕа сулууспалаабыта. 1951-59 сылга дылы оройуон араас тэрилтэлэригэр араас үлэлэргэ сылдьыбыта. 1959-69 сылга диэри тохтоло суох стройучастокка плотниктаабыта. 1969-82 сылга дылы лесхозка лесниктаабыта. 1982 с. пенсияҕа барбыта. 6 кыыс оҕолоох этэ, сиэннэрдээх.