
1899 с. Хоро нэһилиэгэр төрөөбүт. Холкуостаах. 1942 с. Ньурба военкоматынан сэриигэ ыҥырыллыбыт. 153 танковай бригадаҕа сэриилэспит. 1943 с. дойдутугар эргиллэн кэлбит. 1945 с. ыам ыйын 9 күнүгэр «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Германияны кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт. 1983 с. өлбүт.
Ахтыы
Мин аҕам Егоров Иван Семенович 1899 с. Үөһээ Бүлүү Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэрэ Өрүүнэ, Дьуона, Өлөксөй, Эҥиэнтэй диэннэр. Оҕо саастара Хоро Харыйалааҕар ааспыт. Эдэр эрдэҕинэ “Кыһыл Бэрэ” диэн холкуоска үлэлээбит. Бииргэ төрөөбүт бырааттарыттан мин аҕам соҕотох Аҕа Дойду сэриитин кыттыылааҕа, Дьуона эрдэ өлбүт, Өлөксөй Эҥиэнтэйдиин Чолбон холкуоска үлэлээбиттэр. Аҕам 1942 с. РККА Ньурба райвоенкоматынан ыҥырыллан уоттаах сэриигэ барбыт. Ол баран, кылгас “учебка” кэнниттэн Ржев куорат оборонатыгар уоттаах сэриигэ киирбит. 153 танковай бригада пехотатыгар сэриилэспит. Сэрии кэмин маннык диэн кэпсиирин өйдөөн хаалбыт аҕыйах түгэнтэн.
Аҕам барахсан этэр этэ: «Тоойуом, сэрии диэн улахан алдьархай, өлүү-сүтүү… Танка кэнниттэн атакаҕа киирэн иһэн ким өлбүтүн, ким тыыннааҕын билбэккин. Тула буулдьа, снаряд эстэр тыаһа, таптарбыт дьон сылбах курдук охтоллор, бадараан, буруо. Ханна бараргын билбэккин. Биир кэм бинтиэпкэннэн ыта-ыта иннин хоту сүүрэҕин… куруук аччыккын. Уу суох, утатан чалбахха умса түһэн омурдумахтаан ылаҕын, уонна туран эмиэ сүүрэҕин. Хараҥа буоллаҕына сэрии уота уҕарыыр, оччоҕо окопа хастан онно сытабыт, кыра килиэп, тымныы уу түҥэтэллэр. Өлө сытар аттар тастарыгар түбэстэххэ, тоҥмут ат этин быһан үөсэнэр этибит, ол син сэниэ биэрэрэ. Элбэх дьиэ умайа турар, син сырдык курдук. Ол сырдыгар саабын ыраастанабын. Түүн ниэмэстэр ол умайа турар дьиэлэр кэннилэриттэн ытыалыыллар. Сарсыарда сырдаан эрдэҕинэ эмиэ “атакаа” диэн хамаанда буолар… ». Бэрт өр итинник күнүс атака, түүн тоҥ буорга окопаҕа сыппыттар. Кэнники Ньурба киһитэ Акыымап Байбал диэн саха киһитин көрсөн бииргэ сылдьыбыттар. Кинилэргэ ручной пулемет туттарбыттар, ол ыйааһына ыарахана бэрдэ үһү. Санныларыгар сүгэн сүүрэллэр үһү. Онтон киэһэ “катюшалар” ытыалыыр буолбуттар. “Ол ону көрүөххэ кэрэ да этэ, үөрэн аҕай буоларбыт, “катюшаларбыт дьааһыйан” эрэллэр“ дэһэллэрэ үһү ол доҕор киһитинээн. Биирдэ окопаҕа олордохторуна аттыларыгар снаряд түһэн эстибит. Хата арыый тэйиччи буолан кинилэр тыыннаах хаалбыттар. Окопаҕа сытааччылартан хас да киһи өлбүт, үгүстэр бааһырбыттар. Аҕам атаҕар ол снаряд оскуолката кэлэн түһэн бааһырбыт… хаамар-сүүрэр, атаҕар турар кыаҕа суох буолбут. Бааһырбыттары госпиталга илдьибиттэр. Мин аҕабын эмиэ ылбыттар. Госпиталь диэннэрэ дьиэ, сымнаҕас орон буолуо баара дуо… Аһаҕас халлаан анныгар, хонууга. Арай ытыалаһыы суох, сэрии тыаһа син ыраах ньиргийэн иһиллэр, уота-буруота көстөрө үһү. Санитардар диэннэр кэрийэ сылдьан аһаҕас халлаан анныгар сытар дьону бэрэбээскэлииллэр, күҥҥэ биирдэ “полевой кухня” диэн тэлиэгэлээх ат кэлэр үһү. Убаҕас хааһы, килиэп, уу түҥэтэллэр үһү. Аҕам хаамар кыаҕа суох сытар буолан котелогун биир хара омук илдьэн хааһы аҕалара үһү, “аҕалан иһэн аҥаарын омурдан кэлэр, ону туох диэҥий” диэхтиирэ. Ол аһаҕас халлаан анныгар госпиталга сытан аҕам бааһырбыт атаҕа сүһүрэн, аччыктаан, тоҥон быһар быһаҕаһа эрэ хаалаахтаабытын атын госптталга тиэйбиттэр, сэрии суох сиригэр. Ити 1942 сыл ахсынньы саҕана. Муус устар ыйга дылы хас да сиргэ сытыаран баран хата “сэриилэһэр кыаҕа суох” диэн комиссия быһааран дойдутугар ыыппыттар. Үгүстэри уоттаах сэриигэ төттөрү ыыталлара эбитэ үһү… Аҕам “үтүө санаалаах быраас быһааран, бу дойдубар тыыннаах кэлэн олоробун” диэхтиирэ. Иккистээн сэриигэ кииртэ буоллар тыыннах эргиллибэтин өйдүүрэ, миигин сыллыыра “оҕом эн төрүүр дьылҕан уот сэрииттэн төттөрү ыыттарбыт” диир этэ. Аҕам сэрииттэн кэлэригэр түөһэ барыта килэйэр мэтээлэ суох этэ. Ол барыта кэнники эйэлээх олоххо “ветераннарга сүгүрүйүү” буолтун кэннэ тэриллибитэ. Кини наҕараадалара диэн эрдэ бэриллибиттэр “Инвалид отечественной войны №94 1945г», мэтээл «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Германияны кыайыы иһин» от 9 мая 1945, удостоверение «За участие в Великой Отечественной войне 1941-1945» от 9 апреля 1947, уонна 20, 25, 30, 50, 60 сс. Үбүлүөй мэтээллэрэ. Сэрииттэн этэҥҥэ тыыннаах эргиллэн кэлэн баран дойдутугар Хороҕо “Кыһыл Бэрэ” холкуоска үлэлээбит. Онно кэлбит кытайдартан үөрэнэн колкуозка оҕуруот олордуунан хас да сыл дьарыктаммыт (турнепс, эриэппэ, морковь, араас оҕуруот аһа). Аҕам сэриигэ барарыгар кэннигэр түөрт оҕону кытта кэргэнэ Өлөөнө хаалбыт. Сэрииттэн кэлэригэр оччотооҕу аас-туор олоххо хаалан кэргэнэ ыарыһахтаан икки оҕото өлөн 2 эрэ оҕо көрсүбүттэр. Ол да икки оҕо тулуйаахтаабатахтар. Корь ыарыытыттан биирэ 3, биирэ 4 саастарыгар биир түүн быстыбыттар. Кэргэнэ Өлөөнө ол кэннэ өр буолаахтаабатах. Аҕам эрэйдээх “чороҥ соҕотох” хаалбыт. Быраата Егоров Алексей Семенович Нам нэһилиэгэр “Чолбон” колкозка бэрэссэдээтэллии олорон аҕабын бэйэтигэр Хороттон Намҥа көһөрөн ылбыт.
Бурдук үлэтигэр үлэлэппит. Бурдук ыраастааһына, куурдааһына үлэҕэ. Ол сырыттаҕына мин ийэбин кытта быраата Өлөксөй кэпсэтииннэн холбообут. Ийэм бэйэтэ үс оҕолоох тулаайах эбит. Онон икки содулугар тулаайах хаалбыт дьон холбоһон олорбуттар, онтон 1950 мин Александра Ивановна төрөөбүппүн. 1949 сыллааҕыта мин иннибэр биир кыыс оҕону эмиэ корь ыарыы илдьэ барбыт… уопсайынан оччолорго “оҕо турбат дьыллара-күннэрэ” эбит – аҕам маҥнайгы кэргэнигэр тоҕус оҕо төрөөн төннүбүт, ийэбэр кэлтин кэннэ өссө биир… Бааллара буоллар 11 бииргэ төрөөбүттэрдээх буолуом эбит, ону баара уон оҕо сэрии “ыар сылларын тыына хаарыйан” суох буолтар… Мин аҕам оҕолоруттан соҕотохпун… Аҕам ииппит, ийэм оҕолоро үстэр. Кинилэр эмиэ сэрии тыына хаарыйбыт дьоно, эдьиийим Дора, иитийэх убайым Сиэнкэ аҕалара сэрииттэн төннүбэтэхтэр. Рая диэн эдьиийим аҕатын хаайыыга илдьэ барбыттара эмиэ төннүбэтэх. Сэрии бүтэн, дьоллоох олоххо үктэммит дьон биһиги бары үөрэнэн, үлэһит буолан ийэлээх аҕабыт таһыгар үөрэ-көтө улаапыппыт, тэнийдибит. Сыл аайытын Улуу кыайыы күнүгэр өрөгөй кэмигэр аҕам барахсан сэрии сылларын санаан, эргиллибэтэх доҕотторун, күрэммит оҕолорун ахтан уйадыйара аҕай… Кини эппит тылларын кытаанахтык өйдөөн хаалбыппын. “Тоойуом, сэрии диэн алдьархай, иэдээн! Умнума мин кэпсиирбин! Өскө сэрии буолбатаҕа буоллар эһиги элбэх да буолуо этигит, ону баара күҥҥэ көрбүт оҕом Эн суос соҕотоххун… Кинилэр олорботох олохторун олороор, үлэлээбэтэх үлэлэрин ситэрээр!” диэхтиирэ, сыллыыра… Айбыт Аҕабар тапталым, махталым муҥура суох.
Кыыһа Егорова Александра Ивановна