
1945 с. олунньу 9 күнүгэр «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
1945 с. ыам ыйын 14 күнүгэр ылбыт бааһырыытыттан өлбүт. Польшаҕа Хойнице куоракка көмүллүбүт.

Сурук
«Германия сириттэн эҕэрдэ! Буойун Егоров төрөппүттэрэ уонна кэргэттэрэ, дорооболоруҥ! Мин эһиэхэ кини бойобуой доҕоро уонна бииргэ сэриилэспит киһитэ суруйабын. Төрөөбүт сирим эмиэ Саха сирэ, Амма оройуона. Биһиги иккиэн биир подразделениеҕа сыл аҥарын кэриҥэ сулууспалаабыппыт. Эһигини хайдах гынан уоскутуохпунуй? Ол эрээри көнөтүнэн уонна кырдьыгынан этэбин: Егоров Иев Григорьевич биһиги ортобутугар суох. Бу эһиэхэ саамай ыараханнык иһиллибит тылларын өйдүүбүн. Бу сэрии сиэртибэтэ, онно төһөлөөх аҕалар, бырааттар-убайдар, эдэркээн уолаттар уонна доҕоттор өлбүттэрэй. Ол иһин харах уутун таһааран наһаа ытаамаҥ-соҥоомоҥ, аралдьыйа-аһара сатааҥ. Бука диэн дьиэ кэргэттэргит ортотугар бэйэ-бэйэҕитин болҕойсуҥ, өй-санаа өттүнэн өйөһүҥ. Иев Григорьевич Амма оройуонугар 1940 с.учууталынан үлэлээбитин билэбин. Онон миэхэ эмиэ ыарахан этэ. Биһиги кинини Ийэ буоругар кистээбиппит. Икки төгүл наҕараадаҕа түһэриллибитэ. Егоров И.Г. туһунан кылгастык итинник иһитиннэрэбин. Мин аадырыһым маннык: Полевой почта 61426-Д, Сирдитов Дмитрий Ивановичка. Эһиэхэ үчүгэй доруобуйаны уонна дьолу-соргуну баҕарабын. Эҕэрдэни кытта Сирдитов Д. И. 1945 с. ыам ыйын 19 күнэ».
Дмитрий Иванович Сирдитов, Амма Абаҕатын киһитэ Германияттан ыыппыт суруга.
Сурук Бүлүүгэ байыаннай комиссариат сэрии сыллааҕы архивын фондатыгар уурулла сытар, копията Нам музейыгар баар. Бу Егоров И. Г. архив докумуонугар сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕыллар. Пулеметчик, младшай сержант Егоров И.Г. 1945 с. олунньу 14 күнүгэр өстөөх буулдьатыттан бааһырбыт (ЦАМО СССР основание: Ф 3356, ОП 2, д 13, №14, 57 л.90) Сирдитов Д.И. Амма оройуонун Омоллоон нэһилиэгэр бухгалтерынан үлэлии олорон 1942 с. бэс ыйын 11 күнүгэр бэбиэскэ туппута. “Егоров И.Г. хорсуннук кыргыспыта уонна үчүгэй доҕор этэ. Мин кини туһунан дьонугар 1945 с. суруйбутум”, — диэн ахтар Амма сэлиэнньэтин олохтооҕо, пенсионер, коммунист Дмитрий Иванович Гаврильев.
Д. И. Гаврильев “Өлбөт өрөгөй” диэн 1990 с. кинигэтиттэн кылгатан суруллубут.
