
1914 с. Нам нэһилиэгэр Даалыгыр Хабырыыл кэргэнигэр төрөөбүт. Кинини кыра эрдэҕиттэн Былахтаах Дьарааһын ылан ииттибит. МТС-ка бастыҥ тракторист быһыытынан биллэн, үлэтэ сыаналанан 1940 с. Москваҕа Саха сирин делегациятын састаабыгар киирэн Бүтүн Союзтааҕы тыа хаһаайыстыбатын выставкатыгар бара сылдьыбыт. «Чолбон» холкуос председателинэн үлэлии сылдьан 1941 с. сэриигэ барбыт. Байыаннай пересыльнай пуун докумуонуттан:1941 с. алтынньы 6 күнүгэр 86-с запасной стрелковай полкаттан 35-с запасной стрелковай биригээдэҕэ кэлбит, 1942 с. тохсунньу 8 күнүгэр 582-с военнай чааска ыыппыттар (ЦАМО ф. 8371, о. 64317, д. 1). Калининскай фронт 30-с Армия 348 стрелковай дивизия 1172 стрелковай полкатыгар сэриилэһэ сылдьан 1942 с. олунньу 10 күнүгэр өлбүт, Калининскай уобалас Тверскэй оройуонун, Кокошкина дэриэбинэҕэ көмүллүбүт. (ЦАМО ф. 7831, о. 254957, д. 1)
