Иванов Нил Герасимович-Мачаал

1898 с. Нам нэһилиэгэр Былаахтаах Дьарааһын диэн ыалга төрөөбүт. Кэргэнэ Иванова Екатерина Николаевна диэн. «Чолбон» холкуос биир актыыбынай чилиэнэ, сылгы ферматын биригэдьииринэн үлэлии сылдьан 1942 с. Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыбыт.

252-с стрелковай дивизия 932-с стрелковай полкатыгар сэриилэспит, 1942 с. алтынньы 3-20 күннэригэр Сталинград кыргыһыытыгар бааһырбыт, биир полкаҕа сылдьыбыт Дмитриев Алексей Дмитриевич эппитинэн, 1942 с. алтынньы 29 күнүгэр ылбыт бааһырыытыттан өлбүт.