1916 с. төрөөбүт. Кэнтиктэн төрүттээх. Кэргэнэ Намтан төрүттээх Далыгырова Федора Афанасьевна. 1942 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. Сталинградскай фроҥҥа 252-с стрелковай дивизия 932-с стрелковай полкатыгар сэриилэспит. 1942 с. алтынньы 24 күнүгэр кыргыһыыга өлбүтэ, Сталинградскай (Волгоградскай) уобалас, Грачевая балка, 5 км, Кузьмичи сэлиэнньэҕэ көмүллүбүтэ.
