Иванов Тимофей Павлович

1906 с. Ньурбаҕа төрөөбүт. 1944 с. Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыт. Забайкальскай фроҥҥа 21-с запасной артиллерийскай полкаҕа сулууспалаабыт. 1945 с. дойдутугар кэлбит.

Истиҥ иһирэх тылынан махтанабын ийэлээх аҕабар

Ииппит аҕам Иванов Тимофей Павлович, ийэм Кононова Матрена Даниловна иккиэн, кытаанах дьылҕалаах, улахан аһыыны көрсүбүт дьон холбоспуттар. Тимофей Павлович икки эмдэй-сэмдэй кыыс оҕолооҕо, Катя, Таня 3-4 кылааска үөрэнэллэрэ. Аҕам кэргэнэ Александраны уонна уол оҕотун сүтэрэн, аһыы бөҕөнү көрсөн эрэйдэнэр. Кыргыттарын атахтарыгар туруорар баҕата ыал буоллаҕына эрэ табыллыыһы диэн ыал буоларга сананар.

Ийэм барахсан Кононова Матрена Даниловна 1920 с. Ленинскэй оройуон Хаҥалас нэһилиэгэр Ынахсыкка төрөөбүт. Аҕата Большоев Данил, 8 оҕолооҕо. Ийэм ийэтэ кыра эрдэҕинэ өлөн, тулаайах аҥардаах буолан фермаҕа ыанньыксыттаан, от охсон, мунньан, мас мастаан, оҕуруокка үлэлээн, кыһын от тиэйэн үлэ бөҕөнү үлэлээбит. Ол охсон, аһыыта эбиллэн, ыарыһахтаан, уҥан охтор, наар иһэ ыалдьара. Ииппит аҕам араас оту хомуйан оргутан иһэрдэн эмтиирэ. Ийэм улам аматыйан барбыта. Харыстаһаллара, олус кыһамньылаах этилэр оҕолорун тустарыгар. Икки оҕолоро суох буолтун кэннэ, ийэм биһиги туспутугар өйүн-санаатын ууран олорбута. Үлэлиэн баҕарара да, сүрэх баастаах дьон, биһигини көрөн олорбута. Аспытын, таҥаспытын, доруобуйабытын көрөн олороохтообута. Уолаттарын сүтэрбит буолан, бу дойдуттан барыар дылы уолугар Толяҕа олорбута.

Төрөппүт аҕам Кононов Егор Кононович, эмиэ тулаайах эбит. Ийэбинээн ыал буолан, уолаттарын төрөтөн, оҕолонон-урууланан дьоллоохтук олорон испиттэрэ баара, кырыыстаах сэрии дьонум олохторун түҥнэри ытыйан кэбиспит. Аҕам сэриигэ барар. Сэрии кэмигэр ийэм уолаттара өлөллөр. Аҕам Москва аннынааҕы кыргыһыыга уҥа тыҥатыгар бааһыран, Орел, Сокол госпиталларыгар өр эмтэнэн, саккырыыр тыына төннөн кэлэр. Хатыҥ Сыһыы балыыһатыгар 3 сыл эмтэнэ сатыыр да 1947 сыл тохсунньу 10 күнүгэр сырдык тыына быстыбыт. Сынньата аҕабын дьиэтигэр көҥүллүүллэр эбит. Ийэм түөрт ыйдаах ыарахан хаалан, миигин төрөтөр. Ити курдук ыарахан дьылҕаланан ииппит аҕам, ийэм буолан дьылҕаларын холбообут эбиттэр диэн хайгыыбын.

Ииппит аҕам Тимофей Павлович, ийэм Мотрена Даниловна Намҥа олохсуйаллар. Манна да олох аһыытын, ньулуунун да билээхтииллэр. Аҕам барахсан Тимофей Павлович үлэһит үтүөтэ, майгылаах мааныта этэ. Ийэм да, аҕам да сэрии туһунан кэпсэтэри ыараханнык ылыналлара, сөбүлээбэттэрэ. Красноармейскай книжкатын көрдөххө, 21 запасной артиллерийскай полк диэн чааска сылдьыбыт. 1944 с. атырдьах ыйын 14 күнүгэр барбыт. 1945 сыл алтынньы 6 күнүгэр демобилизован диэн книжкатыгар суруллубут. Уоттаах сэриигэ сылдьыбатаҕым диирэ, онтон хомойбута бэрт быһыылааҕа.

Ийэлээх аҕам ыал буолан баран Намҥа кэлэн олохсуйаллар. Намҥа кэлиэхтэригэр диэри араас быһылааҥҥа түбэһэллэр. Тимофей Павлович улаханнык ыалдьан Мэйиккэ өлө сыһан баран Намы булаллар. Намҥа кэлэн баран МТСка үлэҕэ киирбит. Директор нуучча киһитэ Рудых Анатолий Северьянов этэ. Аҕам 5 кылаас үөрэхтээх буолан завхоһунан үлэлэтэллэр. Ласкин диэн нуучча бухгалтер баара. Аҕам рабочайдар үлэлэригэр нэрээт суруйар эбит. Хойут кырдьаҕастар нэрээти үчүгэйдик толороро, үлэбитин баттаабат этэ диэн махтаналлара. Аны көрүүчэй бочканнан баржаларга тиэллэн кэлэрэ. Аҕам ону тутара. Биэрэк олус ыраах этэ. Бочкалаах арыылары сыыр үрдүгэр төкүнүтэн таһаараллара. Туох да сүрдээх ыарахан үлэ этэ. Үөһэ үтүрүйэн таһааран баран нефтебаза олбуоругар үрдүк соҕус бочкалары сытыарар сиргэ таһаараллара. Убаҕас керосины насоһунан сыыр үөһэ буочкаларга сүүрдэллэрэ. Ити олус ыарахан үлэ буолара, онно рабочайдар бөҕө мустан үлэ күөстүү оргуйара. Дьахталлар эмиэ үлэлииллэрэ. Таҥастара көрүүчэй сытынан аҥылыйара, сонноро хап-хара аталаас курдук килбэйэрэ. Оҕо сылдьан дьуккаах ыалларбыт оҕолорун кытта аҕам үлэтин көрөөрү барсар этим. Оҕо сааһым нефтебаза олбуорун иһигэр, өрүс биэрэгэр ааспыта. Ити 50-52 с. быһыылааҕа. МТС кэлин РТС буолта, аҕам көрүүчэй биэрээччи оператор буолбута. МТСка үлэлиир кэмигэр Рудых, Ласкин аҕабын олус убаастыыллар этэ. кинилэри үтүктэн оҕуруот аһын олордор буолта. Ласкин кэргэнэ наһаа үчүгэй, сымнаҕас баҕайы буулка буһарара. Миэхэ ыытааччылар, эдьиийим Тонялыын сиэччибит. Эдьиийим миигин куруук батыһыннара сылдьааччы. РТС буолтун кэннэ Платонов Степан Николаевич аҕабын кытта наһаа үчүгэйдик үөрэ-көтө кэпсэтээччилэр. Аны санаатахха боростуой ыалга чэйдээн да тахсааччы. Аҕабын убаастыыр эбит этэ диэн өйдүүбүн. Аҕам нефтебазаҕа оператор эрдэҕинэ айан суоппардара түүннэри заправкаланан ааһаллара. Оччолорго айан дьоно элбэхтик сылдьаллара, аҕам айан дьонун аһынан түүн да диэччитэ суох. Кэлин СХТ буолан Үөһээ Бүлүүгэ көспүттэрэ. Аҕам харабынайга көспүтэ. Пенсияҕа да тахсан баран үөрэнэрбэр көмөлөспүтэ. Үөрэхтээх буоларбар аҕам өҥөтө улахан. Улаханнык махтанабын. орто оскуола кэнниттэн фермаҕа үлэҕэ таһаараллара. Аҕам барахсан Райкомолга киирэн көрдөһөн үөрэххэ ыыппыта. Оччотооҕуга Бырдакаров Валерий Афанасьевич секретарь этэ. «Тулаайах оҕону иитэ сылдьабын, аҕата сэрииттэн кэлэн баран өлбүтэ. Хайаан да үөрэттэриэхтээхпин. Бука баһаалыста көҥүллээ», – диэн көрдөспүт. Валерий Афанасьевич: «Көҥүллүүбүн, кимиэхэ да миигин көҥүллээтэ диэн кэпсээйэҕин», – диэбит. Валерий Афанасьевич аһыныгас сүрэхтээҕин онно билбитим. Дьэ ити курдук иитийэх оҕотун үөрэттэрээри кыһаллыбытын көрүөҥ. Аҕабар үйэм тухары махтаныам.

Кононова Клавдия Егоровна,

ииппит кыыһа, Норуот үөрэҕириитин туйгуна,

 Нам, Балаҕаннаах Бочуоттаах гражданина, Улуус Бочуоттаах педагога