
1901 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха төрөөбүт.
1943 с. Армияҕа ыҥырыллыбыт. Забайкальскай фроҥҥа 16-с Армия, 36-с стрелковай дивизия 76-с мотострелковай полкатыгар сулууспалаабыт.
1944 с. эргиллибит.
Ахтыы
Мин былыргы үһүс эһэм Сагайар Василий диэн үһү. Үгүс оҕолооҕун билбэтим, Леонтий диэн уоллаах. Бу Леонтий сэттэ уолаттардаах эбит уонна аҕыс кыыстааҕа үһү. Балар онно манна кэргэн барбыттар. Мин көрөрүм Ороһуга Чаллай диэн эмээхсин баара уонна Давыдовка баай Дабыдап ийэтэ уонна билэрим суох. Бу уолаттартан улаханнара Тохтой диэн эбит, бу Тохтойтон улахан уола Буска, мантан Тоҥус уонна Кууһума диэн уоллааҕа, Марыыска диэн кыыстааҕа. Иккис уола Бадыак Сэмэн, бу Сэмэн үс уоллааҕа: партизан Быралгы уонна Аврам Данил, Сүөдэк Николай, бу кэргэнэ суох. Үһүс Тиэрэйбэҥ Прокопий, биир уоллааҕын иитэргэ биэртэ убайыгар, түөрт кыыстааҕа, оччугуй Бүөччэ диэн баара оҕото суох. Онтон биһиги эһэбит Игнатий диэн, уола биһиги аҕабыт Сээс Испирдиэн, урукку ийэттэн үспүт Капитон, Емельян, Гаврил, иккис ийэттэн Филипп сэриигэ өлтө. Үһүс уол Кутаскыын Иван төрөппүт оҕото суох Руф Ивановиһы ииттибитиэ. Төрдүс уол Баһыкка Василий, бу биир уоллааҕа Ырдьа диэн, бу биэс уоллааҕа, сиэннэрэ бааллар. Бэһис уол Маччааһын диэн онтон Лэспэс Гаврил диэн уоллааҕа. Лэспэс үс уоллааҕа, икки улахана сэриигэ өлбүттэрэ, оччугуйа маска баттатан өлтө. Алтыс Хабытта Хабырыыл бу ааттаах сытыы күүстээх, бу киһи оҕото Власий уонна Токурууса Иван, бу Власий Байбалын бандьыыттар өлөртөрө, икки уола ыалдьан, Иван икки уоллааҕа, биирдэрэ оһолго, улахана ыалдьан. Сэттис уол Дьэрэкэ Павел, бу икки уолаах, улахана тыла суох, оччугуйа Степан, ити Павлов Спиридон аҕата. Кардашевскай Иван Леонтьевич (Кутаскыын, куортук бэстилиэттээх, мэтээллээх). Мин абаҕам Кутаскыын Иван былыргыта Ньурбаннан Сунтаарынан баран тустара үһү, быраатын Хабыттаны илдьэ. Киһиттэн охтубатах, ол кэнниттэн Лэспэс саас борукуот кэллэҕинэ Куорамыкыга биирдии үүккэ сэттэлии тоҕустуу киһини охтороро үһү. Онтон мин туста сылдьыбытым аҕыйах сыл, иккис ыһыахха Харбалаах киһитэ Күүлэй диэни эргитэн аҕалан таҥнары туппутунан, бэйэм көтөхпүтүнэн олоро түспүтүм. Онтон санаам улаханнык түспүтэ, онтон уурайбытым.

Мин 1903 с. төрүөхпүн, былыргылыы үс кылаас үөрэхтээхпин, онон оччо туһамматах киһибин. Биһиги аҕабыт түөрт уолун барыбытын үөрэттэрбитэ. Биһиги кыра эрдэхпитинэ дьадаҥы этэ, бэйэтэ сытыы киһи этэ, хойут байбыта, Марфа эмээхсини ылан баран. Бу былаас буолбутун кэннэ, мин 1930 сылтан холкуостаахпын, хара үлэни үлэлээмэхтээбит киһибин. 1943 сыл бэс ыйын 15 күнүгэр Армияҕа бартым, маҥнай Мальтаҕа уонча хоннорон баран Илин ыыппыттара, Досан диэн военнай чааска. Икки ый окуопа хастарбыттара уонна колпачок оҥотторбуттара, онно икки төгүл благодарность биэртэрэ. Миигин кытта Жендринскэй Сэмэн, уонна Ксенофонтов Иван сылдьыспыттара. Сэмэни Армияҕа ыыппыттара, миигин кытта бииргэ сытар этибит, хаһан ылбыттарын билбэккэ хаалбытым. Онтон күһүн Тас Монголияҕа ыыппыттара, онно кыһыннаах сайын сулууспалаабытым, онтон күһүн ыалдьан госпитальга киирэн өр сыппытым. Ол кэннэ дойдубар сыыйан ыыппыттара. Сулууспалаабыт чааһым 76 мотострелковый полк, 36 дивизия, 16 Армия. 1943-1944 сыл.
Гаврил Кардашевскай
Нам музейын архыыбыттан