
1916 сыллааахха Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха төрөөбүт.
1943 с. Армияҕа ыҥырыллыбыт. Забайкальскай фроҥҥа Иркутскай уобаласка Мальтаҕа сулууспалаабыт.
1948 с. дойдутугар эргиллэн кэлбит.
1980 с. өлбүт
Бүлүүтээҕи призывной пуун испииһэгэр «передан в промышл.» диэн суруллубут. Уоттаах сэриигэ барарын доруобуйата мөлтөх диэн сыыйбыттар. Тимир суол тутуутугар ойуурга мас кэрдээччилэргэ ат көрүүтүгэр анаабыттар. «Ойууртан мастарын атынан таһар этилэр» диир эбит. Уонна үөрэхтээх диэн ол онно суоту-учуоту бэрийэр биригэдьииргэ суруксут буолан көмөлөспүт. Ол сылдьан улаханнык ыалдьан Иркутскайга киирэн госпитальга эмтэммит, ол кэннэ 1947-48 сылга дойдутун булбут. Кэлэн баран “хата дойдубун тыыннаах буллум” диэн учетка турбакка хаалбыт.