
1943 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. Закавказскай фронт 386-с стрелковай полкатыгар пулеметчигынан сэриилэспит. Керчь куорат оборонатын кыттыылааҕа.
1944 с. атаҕар бааһыран демобилизацияламмыт. 3 гр. инбэлиит буолбут. Кэлэн баран Дүллүкүгэ холкуоска биригэдьииринэн, сылгыһытынан, сопхуос, бэкээринэ үлэһитинэн үлэлээбит.
1992 с. Дүллүкүгэ өлбүт.