
1941 с. сэриигэ барбыт.
1942 с. ахсынньы ыйга өлбүт. Көмүллүбүт сирэ биллибэт.
Убайым туһунан аҕыйах тыл (кылгатыллан)
Маччасынов Тимофей Алексеевич сэрии иннинэ урукку «Кыһыл үлэһит» холкуос председателинэн, онтон биригэдьииринэн үлэлээбитэ, сэрии маҥнайгы ыҥырыытыгар барбыта уонна 1942 сыл саҥатыгар бүтэһик суруга кэлбитэ. Онно Арҕаа фроҥҥа аттаах армияҕа барабын диэбит этэ, ол кэннэ сураҕа суох сүппүтэ, ханна өлбүтэ биллибэт. Кинини «сүппүтэ» диэхпитин бырааттара тылбыт тахсыбат, убайым күүстээх санаалаах, хорсун-хоодуот патриот киһи этэ. Сэриигэ барарыгар оҕото, кэргэнэ, бырааттара бары биир дьиэҕэ олорон хаалбыппыт. Кэлин кини ханнык фроҥҥа, хайа сиргэ өлбүтүн билбэт буоламмыт хойукка диэри ньимийэн сылдьыбыппыт.
Сэриигэ барааччылар Балаҕаннаахтан аттанан-ыҥыырданан оройуон киинигэр киирбиттэрин өйдүүбүн. Кинини кытта бииргэ барбыт табаарыһа Докторов Иван Игнатьевич этэринэн, Мальтаҕа илдьэн сэриигэ киирэргэ бэлэмнээбиттэр уонна араарталаан кэбиспиттэр, ол кэннэ көрсүспэтэхтэр. Убайым Тимофей Алексеевич аҕам саамай улахан оҕото эбит. Ийэтэ Үөдүгэйтэн төрүттээх Сээчикэптэр уруулара дьахтар үһү. Кини турбут-олорбут, кэлбит-барбыт, күүстээх-күдэхтээх, быһый, сүүрүк киһи эбит. Ороһунан, Балаҕаннааҕынан, Чолбонунан (билиҥҥи Нам нэһилиэгэ) ыһыахтарга атаҕынан оонньуура, сүүрэрэ үһү, ону урукку кырдьаҕастар билэллэр этэ. Ыһыахтарга үҥкүү тыла этэрин оҕолор түһүлгэ иһигэр киирэн батыһа сылдьан көрөр, истэр буоларбыт. Тимофей Дьокуускайдааҕы холкуоснай оскуоланы бүтэрбит уонна 1937-40 сс. «Кыһыл үлэһит» холкуоска председателлээбитэ. Ол саҕана мин кыра уол кинини батыһан холкуос хонтуоратыгар сылдьар этим. Убайым Тимофей киһи быһыытынан улахан амарах, аһыныгас этэ. Биһиги, кыра уолаттар уонна кыргыттар, ийэбит өлөн аҕабытын кытта тулаайах хаалбыппытыгар бэйэтигэр ылбыта уонна кини сэриигэ барыар диэри бииргэ олорбуппут.
Элэккэй, дьэллэм майгылааҕа, кини тула куруук элбэх киһи мустар, бары Тимофей көрдөөх-нардаах кэпсээннэрин сэҥээрэллэрэ. Ол курдук Докторов Уйбаан, Табыйыысап Дэпсэй, Былга уолаттара, Адамовтар, Атамановтар, Мохтуяховтар, Кардашевскайдар, Жендринскэйдэр о.д.а. Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгиттэн сэриигэ атааралларыгар оччотооҕу райсовет олбуорун иһигэр хаайталаабыттар. Тимофей сорох табаарыстара (Былга Тарааһа эҥин) олус хараастыбыттар, ытаспыттар, онуоха убайым холку баҕайытык: “Дьэ, бу да дьон, кыайан-хотон эргиллэн кэлиэхпит буоллаҕа дии”, – диэн уоскуталыыра үһү. Оннук киэҥ көҕүстээх, күүстээх санаалаах эбит. Кырдьык нөҥүө сылыгар тарбаҕын быһа ыттаран Былга Тарааһа аан бастакынан, онтон Докторов Уйбаан атаҕар бааһыран төннөн кэлбиттэрэ кэлин кыра-кыралаан аҕыйах киһи төннүбүтэ, уоннааҕылар сэрии толоонугар хаалбыттара.
Афанасий Маччасынов,
педагогическай үлэ бэтэрээнэ
«Үөһээ Бүлүү» хаһыата, 2005 с. олунньу 28 күнэ
