
1941 с. Бүлүүгэ үлэлии сылдьан сэриигэ барбыта. Сержант званиелаах взвод командирынан сулууспалаабыт. 4-с Украинскай фронт 9-с Армиятын 323 стрелковай полкатыгар сэриилэспит. Онтон Японияны утары сэриигэ Забайкальскай фроҥҥа 688 стрелковай полкатыгар сэриилэспит. 1945 с. дойдутугар эргиллибит.
1946 с. алтынньы 10 күнүгэр «Японияны кыайыы иһин» мэтээлинэн, 1985 с. муус устар 6 күнүгэр «Аҕа дойду сэриитэ» II истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.
1991с. өлбүтэ.

Сэрии суолларынан
Мин Мохтуяхов Никифор Иванович 1909 с. төрөөбүтүм, Нам нэһилиэгэр дьадаҥы-бааһынай кэргэнигэр. 1934 с. Саха национальнай байыаннай оскуолатын бүтэрбитим, сержанскай состав этэ.
1938 с. Бүлүү куоратын райзаготконтораҕа инспекторынан үлэлээбитим.
1941с Аҕа дойду сэриитигэр бастакы ыҥырыыга мин Дьөккөҥҥө хомуур үлэтигэр уполномочнайдыы сылдьан 21 буолан сэриигэ барар повестка тутан киирбиппит.
1941с Иркутскай уобаласка станция Мальта диэн воинскай үөрэххэ помвзвод командира буола сылдьыбытым.
1942 с олунньу ый 2 кунугэр Аҕа дойду сэриитигэр барбыппыт. Харьковскай завод оборонатыгар киирбиппит. Командир взвода станкового расчета .
1944 с дылы сэриилэьэн Харьков куораты босхолообуппут. Икки сыллаах сэриигэ атахпар рани буолан госпиталга сыппытым.Үтүөрэн тахсаат 9 армияҕа сэриилэспитим. Армиябыт генерала Конев диэн этэ.
1944 с Петровскай уобалаһы босхолоспутум. Кубань өрүскэ 4-үс Украинскай Армияҕа холбоһоору баран иһэн бөлөх немецтэргэ тубэһэн штыковой сэриигэ кыттан төбөбөр охсуу ылан госпиталга барбытым.
Большой Хинган-диэн сир туһаайыытынан барбыппыт. Хайлар диэн куораты көмүскүү сытар 16 квантунскай японскай Армияны суох гынан ааспыппыт. Харбин куораты босхолоспутум. Маньчжурия столицатын Чунгун диэн куораты уонна Хунсулим диэн куораттары босхолоспутум. Хунсулин диэн куораттан 40000 тахса саллааты, офицеры, генераллары бэринннэрбиппит.
1941-45 с. дылы правительственнай наҕараадаларым манныктар – Сталинтан благодарность, 8 мэтээл, 2 истиэпэннээх уордьан
1946 с. кэлэн баран райпотребсоюз систематыгар заготовка сельпо председателлэринэн ( Нам, Үөһээ Бүлүү, Өргүөт)
1986 сэтинньи ый 7к. кырдьан пенсияҕа тахсыбытым.
Мохтуяхов Никифор Иванович
Олунньу 26 күнэ 1987с