
1942 с. сэриигэ ыҥырыллан барбыта. Сержант званиелаах, Арҕааҥы, Ленинградскай, Забайкальскай фроннарга 177 Любанскай стрелковай дивизияҕа, 120 Гатчинскай стрелковай дивизияҕа, 289 стрелковай полкаҕа сэриилэспитэ.
1947 с. дойдутугар эргиллибитэ.
1946 с. ыам ыйын 3 күнүгэр «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээлинэн, 1985 с. муус устар 6 күнүгэр «Аҕа дойдусэриитэ» I истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.
2000 с. өлбүтэ.
Уоттаах сэрии ортотунан
Эмиэ биир бэс ыйын үтүө күнүгэр биэс-алта буолан Бүлүү өрүспүтүгэр киирэн, хас да хонон күөгүлээн, балыктаан, күн кыһалҕата суох тахсыбыппытыгар: «Улахан сэрии буолбут, немец түспүт үһү»— диэи ийэм эмээхсин сүрдээҕин хараастан туран, кэпсии тоһуйбута. Миигин сэриигэ барара буолуо диэн улаханнык долгуйар, санааргыыр быһыылаах этэ да, мин баара суоҕа уон сэттэлээх, улахан кыһалҕаны билэ илик улдьаар саастаах уол, сэриигэ барарым буолуо диэн улаханнык дьолоҕойбор да тохтоппотоҕум быһыылааҕа Сотору буолаат биһиэхэ даҕаны сэрии курас тыына тиийэн кэлбитэ. Холкуоспут бастыҥ, кыайыылаах хотуулаах, үлэлэрин үөһүгэр сылдьар дьоннор утуу-субуу барбыттара. Бөһүөлэкпитигэр улам оҕо-дьахтар эрэ көстөр буолбуттара, биһиги курдук саҥа туран эрэр уолаттар аны бииргэ мустан оонньуурбут-көрүлүүрбүт аҕыйаабыта. Бары холкуос араас үлэлэригэр кыттан барбыппыт. Оччотооҕу холкуос председателэ Семен Болтоков биһигини оҕолор курдук буолбакка, кыайар хотор холкуос тутаах үлэһиттэрин курдук ааҕынар буолта.
Нөҥүө сылыгар, 1942 сыл күһүнүгэр, уон аҕыс сааспытыгар биһиги ирээппит эмиэ кэлэн, армияҕа ыҥырыллан оройуон киинигэр уһун кэмҥэ детдом буолан турбут дьиэҕэ мустубуппут. Баара буоллар биллэн турар ийэм ытыа соҥуо эбитэ буолуо. Оттон аҕам Намтан арахсарбытыгар хаһан да оҕону тараҥнаппатах-ачаахтаппатах, сыллаабатах-уураабатах киһи төбөбөр биирдэ муннун тириэрдэн баран, дьиэтин диэки бара турбута уонна иккиһин-үсүһүн киирэ-тахса да сылдьыбатаҕа. Бука ол икки уола (убайым Семен эмиэ бу ыҥырыкка барсыбыта) баран эрэр оҕонньор улаханнык хараастыбыт быһыыта буолуохтаах.
Призывниктар диэн ааттанар уолаттар бу оройуонтан 40-ча этибит. Ол иһигэр К. Т. Тюляхов, Д. И. Чучайцев, Д. С. Спиридонов, Е. И. Петров, Н. К. Николаев, Харбалаахтан Кирилл Николаев, Туобуйаттан Егор Филипповтар, кэнники армияттан кэлэн бараи Өргүөккэ холкуос председателинэн үлэлии сылдьан, ыалдьан өлбүт, сүрдээх сытыы-хотуу, бэйэтин кыанар уол Иннокентий Абрахов, уһун кэмҥэ эргиэҥҥэ үлэлээбит Семен Семенов, оройуон киинигэр сибээскэ үлэлээбит Василий Васильев уо.д.а. бааллара. Хас да биир ааттаах-суоллаах уолаттардаах буоламмыт биирдэ маннык түбэлтэҕэ түбэспиттээхпит. Биһигини Кэнтиккэ көмөҕө ыыппыттара. Онно холкуоска тахсан икки-үс күн бурдук быһыытыгар, үксүн илиибитинэн үргээһиҥҥэ сылдьыбыппыт. Ол сылдьан биир күн бурдукпут быһыытыгар ситэ үлэлээбэккэ, ол-бу буолан мэниктээн баран, үргүлдьү бары тутуспутунаи оройуон киинигэр киирдибит. Бука дьонҥут үлэлээбэккэ күрээтилэр диэн холкуостан телефоннаатахтара буолуо. Аны санаатахха ити билиҥҥи авиапорт турар алааһыгар, туох эрэ дуоһунастаах Васильев диэн киһи саппыкыта бу килэбэчийэн иһэрэ. Көрүстэ да стройдатта уонна биирдии биирдии ааппытын ыйыта-ыйыта блокнотугар сурунар. Түбэлтэтигэр маарыннаһар ааттаах уолаттарбыт бииргэ туран хаалбыттар, ыйыттаҕын ахсын Николаев Николай, Васильев Василий, Семенов Семен диэн истилэр. «Өссө эһиги күлүү гына тураҕыт», —диэн кыыһыран дэлби түһэ сыста уонна эбии кими да ыйыппакка: «Антах киирэн кэпсэтиллиэ», — диэн суоһурҕанан баран, үлтү командалаан сытар сирбитигэр киллэрбиттээх.
Призывниктары кытта биһигиттэн аҕа саастаахтар Ньурба, Сунтаар, биһиги оройуоммут дьонноро буолан балаҕан ыйын саҥатыгар билиҥҥи ити культура дьиэтин анныттан аттаммыппыт «Киров» пароходка соһуллан иһэр баржа трюмун иһигэр сытарбыт. Күн аайы палубаҕа тахсан строевой занятиенан дьарыктанарбыт. Взвод командирынан Н. К. Николаев, политругунан А. С. Петров анаммыттара, онон кинилэр үксүн биһигини кытта дьарыктаналлара. Оҕо эрдэҕинэ ким байыаннай буолуон баҕарбатаҕай, бастакы уохпутугар төһө да кыараҕас палуба үрдүгэр, этэрбэһинэн бэллэҥнэттэрбит, оччотооҕуга командирбыт командата сүрдээх, хаамтарыы да харса суох быһыылааҕа. Аҕа саастаахтарбыт палуба кытыытыгар туран төрөөбүт-үөскээбит сирдэрин, оҕо эрдэхтэриттэн көрүлээбит өрүстэрин биэрэгин арахсыбакка одуулаһаллара. Кыра-кырбас оҕолорун, кэргэттэрин хаалларан баран эрэр дьоннор, суостаах-суодаллаах өстөөҕү кытта кыргыһыыттан ордон кэлэн бу биэрэктэрин устун оҕолорун, дьоннорун кытта хаамсыахтарын, ол оттообут ходуһаларын эмиэ охсон нэлэһитиэхтэрин дуу, суоҕун дуу эргитэ санаан эрдэхтэрэ. Ол эрэн ким да хаана хамсаан, ытаан-соҥоон, үүрүллэн-үтүрүллэн иһэр курдук туттубат этилэр. Оттон биһиги дьоннорбут эрэйдээхтэр хаһан да оҕолорбут аччыктыахтара диэн кырыымчык аһылыктарыттан быһаҕастаһан биэрбит ыһыктарын үтэлэнэн-үссэнэн туох да оччо-бачча ырааҕы эргитэ толкуйдаабакка, хата бииргэ мустубут мэник соҕус уолаттар быһыыларынан дьиибэлэһэн, сороҕор күүс да холоһон айаннаабыппыт.
Биһиги утарыбытыгар сыппыт Ньурба уолаттара «Үөһээ Бүлүүлэр» күүстээх Түүлээхэптэрэ диэн ханнаный диэн ыһыытаатахтарына», Көстөкүүн: «Ким Түүлээхэпкэ наадыйарый?»—дии-дии дагдаччы соҕус туттан трюм устун хаамыталыыра. Ити курдук айаннаан Бүлүү эбэ хотуммутуттан арахсан. Лена эбэҕэ тиийбиппит. Онно киирээтин пароходу баржаҕа холбуу тардан баран эмиэ армияҕа ыҥырыллан иһэр Ньурба театрын артистара концерт биэрбиттэрэ. Урут гастролга сылдьарынан биллэр артиспыт Николай Константинов өстөөҕү кытта күөн көрсүһэ баран иһэрбитин, саалаахтан самныбат, охтоохтон охтубат саха бухатыырдара буоларбытын, кыайан-хотон кэлиэхпитин Айыы бухатыырын ырыатын ыллаабытын хас да сүүс киһи сүрдээҕин сэҥээрэн, куолаһа үчүгэйин, чөллөркөйүн сөҕөн истибиппитин билиҥҥэ диэри умнубаппын.
Дьокуускайга тиийэн эмиэ атыттары кытта холбоһон ким-кимин билсибэт буолбута уонна төһө буолан айаннаабыппыт буолла, Усть-Кутка диэри пароходунан, онтон массыынанан Заярскайка, эмиэ да Ангаранан пароходунан, онтон сатыы Мальта станцияҕа тиийбиппит. Бу Мальта станцияҕа аан бастаан саллаат эриирдээх олоҕун билсибиппит. Түбүктээх күн кэнниттэн дьэ сабыс-саҥа минньигэстик утуйан эрдэххинэ, сордоох дневальнай «подъем» диэн үөгүүтэ ордук, эдэр саллаат ньиэрбэтигэр оонньуура. Итиниэхэ аҕыйах ый снайперскай ротаҕа үөрэнээтин илин барбыппыт. Үгүспүт Даурияҕа сулууспалаабыта. Сайынын Манчжурия кыраныыссатыгар оборонительнай рубежка үлэлээбиппит, бойобуой бэлэмнэнииннэн дьарыктанарбыт. Литератураттан аны ааҕан өйдөөтөххө, Япония саба түспэтин билбиттэр эбит, онон 1943 сыл күһүнүгэр бүтүн чаастары арҕааҥы фроҥҥа ыыппыттара, ол иһигэр элбэх саха уолаттара барбыппыт. Үөһээ Бүлүүттэн миигин кытта Е. Филиппов (Туобуйа), Ф. Туттукуров (Өргүөт) барсыбыттара, арҕаа тиийбиппит кэннэ Д. Дмитриев (Хоро) холбоспута. Биһигини кытта бииргэ сулууспалаабыт элбэх командирдарбыт барсыбыттара, онон бэйэлэрин кытта син тардыстар, ыарахаҥҥа, охсуһууга сылдьыах дьоннорун илдьэ истэхтэрэ диэн аны киһиргэнэр дьон буолан турбуппут.

Алтынньы ый бүтэһигэр Ленинград куоракка түүн тиийбиппит. Поезтан түһэрээт, куорат хайа өттүнэн илпиттэрэ буолла, сатыы куорат устун колоннанан саҥата-иҥэтэ суох хааман казарма буолан турар дьиэҕэ кэлбиппит. Куорат бэйэтэ да киһи кутун-сүрүн баттыыр чуумпу, хараҥа этэ. Балачча хаампыппыт устата биирдэ эмэтэ сатыы киһи кэлэн ааһара уонна ыраах да буоллар тула өттүттэн түүҥҥү умайыы уоттарын, ракеталар сардаҥалара көстөллөрө. 2-3 хоннороот, сынньата түһэн баран, саа сэп туттаран 177 Любанскай стрелковай дивизия састаабыгар киллэрэн баран, оборонаҕа сытар чааһы солбуйбуппут. Эмиэ түүн тиийэн тыаһа-ууһа суох окопаларга киирэн миэстэбитин булуммуппут. Урут сыппыт дьон «сибиряктар кэллилэр» дэһэллэр, уонна эмиэ тыаһа-ууһа суох улгумнук тахсан сүтэн хаалтара. Оборонаҕа (боевой охранение диэн ааттанара) тохсунньу ый ортотугар диэри кимэн киирэ сатыыр өстөөҕү утары охсо-охсо самыыры-хаары үрдүбүтүттэн түһэттэрэ олорбуппут. 1943 сыл бүтэһигэр комсомолга киирбитим. Бастакы комсомольскай билиэппин командир блиндаһыгар политрук туттарбыта. Тохсунньу бүтэһигэр биһиэхэ да инники дьулуһар күн үүммүтэ. Биир сарсыарда ханна, хаһан кэлэн турбут артиллерия буолла, сир-халлаан дьигиһийэр күргүөмнээх ытыыта буолбута. Оборонаҕа сыппыт кэммитигэр син элбэхтик утарыта киирсии, араас сэрии сэбинэн ытыалаһыы баара да, маннык үлүгэр уот буурҕа ортотугар олорботохпут. Артиллерия ытыытын кэнниттэн биһиги атаакаҕа киирбиппит. Өстөөх бөҕөргөтүүтүн сонно тута кыайан былдьаабакка, төхтөрүйэ төхтөрүйэ атаакалаабыппыт кэнниттэн, өстөөх бастакы линиятын ылар кыаллыбыта. Өстөөх былдьаппыт линиятын ылаары ол күнү быһа утары атаакалаабыта. Артиллерия, миномет, бомба бөҕөтүн үрдүбүтүттэн үлтү тэптэрэ- тэптэрэ, немецтэр харса суох бу адаарыһан кэлэллэрэ. Биһиги туох сэптээхпитинэн бу эйигин өлөрө-өһөрө иһэр киһини харса суох ытарбыт, ол эрэн төһө да сууллубуттарын иһин, кэннилэриттэн өссө элбэх киһи туран кэлэр курдуга. Бу миэхэ аан маҥнайгы саамай кытаанах, суостаах сэриилэһиим этэ. Ааспытын кэннэ куттаммат этим диэн киһиргэнэр табыллыбат, ол күн кылгас кэмҥэ туох эрэ күлүм гынан ааһарын курдук дойдугун, дьоҥҥун санаан, ол уот буурҕа ортотугар хараҕыҥ уута халыйан кэлэрин, бэйэҥ да билбэккэ хааларыҥ. Табаарыстарым көрүөхтэрэ дии санаан кыбыстан, түргэн үлүгэрдик соттон кэбиһэр мэлдьэх буолбатах. Элбэхтик сэриилэһэн кэнники төһө да эккээрбитиҥ, хайдах эрэ куттал сыппаабытын иһин утары киирсиигэ, эбэтэр атаакаҕа бастаан турууга, снаряд дэлби тэбиитигэр, самолеттар субу үрдүгэр кэлэн орулаан-сарылаан кэлэн үөһэттэн түһэр бомбалара барыта эн үрдүгэр эрэ түһэн иһэр курдук буолуутугар куттал баар буолар, ордук ааспытын да кэннэ улаханнык биллээччи. Онон сэриигэ куттаммат, харса суох этим диэн, онтон да атын баары-суоҕу кэпсээччи, олус чабыланар дьону билигин да итэҕэйбэппин. Сороҕор эдэр ыччаттар, оҕолор сэрии диэн таах автоматынан тырылатыһыы буоллаҕа диэн, өйдөбүллээхтэр. Сэрии диэн биир эмэ киинэни көрөн баран, айах муҥунан тырылата-тырылата сырсыы буолбатах, эдэр киһи кимэ-ханныга биллэр кытаанах экзамена, ким сытыы, түргэн туттуулаах, толору бэлэмнээх киһи аһарар суола. Ити күн киэһэтигэр биһиги взводтан 9 киһи эрэ хаалбыт этибит. Оборонаҕа хас да ый бииргэ сыппыт табаарыспыт Мелкоступов диэн арҕаа Сибиир киһитэ иһин аллараа өттүн бүтүннүү тоҕу тэптэрэн баранынырык ыарыыттан хараҕа көмүскэтиттэн уһулу ойон тахсан баран, мэктиэтигэр сороҕор көҕөрөн, сорогор харааран ыларга дылыта уонна: «Доҕоттоор, эрэйдээмэҥ, салҕаан кээһиҥ», — диэн аҕыйах тылы хаахынаан саҥарара. 19 саастаах уол итинник ыараханнык өлүүлэри көрбүтүн билиҥҥэ диэри ыарык-баттык буолардыы түүлбүттэн да арахпаттыы иҥэн хаалбыт.
Иккис эшелоҥҥа тахсан эбии дьону ыла-ыла ити ыйдарга өстөөҕү Ленинградтан балачча ыраах төттөрү охсон, куораты блокадаттан толору босхолообуппут уонна ханнык эрэ кыра дэриэбинэ таһыгар землянкаҕа олорон кылгас кэмҥэ сынньалаҥ ылбыппыт, бэлэмнэммиппит. Олунньу ый бүтүөр диэри үксүн, эрдэ кэлбит сааскы бадараанын, хаардаах-самыырын ортотунан айаннаан Невскэй дубровка, Малукса уо.д.а. ылаттаан куораты өстөөхтөн букатыннаахтык босхолообуппут. Итинтэн салгыы сынньана түһэ-түһэ бэс ыйын ортотугар диэри оборонаҕа турбуппут. Биирдэ эмэтэ сынньалаҥ кэммитигэр куораты киллэрэн көрдөрөллөрө, алдьаммыт-саараммыт дьиэ-уот, ол бу тутуулар киһи кутун-сүрүн баттыыллара, үлэлии-хамсыы, үөрэнэ, күлэ-оонньуу сылдьыбыт туох да буруйа суох куорат дьонун маннык кэбилээбит өстөөхтөргө абарыыны-сатарыыны үөскэтэрэ. Ити кэнниттэн өссө ордук кыһыйан-абаран өстөөҕу утары охсуһарбыт.
1944 сыл бэс ыйыгар улахан кимэн киирии саҕаламмыта. Ленинград хоту өттүттэн Карельскай перешеегинэн финскэй сэриилэри утары иһэн Маннергейм аатырбыт линиятыгар тиийэн тохтообуппут. Улахан хас да күннээх охсуһуу кэнниттэн ити линияны туораабыппыт. Бэйэтэ даҕаны сүрдээх дьиппиэ оҥоһук этэ. Танканы аһарбат бетон остуолбалар, уотунан уһуура турар доттар, дзоттар, ыстаал колпактар, уоту аһарга аналлаах траншеялар өр сылларга чочуллан оҥоһуллубуттар этэ. Кырдьыга баара авиация, артиллерия кыахтааҕын онно көрбүтүм. Итини ааһан баран Выборг куорат чугаһыгар тиийэн иккис эшелоҥҥа тахсан сынньана түһэн баран өстөөх эрдэттэн бэлэмнэммит бөҕөргөтүүтүн утары кимэн киирэргэ бэлэмнэнэн баран, түүн борук-сорукка ойуур саҕатыгар киирэн тохтообуппут. Окуопа хастан түүнү быһа үлэлээбиппит.


Сарсыарда сырдыыта бастаан «катюшалар», онтон артиллерия араас көрүҥэ ытыалаабыта, ону утары өстөөх эмиэ артиллериянан ыппыта, ким хантан ытарын билбэт дьүүлэ-дьаабыта суох буолбута, сытар сирбититтэн мэктиэтигэр өрүтэ ойуолуур курдук этибит. Ол үлүгэр дьаабы кэнниттэн арыый тохтообутугар буор анныттан оронон туран тула өттүбүтүн көрбүппүт, бөлүүн хойуу ойуур саҕатыгар сыппыппыт баара, билигин үчү- гэй солооһун ортотугар сытарбыт. Үгүс киһи суох буолбут этэ. Онтон атаакаҕа туруорбуттара да 30-ча миэтэрэни толору барбатахпыт, киһибит да аҕыйаабыт этэ, өстөөх уота да күүстээҕэ, артиллерияттан улаханнык эмсэҕэлээбэтэх быһыылаах этэ. Онон улахан калибрдаах пулемет хас таас аннын, сир дьогдьурун ахсытын сибиньиэс ардаҕынан кутара, миномет, миинэ таастаах буору холбоон тыһыынчанан оскуолка буолан ыһыллара Сыарҕалаах от саҕа күрбэ таас ойоҕоһугар мин кыараҕас окуопа хастан сыппытым. Сирэ таас буолан дэбигис киһи киэҥ, дириҥ окуопаны хаспат этэ. Иннигит диэки биирдиилээн перебежканан барыҥ диэн хамаанда буолта. Кэннибэр сытар киһи тааспын ойоҕолоон сүүрэн эрдэҕинэ, табан түһэрдилэр. Онтум кыараҕас окуопаҕа сытар киһини, миигин баттаабытынан түспүтэ. Моонньубунан. иэдэспинэн сылаас хаана сүүрэн түһэрэ, хаста да хотуолуох санаам түллэн кэлэ-кэлэ, сарсыардаттан аччык киһиэхэ туох кэлиэҕэй? Өрө сүгэн анньаары гынарбын: «Айака, тохтоо», – диэн көрдөһөрө. Ол иһин сэрэнэн, өр бадьыыстаһан, туора сыҕарытан, онтон таас кэннигэр соһон илдьэн, курдары ытыллыбыт иһин бэрэбээскилээбитим.
Онно хаалларан баран, дьоннорум син балачча ырааппыттар быһыылаах, туран тааһынан сирэйдэнэн тохтуу тохтуу сүүрдүм. Дьоммун ситтим, хас да буолан эмиэ сүүрэн эрдэхпитинэ, уна атаҕым биирдэ тугу да билбэт буолла да, бэйэм умса кэлэн түстүм, аҥаар атаҕым туһалаабат, өр сыыллан таас кэннигэр былдьастым. Хата сотору санитардар кэлэн соһон таһаардылар. Онон-манан айаннаан, онтон санитарнай поеһынан Ленинградка төттөрү тиэллэн киирдим. Били араанньы буолан үрдүбэр охтубут киһибин поезка көрүстүм, син киһи ордон хаалар эбит. Ити күн бэйэм биир дойдулаахпын, Хоро киһитин, Дмитриев Дмитрийи сарсыарда көрсүбүтүм. Киһи аҥаарыгар диэри окуопаттан быган туран, ааһан истэхпинэ: «Нохоо, тыыннаах эбиккин дуу, бүгүн Өлүөхүмэ уола Петр Павлов өллө», дии турара. Кэнники докумуоннартан көрдөхпүнэ, ити кырыктаах кыргыһыыга кини эмиэ итиннэ суох буолбут этэ.
Эмтэнэн, үтүөрэн иккиһин сэриигэ киирэрбэр, баҕарбытым курдук бэйэм чааспар түбэспэтэҕим. Арҕаа Нарва туһаайыытыгар 120 стрелковай Гатчинскай дивизияҕа түбэспитим. Тула өттүбүт барыта бадараан, окопа хастар эҥин диэн суох. Снаряд эбэтэрмиинэ кэлэн тоҕу тэптэ да онно толору уу баһылла түһэр. Өстөөхтөн хаххабыт диэн 2 метр халыҥнаах, 1,5 метр үрдүктээх мас дьапталҕа. Ол устун 3-4 мас кэтиттээх далаһа туора быраҕан онон эрэ сылдьабыт, сыыһа үктээн түстүҥ да, бадарааннаах ууга буккуллаҕын. Биир эмэ кураанах сири булан командир эбэтэр араанньы буолбут киһи сытар барымдьытын маһынан чохчолоон оҥорорбут. Ол да бэйдиэ түһэр оскуолкаттан быыһыыр. Куһаҕан да үчүгэйдээх. Хата, снаряд бадарааҥҥа дьобуччу туһэр буолан олус элбэх оскуолка ыһыллыбат. Итиннэ солбуйса-солбуйса өр, уһуннук сыттыбыт. Барымдьыбытын снарядтар тоҕута көтөллөрүн түүн маһынан хаттаан бүөлүүбүт. Биир күн кимэн киирии буолла. Немецтэр бөҕөргөтүнүүлэрин тоҕу көтөн арааһа ол кун 5-6 км бардыбыт быһыылаах. Өстөөх халыҥ ойуур быыһыгар хас мас төрдүн анныттан ытыалыыр. Халыҥ ойуур хаба ортотугар түүнү көрүстүбүт. Ойуур быыһыгар боробулуоханан тардыллыбыт миинэлэргэ түбэһэн элбэхтик тоҕута тэптэрэбит.
Уһун унньуктаах күнтэн улугура сылайан, оччо туохха да наадыйбат курдук ким ханна олоро түстэ да, мас төрдүгэр баспытын өйөөн утуйан эрдэхпитинэ ыһыы-айдаан бөҕө буолбутугар, ойуолаһан турбуппут. Биир уолбутун доруобай баҕайы немец ойуур диэки соһон эрэр эбит. Ким туох түбэспитинэн үлтү куолаан тутан ыллыбыт. Кэнники билбиппит «тыл» ыла кэлбит немец үһү. Ойуур иһэ буолан уонна хараҥаҕа балыттаран өр кэтэһэн сыппыт уонна арыый туора сытар кыра уолбут үрдүгэр түспүт эбит. Ол түүн от-мас төрдүгэр утуйа түһэн баран, эмиэ иннибит диэки бардыбыт. Өстөөх хас чөҥөчөк, охто сытар мас кэнниттэн ытыалыыр. Биһиги эмиэ мас кэннигэр сирэйдэнэн ытыалаһабыт. Чугас биир немец мас кэнниттэн каската килбэс гына-гына миигин ытар. Ол аайы сиирэ-халты буулдьалар чубурҕаһан ааһаллар. Мин былтас, гынна да эмиэ ытан иһэбин. Үһүс-хаһыс ытыым кэнниттэн киһим көстүбэт буолла. Мас от төрдүттэн ытыалаһан өстөөҕү үүрэн барбахтаан иһэммит, биирдэ ханна барбыппын билбэккэ хааллым. Өйдөнөн кэлтим улахан воронка иһигэр үс буолан сытабыт. Баһым хамсаабат буола бэрэбээскилэммит, өндөйөөрү гыммытым сирим-халлааным куталдьыйар, эргичиҥниир. Борук-сорук буолтун кэннэ санинструктардыын хас да буолан өйөһөн, санчааска тиийдибит.

Эмиэ Ленинград куорат госпиталыгар төттөрү тиэллэн киирдибит. Госпиталга, онтон эмтэнэр батальоҥна сылдьан, сынньанан баран 1945 сыл кулун тутарга Сибиир куоратыгар кылгас курсу бардыбыт уонна ол куорат заводуттан танка ылан арҕаа айаннаабыппыт. Сааскы муус устар бүтэһигинээҕи күн үчүгэйэ бэрдэ.Эшелон аһаҕас площадкаларыгар танкаларбыт тураллар, олору кытта таска айанныыбыт. Границаны туораан, Польшаҕа киирбиппит кэннэ, биир сарсыардаКыайыы буолбутун туһунан сурах эшелону тилийэ сүүрэн кээстэ. Постка турааччылартан ураты поезка хаалар ким да суох. Чугас кыра куорат оҕото баарыгар: «Сэрии бүттэ» – дии-дии бары онно баран хааллыбыт. Ол күнү быһа күүлэйдээн баран киэһэ эрэ кэллибит, командирдарбыт даҕаны дьарыйбаттар.

Онтон Германияҕа киирэн алдьаммыг-саараммыт Берлини тохтоон, көрөн аастыбыт. Киһи эрэ буоллар кинилэр да куораттара алдьанар эбит диэн сэтэриэх санаа элэс гынан ааһар. Берлиҥҥэ өр күүлэйдэппэтэхтэрэ, тимир суолун станциятын чугаһыгар эрэ таһааран, сырытыннаран баран, өссө арҕаа аһаран, Гюстров диэн куоракка тиийбиппит. Сэрии бүттэ, онон сотору дойдулуохпут диэбиппит да бастаан аҕа саастаахтарбытын ыыттылар. Кыайыы парадыгар биһиги чаастан аҕыйах киһи барбыта. Онон мин Германияҕа, кинилэр куораттарыгар Гюстровка, Ростокка икки сыл өссө даҕаны саллаат олоҕун салҕаабытым. Онон 1947 с. эрэ дойдубар кэлбитим. Германияҕа сылдьан, нуучча саллаата: «Бу мин победительбын», – диэн түөһүн тоҥсунан, олохтоохтортон иэстэһэн ол-бу буолбутун, өйдөөбөппүн. Бастаан утаа Кыайыы кэнниттэн балтараа ый курдук босхо сылдьарбыт. Онтон сотору буолаат олохтоохтору кытта билсэн чааһынайдарга куруутун сылдьар буолбуппут. Онтон офицердар куоракка ыалга олороллоро.
Биһиги көлүөнэ ыччат олорон ааспыт олоҕо улахан эриирдээх, эрэйдээх буолбута. Төһөлөөх элбэҕи оҥоруох эдэр дьоннор сэрии толоонугар охтубуттара, төннөн да кэлбиттэр ортолоругар төһөлөөх ыра санаалара туолбакка хаалбытын бука ким даҕаны ааҕан сиппэтэ буолуо. Ол эрээри, билигин ааспытын кэннэ санаатахха, биһиги урут тиэргэммититтэн тэлэһийбэтэх, кылгас-кыаммат саха омук уолаттара бу улуу охсуһууга кыттан Ийэ дойдубутун көмүскэһэр чиэскэ тиксибиппитинэн эмиэ да киэн тутта саныыбыт. Биэс сыл устата оччотооҕу армия кытаанах олоҕун, араас быһыыга майгыга сулууспалаан ааспытым, сэрии толоонугар мүччүргэннээх да түгэннэргэ түбэһэрбит, ол устатын тухары араас омуктары кытта сылдьыбытым. Онно кыра омук диэн атаҕастаабыттарын өйдөөбөппүн, бары тэбис тэҥҥэ өйөһөн, ыарахаттары тэҥҥэ үллэстэрбит. Сэрии ыараханын, куһаҕанын, ынырыгын, алдьатыытын туһунан элбэхтик этиллэр, суруйаллар. Ону хатылаабакка туран, билиҥҥи эдэр ыччат ити курдук ыарахан олоххо олорон ааспатыгар баҕарабын.
Сэрии бэтэрээнэ Мухоплев Г. П. – Тиэхээ,
автор «Кэпсээ эрэ, сааһырбыт саллаат» кинигэтиттэн.