Мухоплев Петр Семенович

1910 с. Нам нэһилиэгэр Романов Семен дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Эбэтигэр Мухоплева Хиристииҥҥэ иитиллэн атын араспаанньалаах. Сэриигэ 1941 сыллаахха ыҥырыллыбыт, 33-с Армия 113-с стрелковай дивизия  292-с стрелковай полкатыгар станковай пулеметчигынан сэриилэспит. 1944 с. дойдутугар эргиллибит.
26.08.1946 с. атырдьах ыйын 26 күнүгэр “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Германияны кыайыы иһин” мэтээлинэн, 1951 с. ыам ыйын 30 күнүгэр “Албан аат” III истиэпэннээх уордьанынан, 1985 с. муус устар 6 күнүгэр “Аҕа дойду сэриитэ” I истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.
1994 с. өлбүтэ.
П.С. Мухоплев (1941 сыл)

Саллаат ахтыыта

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ 1941 c. балаҕан ыйыгар барбытым. Читаҕа тиийэн 551 стрелковай полка 2 батальонугар 3 ый кэриҥэ үөрэммитим. Ол кэннэ 1942 c. олунньу саҥатыгар Смоленскай уобаласка Вязьма куорат анныгар сэриилэспитим. Биһиги чааспытыгар элбэх саха, бурят доҕоттордоох этим. Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгиттэн Николаев Иван, Николаев Николай, Матвеев, Григорьевтар диэн уолаттар бааллара, Прокопьев Иван Бүлүүттэн, Үөһээ Бүлүүттэн Петров Герасим. «Чолбон» холкуостан маннык дьоннор ыҥырыллыбыппыт, Чуруков Егор, Куприянов Игнатий, Иванов Лазарь, Такасаев Тимофей, Федоров Алексей, Гаврильев Герасим, Гаврильев Михаил, Тельбиров Андрей, Иванов Михаил, Далыгыров, Степанов Игнатий, Петров Афанасий, Романов Савва, Сивцев Спиридон, Петров уо.д.а.

Маҥнайгы атаака түүн этэ. Киирэрбитигэр ол уолаттарбын сүтэртээн кэбиспитим. Иккис түүнүгэр Чуруков уонна Петров буоламмыт көрсүбүппүт. Бииргэ үс-хас түүн кимэн киириигэ сылдьыбыппыт. Ол гынан баран  кыайан киирбэккэ төттөрү тахсар этибит. Күнүс тахсан үһүөн хаарга ортоку миэстэни солбуйа-солбуйа сытарбыт. Үс атаакаҕа сылдьан баран Петров Герасиммытын сүтэрэн кэбиспиппит. Ол кэннэ 10-ча күн буолан баран араанньы буолтум. Москва таһыгар Нарофоминск диэн куоракка госпитальга сыппытым. Немец ыла сылдьыбыт буолан, куоракка бүтүн дьиэ суоҕун кэриэтэ этэ. Турбалара, эркиннэрэ эр хороһон тураллара. Госпитальга сыттахпына Чуруков араанньы буолан киирбитэ. Мин үтүөрэн тахсарбар кини эмтэнэ хаалбыта. Сэрииттэн элбэх медаллаах, уордьаннаах 1945 с. эргиллэн кэлэн холкуоска үлэлии сылдьан 1967 c. ыалдьан өлбүтэ. Ыам ыйыгар 33 армия 113 дивизиятын 292 полкатын 8 ротатын 3 взводугар сылдьан атырдьах ыйыгар диэри оборонаҕа сыппытым. Онно «Үчүгэй сулууспатын иһин» диэн полкаттан махтал сурук ылбытым. Атырдьах ыйыгар кимэн киирии обороналана сыппыт Орлово, Матросово уонна өссө хас да дэриэбинэни босхолоспутум. Онно кимэн киирии иккис күнүгэр Жирков диэн Уус Алдан оройуонун киһитэ табаарыстааҕым. Кинини кытта атырдьах ыйыгар дылы немецтэри кытта ытыалаһа-ытыалаһа  оборонаҕа сыппыппыт. 3 түүн устата атаакалаан хас да дэриэбинэни ылбыппыт. Биир Орлово диэн дэриэбинэни ылбыппыт кэннэ Жирков диэн уолум суох этэ. Баран командирбар эппиппэр «көрдөө» диэн приказтаабыта. Төннөн көрдөөн булбутум уолум өлө сытар этэ. Кыһыйбыт-абарбыт иһин хайыыр да кыах суох этэ. Комсомольскай уонна красноармейскай билиэттэрин командирбар биэрбитим. Чааспар соҕотох саха хаалбытым. Биэс-алта күн устата эмиэ хас да дэриэбинэни атаакалаан туран босхолообуппут. Биир дэриэбинэ анныгар взводпутуттан үс эрэ буолан хаалбыппыт. Окуопабытыгар уу туолан мас тэлгии-тэлгии пулемеппут уотунан фашистары тута сыппыппыт. Күн ортото төбөҕө таптаран сэрииттэн туораабытым. Калуга куоракка кэлбиппин харахпын операциялаан ылан кэбиспиттэрэ. Госпитальга 2 ый сытан баран фроҥҥа иккиһин төннүбүтүм. Авиационнай чааска аэродромҥа сулууспалаабытым. Онтон кыһын 1943 сыл ыам ыйыгар демобилизацияланан төннүбүтүм.

ЦАМО ф. 33, о. 744809, д. 443; 4

Дойдубар тракториһынан үлэлээбитим. 1944 сылтан 1963 сылга диэри холкуоска бригадирдаабытым. 1949 с. партияҕа киирбитим. 1947 с. кулун тутар 27 к. Саха АССР Верховнай Советын ыйааҕынан Почетнай грамотанан наҕараадаламмытым (1945 c.) 1957 с. Верховнай Совет Почетнай Грамотатынан иккиһин, 1965 с. үсүһүн наҕарадаламмытым. 1960 c. «Германияны Кыайыы 20 сыла» диэн юбилейнай мэтээлинэн наҕараадаламмытым.

Сэрии бэтэрээнэ Мухоплев Петр Семенович

«Албан аат эһиэхэ, Улуу Кыайыыны уһансыбыттарга!» брошюраттан