
1943 с. Армияҕа ыҥырыллыбыт. Забайкальскай фроҥҥа 24-с стрелковай дивизия 25 полкатын 1 ротатыгар Японияны утары сэриигэ кыттыбыт.
1945 с. төннүбүт.
1972 с. өлбүт.
Мин фронтовой ахтыыларым
Мин 1943 с. бэс ыйын 19 к. байыаннай бэбиэскэни туппутум. Ол нөҥүө күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ, оччотооҕу аатынан Куорамыкыга мустубуппут. Ол бириэмэҕэ военкомунан, кэлиҥҥи кэмҥэ партийнай үлэһитинэн үлэлээбит Михайлов Родион Ефимович үлэлии олороро. Биһиги Үөһээ Бүлүүттэн 300-чэ киһи мустубуппут. Ол дьон иһигэр мин билэр дьоннорум Оросутцев Филипп уонна учуутал Иванов Василий бааллара. Биһиги Ньурбаттан төннөн иһэр «Москва» пароходунан бэс ыйын 22 күнүгэр дойдубуттан аттаммыппыт. Онтон Бүлүү умнаһын дьонноро бу үс этажтаах Москва пароходунан Усть-Кут диэн сиргэ тиийбиппит. Манна, Усть-Кутка аҕалан пароход биһигини сүөккээн «Ленин» диэн пароходка олордубуттара, бу пароходунан биһиги Иркутскай куоракка түүн тиийбиппит, онно стройдатан баран икки аҥар көстөөх сиргэ, Мальтаҕа байыаннай чааспытыгар барбыппыт. Мальтаҕа кэлэн 1 ый карантинҥа сытыарбыттара. Манна кэлэн бастаан байыаннай форманы кэппиппит уонна байыаннай үөрэҕи (строевой хаамыыны, ытыыны) барбыппыт. Мальтаҕа биһиги от ыйын 29 күнүгэр дылы байыаннай үөрэҕи барбыппыт кэннэ от ыйын 29 күнүгэр товарнай поездка олордон тас Тас-Монголияҕа атаарбыттара. Атырдьах ыйын ортотун саҕана Тас-Монголияҕа Улан-Сыр байыаннай чааска биһиги Бүлүү сүнньүн элбэх дьоно аргыстаһан айаннаан кэлбиппит, кэлбит дьоннору тус-туспа араартаан дивизияларга, полкаларга, роталарга аһаталаабыттара. Мин 24-с стрелковай дивизия 25 полкатын 1 ротатыгар түбэспитим. Дьэ манна этэ эрэй диэн нууччалыы билбэт, көннөрү кэл-бар эрэ диэн тыллары билэр, аттыбар бэйэм санаабын астына кэпсэтэр биир да саха киһитэ суох этэ. Маҥнай айаннаан истэххэ уонунан тыһыынча сахалар этибит. Манна кэлэн соҕотохсуйуу биирдэ буолбута. Байыаннай балаһыанньаҕа киһи билбэти да билэр, истибэтэҕи да түргэнник өйдүүр эбит этэ. Син төһө да барытын өйдөөбөтөргүн байыанннай сорудахтары түргэнник ылынан истим, бу сырыттахпына биһиги ротабытыгар II этаптан кэлбит биир Сунтаар, биир Ньурба уола баар буола түстүлэр. Мин дьэ үөрүү бөҕө, бэйэм бииргэ төрөөбүт дьонум кэлбиттэрин курдук көрсүстүбүт, туох баар ис санаабытыттан, дууһабытыттан кэпсэттибит, төрөөбүт Сахабыт сирин туһунан кэпсэттибит. Николаев диэн Сунтаар уолун танкаҕа пулеметчугунан анаатылар. Биһиги Ньурба уола, Михайлов Иванныын стрелоктарынан ананныбыт. Бу ротаҕа биһиги 1943 с. атырдьах ыйын бүтэһигиттэн 1945 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр дылы байыаннай үөрэҕи, үлэни барбыппыт. Онтон от ыйын ортотуттан байыаннай сэппитин туппутунан сатыы Японияны утары сэриигэ аттаммыппыт. Бэрт уһуннук сатыы айаннаан элбэх сыранан атырдьах ыйын бүтүүтэ Танань диэн Китай куоратыгар тиийбиппит. Миигин манна биир украинецка ручной пулеметка иккис наводчигынан анаабыттара. Манна кэлэн эмискэ сэрии бара турар сиригэр баар буола түспүппүт. Манна этэ аан маҥнай байыаннай сүрэхтэниим, тула өттүбэр уоттаах сэрии, дьон өлүүтэ. Мин били украинецпар иккис наводчигынан сырыттахпына эмискэ киһибин гранат осколката кэлэн төбөтүн быһа тэбэн кэбистэ. Миигин взводум командира младшай лейтенант кэлэн 1 наводчигынан анаан кэбистэ. Ити түүнү быһа сэриилэһэн Танань куораты ылан кэбистибит. Сарсыарда бэйэбит дьоммутун 16 киһини кыргыһыы хонуутуттан хомуйдубут. Балаҕан ыйын 3 күнүгэр Япония капитуляцияламмытын туһунан иһитиннэрдилэр. Биһиги үөрэн атахпыт сири билбэт буолла. Дьон барыта «Кыайыы», «ураа» диэн хаһыы, үөрүү-көтүү бөҕөтө. Биһиги ротабыт, ол иһигэр мин, бу ылбыт куораппытыгар Танаҥҥа охранаҕа биир ый хааллыбыт, сорохтору билиэн бэриммиттэри харабыллатан, биһиги дойдубутугар Советскай Союзка атаардылар. Ити кэнниттэн биир ый охранаҕа туран баран Улан-Сырга төннөн кэллибит. Манна биһиэхэ Сталинтан кэлбит махтал суругу ааҕан иһитиннэрдилэр. Миэхэ «Победа над Японией» диэн медалы туттарбыттара. Онтон Улан-Сыртан ахсынньы ыйга Читаҕа поеһынан айаннаан кэллибит, манна 2 ый байыаннай аэродром тутуутугар үлэҕэ сырыттахпына срогум туолан дьэ дойдулуур буоллум. Читаттан поеһынан Большой Невергэ дылы, онтон дойдубар машинанан айаннаан бэйэм фронтовой сырыыбын түмүктээбитим.
Сэрии ветерана Оконосов Афанасий Афанасьевич
Нам музейын архыыбыттан