
1914 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕанаахха Чуорунай диэн ыалга төрөөбүтэ. «Кыһыл үлэһит» холкуоска үлэлии сылдьан, 1941с. алтынньы 6 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллан барбыта. 1942 с. тохсунньу 14 күнүгэр Соҕуруулуу-Арҕааҥы фроҥҥа (ЮЗфр) 160-с стрелковай дивизияҕа сэриилэһэ ыыппыттар (ЦАМО ф. 8371, о. 64317, д. 1). 1942 с. олунньу 13 күнүгэр 226-с стрелковай дивизияҕа, 987 стрелковай полкаҕа сэриилэһэ сылдьан өлбүт, Курскай (Белгородскай) уобаласка Сажненскай (Яковлевскай) оройуон, Сажное сэлиэнньэтигэр 577 саллаат көмүллүбүт 16 №-дээх братскай могилаҕа көмүллүбүт.
