
1942 сыллаахха сэриигэ барбыт. Сталинград кыргыһыытыгар рабочай батальон састаабыгар баран иһэрин Мегежекскай Н.А. көрсүбүт. Онтон атын информация суох.
Сэриигэ тылланан барбыта
1919 с. Үөһээ Бүлүү оройоунугар Нам сэлиэнньэтигэр Родионов Михаил Егорович (Мөчөкө) уонна Родионова Ольга Николаевналаахха 3 оҕоннон күн сирин көрбүтэ. Оскуолатын бүтэрэн баран Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн учуутал идэтин ылбыт. Ол кэннэ Өргүөт оскуолатыгар учууталынан үлэлии сылдьыбыт. Онтон 1941 с. Нам оскуолатыгар диреткорынан ананан үлэлии кэлбитю ол кэмҥэ Аҕа дойду сэриитэ саҕаланар. Николай Михайлович Нам оскуолатыгар 1941-1942 сс. үлэлээбит. 1942 с. баҕа өттүнэн тылланан сэриигэ барбыт. 1943 с. эдэркээн 24 эрэ саастаах Николай Михайлович Сталинград аннынааҕы кыргыһыыга сураҕа суох сүппүтүн туһунан биллэрии кэлбит.
«Хас сарсыарда аайы оскуола оҕолоругар линейка тэрийэн фашисткай халабырдьыттар кимэн киириилэрин абаран сатаран туран оҕолорго билиһиннэрэр этэ. Таганрог куораты ыллылар диэн хомойон аҕай кэпсээбитин бу курдук өйдүүбүн. Сураҕа суох сүппүтүн истэн хаарыан учууталбытын харыһыйан бөҕө буолбуппут» – диэн ахтар Нам нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа Мария Игнатьевна Константинова – Эдьиий Морууса.
Николай Михайлович биһиги таайбыт буолар, өр сылларга Нам нэһилиэгэр фельдшерынан, дьааһыла-сад сэбиэдиссэйинэн үлэлээн сылдьыбыт Үлэ, Тыыл ветерана биһиги ийэбит, эбэбит Родионова-Петрова Ульяна Михайловна бииргэ төрөөбүт убайа.
Бырааттара, балтылара Петровтар,
Нам нэһилиэгэ, 2020 с.