
1911 с. Нам нэһилиэгэр Чөкчөҥөөдөй Арамаана диэн дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Сэриигэ барарыгар кэргэнэ Кудусова Прасковья уол оҕолоох хаалбыта.
1942 с. сэриигэ ыҥырыллан барбыта. Сталинградскай фроҥҥа 252 стрелковай дивизия 932 стрелковай полкатыгар сэриилэспит. Сэриилэһэ сылдьан ыалдьан 1942 сыл ахсынньы 29 күнүгэр госпитальга киирэн баран өлбүт.
Саратовскай уобалас Балашов куорат Мача сэлиэнньэтигэр 39 № -дээх ииҥҥэ көмүллүбүт. (ЦАМО ф. 58, о. А-83627, д. 3634)

