
1909 сыллахха Нам нэһилиэгэр Романов Семен диэн орто ыал кэргэнигэр төрөөбүтэ. 16 сааһыгар Үөһээ Бүлүү оскуолатын бүтэрэн баран Бүлүү куоратыгар билиҥҥи педучилище бүтэһик курсугар үөрэнэ сырыттаҕына 1928 с. болдьоҕун иннигэр выпусктаан Маалыкайга учууталлата ыыппыттара.
1929-1932 сылларга Үөһээ-Бүлүү оскуолатыгар учууталлыыр. 1932-1935 сс. Ленинградка Герцен аатынан пединституту үөрэнэн бүтэрэр. 1935-1938 сс. Дьокуускайдааҕы пединститутка преподователинэн, завуһунан үлэлиир. 1938-1941 сс. Жданов аатынан Ленинградтааҕы университет аспирантуратын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэр.
1941 с. бэс ыйын 29 күнүгэр Хотугулуу-Арҕааҥы фронт (СЗф) норуодунай ополчение сэриитигэр 55 армия слуцко-колпинскай УР мл. лейтенант званиелаах командир взвода буолар.
1941 с. балаҕан ыйын 12 күнүгэр Ленинград Колпинскай оройуонугар сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
Нам нэһилиэгиттэн Дьокуускайдааҕы национальнай оскуола истээччитэ 1941 сыл бэс ыйын 21 күнүгэр Жданов аатынан Ленинградтааҕы Государственнай университекка «Ясак в Якутии в 18 веке» диэн темаҕа Никон Семенович Романов историческай наука кандидатыгар диссертацияны ситиһиилээхтик көмүскээн баран, сарсыныгар фашистскай Германия сэриинэн түспүтүгэр Ленинград куоратын көмүскэһэ бэйэтин баҕатынан фроҥҥа барбыта. Никон Семенович Романов кэргэнигэр Нина Ивановна Романоваҕа суруйбут суругар «Они пройдут только через наши трупы, живыми не пропустим» диэн эппитэ. Армияҕа барарыгар төрөөбүт дойду көмүскэлин иһин биир киһи курдук турунарга радионан тыл эппитэ. Бу туһунан «Известия» хаһыат 1941 сыл бэс ыйын 29 к. бу курдук суруйбута: «Тысячи лучших представителей советской интеллигенции Ленинграда уходят в передовые линии фронта… Аспирант исторического факультета тов. Романов, сын неграмотного якута, 21 июня блестяще защитил кандидатскую диссертацию, сейчас он призван в армию. У нас хотят отнять завоеванное счастье – говорит он – не бывать этому. Вчера я был научным работником, сегодня боец Красной Армии…» – диэн. Н. С. Романов төрөөбүт дойду иһин 1941 сыл балаҕан ыйын 9 к. Колпино диэн тимир суол узелыгар геройдуу өлбүтэ.



Учуонай, байыас
Мин учууталбын. Биир сүрэхтээх, уһулуччу дьоҕурдаах, үтүө майгылаах, көрсүө оҕону умнубаппын. Ол оҕо кэнники учуутал, саха сиригэр биир бастакы ученай буолбута. 1921-22 үөрэх дьылыгар Никон биһиэхэ олорон кыстаабыта. Үөһээ Бүлүү бастакы ступеннаах оскуола 3 группатыгар үөрэнэрэ. Оҕолор үксүгэр көмүлүөк оһох сырдыгар уруокатрын аахталлара. Аһыыр ас кэмчи этэ. Кинини кытта биһиэхэ хас да оҕо олорбута. Никон оонньоон атыҥҥа аралдьыйарын биирдэ да көрбөтөҕүм. Биир да киэһэни көтүппэккэ көмүлүөк сырдыгар түүн үөһүгэр дылы кинигэ ааҕа олорор буолара.
Никон 1909 с. Нам нэһ. орто бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата Семен Романович Романов 4 уоллааҕа 3 кыыстааҕа. Никон оскуолаҕа 1919 с. киирбитэ уонна 7 кылаастаах бааһынай ыччатын оскуолатын туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ. Бүтэрээт 1926 с. Бүлүүтээҕи педтехникумҥа киирбитэ. 3курска үөрэнэ сырыттаҕына 1929 с. бастыҥ студент быһыытынан оскуолаҕа учууталынан ыыппыттара, Ньурбаҕа, Маалыкай оскуолатыгар. Онно бастакы холкуостары тэрийиигэ атын общественнай үлэлэргэ активнайдык кыттыбыта. Ити кэннэ Үөһээ Бүлүүгэ 1932 с. сааскыга дылы үлэлээбитэ. Бүлүү техникумугар үөрэнэ сылдьан комсомолга 1930 с. партияҕа киирбитэ.

1932 с.- 1935 с. диэри Ленинградка Герцен аатынан институту бүтэрбитэ. Кэргэнэ Нина Ивановна Романова ахтыытынан бастаан утаа нууччалыы билиитэ мөлтөх эбитэ үһү. Ол эрээри кыһамньылаах уонна дьоҕурдаах буолан профессордарга хайҕатара уонна таптатара үһү. Биир сыл иһигэр нуучча тылын эҥкилэ суох баһылаабыт уонна мунньахтарга суруммакка эрэ нууччалыы бэрт ыраастык, холкутук тыл этэр буолбут. Пединститут колоннай саалатыгар студеннар бастыҥ үлэлэрэ көрдөрүүгэ ыйанара, онно Никон үлэлэрэ эмиэ баар буолара диир кэргэнэ. Студенныыр сылларыгар комсомольскай тэрилтэ секретарынан үлэлээбит, студеннар таптыыр салайааччыларын быһыытынан биллибитэ. Институту бүтэрбитин кэннэ салайар дьоҕурдааҕын, научнай-чинчийэр үлэлэргэ сыһыаннааҕын иһин профессордар аспирантураҕа хааларыгар сүбэлээбиттэрэ. Никон бэйэтин дойдутугар үлэлиэн-туһалыан баҕаран 1935-36 cc. дылы Якутскайдааҕы пединститут преподавателинэн, кэлин директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үлэлээбитэ. Саха сиригэр научнай кадрдары бэлэмнээһин боппуруоһа сытыытык турбута. 1938 с. Ленинград Ждановскай Государственнай Университетка аспиранынан киирбитэ. Кини дьулуурдаахтык дьарыктаммыта, сарсыарда 5-6 чааска, түүн хойукка диэри үлэлиирэ. Аспирантураны ситиһиилээхтик бүтэрэн 1941 с. кандидатскай диссертацияны суруйбута, саас 1941 с. бэс ыйын 21 күнүгэр «Саха сиригэр 18 үйэтээҕи ясак» диэн темаҕа диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээн историческай наука кандидатын аатын ылбыта. Кини үлэтин Ленинград учуонайдара, чуолаан профессордар Н.Н. Степанов, М. Н, Мартынов үрдүктүк сыаналаабыттара. Саха сирин, Сибиир бүтүннүүтүн историятын үөрэтиигэ дьоһуннаах кылааты киллэрии диэбиттэрэ.
Эдэр учуонай 1941 с. бэс ыйын 29 күнүгэр немецкэй-фашисткай талабырдьыттары утары сэрии фронугар доброволеһынан барбыта. Ол туһунан ССРС Верховнай Советын Президиумун органа «Известия» хаһыат 1941 с. бэс ыйын 29 к. нүөмэригэр бастакы сирэйгэ «Бары кыахтары фронт наадатыгар» диэн рубрика анныгар суруллубута Ленинград интеллигенциятын тыһыынчанан ааҕыллар бастыҥ представителлэрэ фронт инники линиятыгар бараллар… Историческай факультет аспирана таб. Романов үөрэҕэ суох саха уола, бэс ыйын 21 к. Диссертациятын килбиэннээхтик көмүскээбитэ, онтон бүгүн кыргыһыы толоонугар барда. «Ыар охсуһуунан, дьулуурдаах үлэнэн ситиспит дьолбутун былдьыырга соруналлар, – диир кини. Суох, оннук буолуо суоҕа, бэҕэһээ мин учуонай буолаары сылдьыбытым, онтон бугун кыайыылаах кыһыл армия байыаһабын».
Младшай лейтенант Романов Никон Семенович Ленинградскай фроҥҥа 78-с запасной стрелковай полкаҕа политрук этэ. Хаан тохтуулаах кырыктаах кыргыһыыларга коммунист хорсун быһыы холобурдарын көрдөрөрө, саллааттары көҕүлүүрэ. Ол сылдьан балаҕан ыйын 9 к. Колпино дэриэбинэ аттыгар буолбут хаан тохтуулаах кыргыһыыга геройдуу охтубута.
Никон кэргэнэ Нина Ивановна үрдүк үөрэхтээх учуутал, билигин 66 с. пенсионерка, уола Вениамин Никонович үрдүк үөрэхтээх учуутал, Куйбышев куоракка үрдүк үөрэх заведениетыгар нуучча тылын уонна литературатын преподавателинэн 3-c сылын үлэлиир, научнай-чинчийэр үлэнэн дьарыктанар.
Үөһээ Бүлүүгэ Никон Семенович Романов аатынан уулусса ааттаммыта. Кини төрөөбүт нэһилиэгэр кини аатын үйэтитэр ханнык эмит бэлиэ баара буоллар дии саныыбыт.
Ксенофонт Оросутцев
1985 c. «Коммунизм сардаҥата» хаһыат