Романов Савва Григорьевич

1915 с. Нам нэһилиэгэр Чөкчөҥөөдөй диэн ыалга төрөөбүт. «Чолбон» холкуос чилиэнэ. Ийэтэ Филиппова Евдокия Кирилловна.
1942 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт, Сталинградскай фроҥҥа 252 стрелковай дивизия 932 стрелковай полкатыгар убайын кытта бииргэ сэриилэспиттэр эбит.
1942 с. алтынньы 24 күнүгэр Сталинград иһин кыргыһыыга өлбүт. Волгоградскай уобалас Кузьмичи дэриэбинэтигэр братскай могилаҕа көмүллүбүт.

Художник талааннаах этэ

Убайым Савва сэриигэ барарыгар биһиги икки бырааттыы тулаайах хаалбыппыт. Армияҕа барарыгар биһигини мэктиэлээн барбыт, кэллэҕинэ иитиэх буолан.

Мин оҕо эрдэхпинэ өйдүүрбэр орто уҥуохтаах уол этэ. Миэхэ олус үчүгэйдик мындырдык сахалыы оонньуулары оҥорон биэрэрэ. Олох дьиҥнээх аттары сыарҕалаан хомууттаан оҥороро. Саха балаҕанын толору көрүҥүн оҥорор этэ. Кэлин улаатан баран өйдөөтөхпүнэ художник талааннаах эбит. Мин баҕар ону батан художник буолбутум буолуо. Аҕам эмиэ улахан мас ууһа үһү. Кини остуоллара холкуоска хонтуораҕа өргө диэри туралларын өйдүүбүн.

Суруйдум Романов Павел Михайлович

1996 сыл кулун тутар 26 күнэНам музейын архыыбыттан