Семенов Семен Николаевич

1921 с. Ньурба оройуонугар Маар нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1942 с. сэриигэ ыҥырыллыбыта. I Беларусскай фроннарга 117 стрелковай полкаҕа, 83 пограничнай полкаҕа, 159-с “отдельный стрелок местной батареи – снайпер” буолан уоттаах сэриигэ кыттыбыт. 1943 с. Арҕааҥы фроҥҥа 20 Армия 207 стрелковай дивизия 289 стрелковай полкатыгар сэриилэспитэ..
1947 с. демобилизацияланан дойдутугар төннүбүт.
1943 с. атырдьах ыйын 4 күнүгэр «Бойобуой үтүөлэрин» иһин мэтээлинэн, 1985 с.  муус устар 6 күнүгэр Аҕа дойду сэриитэ II  истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.

Аҕабыт туһунан ахтыы

БиҺиги аҕабыт Семенов Семен Николаевич 1921 с. Ленинскэй «Нюрба» оройуонугар Маар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэттэ кылааһы бүтэрэн баран Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэ киирбитэ. 1942 сыл атырдьах ыйыгар Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Бүлүү куоратын райвоенкоматтыттан ыҥырыллан барбыта.                                                                       

Бэйэтэ суруйарынан уонна биһиэхэ кэпсииринэн, сэриигэ бастакы улахан сүрэхтэниитин Смоленскай уобалас Дорогобуж куоратын босхолооһуҥҥа ылбыт. Кини онно төбөтүгэр бааһырбыт үһү. Семеновка диэн дэриэбинэҕэ полевой госпитальга эмтэммит. Бэйэтэ ол госпиталын нүөмэрин өйдөөбөт этэ. Ол саҕана ыһыллыы-тоҕуллуу буолан бааһырыытын аахпатахтара. Бэйэтэ кэлин 1980-с сылларга Киин байыаннай архыыпка суруйан, бааһырбытын туһунан справка көрдөһөр этэ. Эппиэт кэлбэтэҕэ.

Погранотряд  начальнигын солбуйааччынан сулуспалыы сылдьан пограничниктарга политзанятие ыытарын кэпсээччи. Погранотрядка Карелия Финляндияны кытта кыраныыссалаһыытыгар сулууспалаабыта. Армияттан 1947 с. демобилизацияламмыта. Дойдутугар төннөн  иһэн Ярославскай уобалас  Переславль-Залесскай куорат аттыгар хаалбыт. Кини  онно леспромхозка учетчигынан үлэлээбит. Нуучча дьахтарын ойох ылан, биир уол оҕолоох. 70-с сылларга суруйсарын өйдүүбүт.

Наградной документ (ЦАМО 33, о. 744808, д. 1725,3)

1962 с. биһиги ийэбитин Прокопьева Евдокия Кондратьевнаны кытта ыал буолаллар уонна үс уол оҕолоноллор. Кыра уоллара Егор 16 сааһыгар ыалдьан өлбүт. Икки уолаттар ыаллар. Александр Хабаровскайдааҕы педагогическай институту бүтэрбитэ, билигин индивидуальнай предприниматель. Кэргэнэ Людмила Петровна Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 нүөмэрдээх оскуолаҕа учууталынан үлэлиир. Уоллаах кыыс оҕолоохтор. Уол Петя Москваҕа «Институт стали и сплавов» бүтэрэн билигин Дьокуускай куоракка механическай заводка ОТК начальнигынан үлэлиир. Кэргэннээх, икки уол оҕолоох. Кыыс Наташа ЯГСХА экономическай факультетын бүтэрэн Майаҕа үлэлиир, кэтэхтэн ХИФУ экономическай факультетыгар магистратураҕа үөрэнэ сылдьар.

Сергей Семенович индивидуальнай предприниматель. Кэргэнэ Татьяна Анисимовна дьиэ хаһаайката, өр кэмҥэ оҕо тэрилтэтигэр үлэлээбитэ. Икки уол оҕолоохтор. Улахан уол Семен Сергеевич, Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар сүрүн специалиһынан үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар. Кыра уол Виктор Сергеевич Москваҕа «Институт стали и сплавов» үөрэнэ сылдьар.

Биһиги Нам нэһилиэгэр 1977 с. көһөн кэлбиппит. Аҕабыт Семен Николаевич Нам рабкообар рабочайынан киирэн араас үлэҕэ сылдьыбыта. Бастаан ийэбитинээн аҕыйах сибиинньэ көрбүттэрэ, онтон атынан килиэп таһар буолбута. Үлэтигэр сүрдээх бэриниилээх, көлүнэр атын бэйэтэ көрөн-истэн сылдьара, сайынын бэйэтэ туспа оттон хаһаанара. Салалта тугу этэрин улгумнук толорор, хайҕалга сылдьар үлэһит этэ. Ону туоһулуур элбэх Махтал суруктар, Грамоталар бааллар этэ.

Таптыыр аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит Семенов Семен Николаевич «Уһун Сэмэн» туһунан сырдык өйдөбүл өрүү биһиги сүрэхпитигэр тыыннаах сылдьыаҕа.

                               Ахтыыны суруйдулар уолаттара

Александр Семенович, Сергей Семенович  Семеновтар.

 Олунньу 29 күнэ, 2020