Софронов Прокопий Афанасьевич-Боороо

1917 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха Дадаха диэн ыал кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кинини кыра эрдэҕинэ Халый Силиппиэнэ диэн ыал ылан ииттибиттэрэ. Ииппит дьонноро өлбүттэрин кэннэ төрөппүттэригэр кэлбит. «Кыһыл үлэһит» холкуос чилиэнэ, комсомолец. Алдаҥҥа кыһыл көмүс үлэтигэр бара сылдьыбыт.
1941 с. сэриигэ ыҥырыллан барбыт. Соҕуруулуу-Арҕааҥы фроҥҥа (ЮЗфр) 160-с стрелковай дивизияҕа сэриилэспит. 1942 с. тохсунньу 10 күнүгэр өлбүт, Курскай уобалас Щигровскай оройуон,
Соколия Плато сэлиэнньэтигэр көмүллүбүт. Кэлин 1965 с. Щигровскай оройуон «Охочевскай», кэлин «Зеленая роща» диэн ааттаммыт сопхуос территориятыгар баар братскай могилаҕа хараллан сытар.
160 стрелковай дивизия 1942 с. тохсунньу 10-20 күннэригэр кыргыһыы хонуутугар өлбүт саллааттар испииһэктэригэр Сапронов Прокофий Афанасьевич диэн суруллубут. (ЦАМО ф. 58, о. 818883, д. 455)
Прокопий Софронов көмүс уҥуоҕа хараллан сытар братскай могила

Саха Данкота

Прокопий Софронов, эдэркээн комсомолец, «Кыһыл үлэһит» холкуоска дьүккүөрдээхтик үлэлээбитин-хамсаабытын туһунан оччотооҕуга хаһыакка маннык суруллубут: «Прокопий ситэрин саҕана бэрт кыайыылаах, доруобай киһи этэ. Кини үөрэнэн кинигэни, хаһыаты добдугураччы ааҕар буолбута. Үлэҕэ турунна да биир  сорунуулаах этэ.» Аҕата кэпсииринэн, сэниэлээх быһыылааҕа да, биллэрбэтэ. Үс мастаах хоппоҕо толору симиллибит мууһу дэгдэччи көтөҕөн күүлэҕэ киллэрэн уурара үһү.

Комсомол Саха уобаластааҕы комитетын ыҥырыытынан көмүс промышленноһын сайыннарарга Прокопий Софронов,  дьоно төһө да  сөбүлээбэтэхтэрин үрдүнэн, биир бастакынан буолбута. Кини Алдаҥҥа тиийэн үс сыл шахтаҕа олус ыарахан үлэҕэ үлэлээбитэ, стахановскай хамсааһыҥҥа кыттыһан, нуорматын иккилии бүк толортоон, хаста да хайҕаммыта, бириэмийэлэммитэ. Итиннэ сылдьан өй-санаа, билии-көрүү өттүнэн лаппа сайдыбыта.

Сэрии саҕаланыыта кини Намнааҕы МТС-ка тимир ууһунан үлэлиирэ. Ол кэмҥэ, 1941 сыл атырдьах ыйыгар, Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта.

ССТА корреспонденын суруйуутугар маннык этиллибитэ: «1942 сыл… Ынырык сэрии суоһаабыт саамай ыарахан сылларыттан биирдэстэрэ этэ. Прокопий Софронов сэриилэспит полката 1942 сыл бастакы аҥарыгар улахан сүтүктэммитэ. Полк знамята кыл-мүччү өрүһүллүбүтэ. Оччолорго командирдар олох тиийбэттэрэ, оттон өстөөхтөр буоллахтарына кинилэри анаан-минээн бултаһаллара. Ол иһин командиргытын харыстааҥ, хаһан баҕарар араҥаччылыыр буолуҥ диэн саллааттар ортолоругар үгүс өйдөтүү үлэ ыытыллара…

Соҕуруулуу-арҕааҥы фронт Н-скай чааһа кимэн киирэргэ бирикээһи ылбыта. Атаакаҕа бастакынан комсомолец Софронов иннин диэки ыстаммыта. Хабыр хапсыһыы, ыстыыгынан кэйгэллэһии буола турар биир түгэнигэр Софронов хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, биир гитлеровец кини командирын кыҥаан эрэр эбит. Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр, кини ыстанан тиийэн өстөөх үрдүгэр саба түспүтэ, эдэр командирын түөһүнэн бүөлээбитэ…»

Оччолорго саха уолун геройдуу быһыытын туһунан сурах дойду бары муннуктарын тилийэ көппүтэ. Москва радиота олунньу ыйга «Саха Данкота» диэн ааттаах радиокомпозицияны биэрбитэ. Өлөртөн быыһаммыт нуучча лейтенана Трифонов биһиги уолбут дьонугар суруйбута: «Маннык хорсун уолу ииппиккит иһин Ийэ дойду аатыттан дириҥник махтанабын. Кини мин олохпун бэйэтин тыынын толук ууран быыһыы сылдьан геройдуу өллө. Эһиги албан ааттаах уолгут сырдык олоҕун фашистартан хайаан да иэстэһиэм».

Дойдутугар герой аата умнуллубата. Нам музейыгар киирдэххэ экскурсовод аан бастакынан Софронов героизмын туһунан кэпсээнин истиэххит.

Василий Григорьевич Ильин,

Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала,

1988 с.

Худ. Кривошапкин А.Н

Ньургун сэрииһит

«Соҕуруулуу-Арҕааҥы фронт Н-скай чааһа кимэн киирэр туһунан бирикэсс ылбыта. Атаакаҕа бастакынан комсомолец Софронов ыстаммыта. Хабыр хапсыһыы, ыстыыгынан киирсии биир түгэнигэр кини командирын гитлеровец кыҥаан эрэрин хараҕын кырыытынан көрбүтэ. Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр кини өстөөххө сүүрэн тиийэн, саба түспүтэ, түөһүнэн командирын бүөлээбитэ. Саа тыаһа ньиргийбитэ. Герой өстөөх буулдьатыттан табыллан, төрөөбүт дойдутун иһин олоҕун толук уурбута». (1942 сыл, олунньу 15 к. ССТА иһитиннэриитинэн)

ССТА ити биллэриитигэр аата, аҕатын аата ыйыллыбатах буойун аата Үөһээ Бүлүү оройуонун Балаҕаннаах сэлиэнньэтигэр төрөөбүт «Кыһыл үлэһит» холкуос чилиэнэ Прокопий Афанасьевич Софронов диэн этэ. Оччолорго чулуу саха уолун геройдуу быһыытын туһунан суһал сурах дойду бары муннуктарын тилийэ көппүтэ. Бэл, Москва радиота олунньу 19 күнүгэр «Саха сирин Данкота» диэн радиокомпозицияны биэрбитэ биллэр. Ол түгэнтэн хайыы үйэ хас эмэ сыл ааһа оҕуста. Үтүө сурах, албан аат симэлийэн хаалбакка, сылларга бэриммэккэ, биһигини саха дьонун Софронов геройдуу быһыыта күн бүгүнүгэр диэри сөхтөрөр.

Прокопий бэбиэскэни тутаат, ол киэһэ фроҥҥа барар дьону кытта Үөһээ Бүлүүгэ аттаммыта. Аара Кардашевскайдар диэн билэр ыалыгар чэйдээн ааспыт уонна дьонугар быраһаайдаһар түгэн булбатым, соҕотоҕун барар буолбатахпын, элбэхпит, барбыт киһи барыта өлүө суоҕа, тыыннаах эргиллэр инибин, өллөхпүнэ даҕаны сахам норуотун түһэн биэриэм суоҕа диэн илдьит хаалларбыт.

Хорсун буойуну билэр дьон кинини амарах сүрэхтээх, аһаҕас дууһалаах, эйэҕэс майгыннаах, оҕону наһаа таптыыр киһи этэ дииллэр. Суостаах сэрии хабараан күннэригэр өлөртөн быыһаммыт нуучча киһитэ лейтенант Трифонов Прокопий дьонугар: «Маннык хорсун уолу ииппиккит иһин Ийэ дойду аатыттан дириҥник махтанабын. Кини мин олохпор бэйэтин олоҕун толук ууран быыһыы сылдьан геройдуу өллө. Эһиги албан ааттаах уолгутун фашистартан хайаан да иэстэһиэм!» – диэн суруйбута.

Билигин Бүлүү военкоматын архивыгар П. А. Софронов өлбүтүн биллэрэр сурук кэриэс курдук уурулла сылдьар. Ол биллэрии 1942 с. олунньу 6 күнүгэр суруллубут. Онно бу курдук этиллэр: «Эһиги уолгут Саха АССР Үөһээ Бүлүү оройуонун Нам сельскэй советыгар төрөөбүт Сапронов Прокопий Афанасьевич, Социалистическай Ийэ дойдутун көҥүлүн иһин бэриниилээхтик, геройдуу кыргыһа сылдьа, 1942 c. Тохсунньу 19 күнүгэр өллө. Курскай уобалас Щигровскай оройуонун Соколья Плота диэн дэриэбинэҕэ көмүлүннэ».

Ол сыллардааҕы фронтовой хаһыаттары көрдөххө, армияҕа командирдар олох тиийбэттэрэ, оттон өстөөхтөр кинилэри анаан-минээн бултаһаллара диэн суруйаллар. Ол да иһин сэриилэһэр армияҕа командирдаргытын харыстааҥ, ханна баҕарар араҥаччылыыр буолуҥ диэн саллааттар ортолоругар үгүс өйдөтүү үлэтэ ыытыллара. Биһиги уолбут партия ол ыар күннэргэ тутуһар линиятын этинэн-хаанынан өйдөөн куруук бэлэм сылдьыбыт буолуохтаах. Архивка баар докуменнартан көстөрүнэн, Прокопий сэриилэспит полката 1942 с. бастакы аҥарыгар улаханнык сүтүктэммит. Бэл, полк штабын докумуоннара фашистар илиилэригэр түбэһэ сылдьыбыт. Онтон знамялара кыл мүччү быыһанан, полк албан аатын туһэн биэрбэтэх. Ол амырыын, хаан тохтуулаах хапсыһыыларга дивизия хаһыата эмиэ кыайан тахсыбатах. Командирдар испииһэктэрэ өстөөх илиитигэр түбэһэн баран иккистээн төннүбэтэх. Онон били быыһаммыт Трифонов толору аата суола, төрдө-ууһа, аадырыһа ситэ үөрэтиллибэтэ. Кылаабынайа – биһиги биир дойдулаахпыт, сэдэх геройствоны оҥорбут Прокопий Афанасьевич Софронов көмүс уҥуоҕа көмүллүбүт сирэ умнуллубакка, истиҥ көрүүгэ-харайыыга сытара киһини үөрдэр.

Дмитрий Бубякин

Имя, которое носит отряд

Наш отряд носит имя нашего земляка, участника ВОВ Софронова Прокопия Афанасьевича. Мы добились этой чести хорошей учебой, примерным поведением и еще – заслужили звания правофлангового отряда дружины.

О героическом подвиге Софронова рассказали центральные газеты, газета «Социалистическая Якутия» писала 18 февраля 1942 г. так: Юго-Западный фронт. 15 февраля. (ТАСС). Н-ская часть получила  приказ о наступлении. Первым ринулся в бой комсомолец Софронов. В пылу сражения он заметил, что фашист в упор нацелился в командира. Софронов в мгновение ока подбежал и своей грудью заслонил командира».

Родители героя получили известие: «… ваш любимый сын, геройски погиб в рукопашном бою, заслонив собою своего командира». Пришло письмо и от командира, лейтенанта Трифонова, который сообщал, что будет мстить фашистам за спасшего ему жизнь товарища. После войны лейтенант Трифонов писал родителям погибшего бойца, приглашал их к себе в гости.

Мы узнали, что по московскому радио шла передача, в которой Прокопия Софронова называли «Якутским Данко», а подвиг его – интернациональным: он показал, как дружны между собой разные национальности нашей страны. Певец-импровизатор М. Н. Тимофеев-Терешкин написал балладу о подвиге героя. Художник А.Н. Кривошапкин геройскому подвигу солдата посвятил картину.

Софронов родился в крестьянской семье. Рассказывали, что у него с детства сложился характер твердый и волевой. Когда мальчишки играли в войну с снежками, Прокопий всегда отбивался до последнего «патрона». Подрос и стал одним из лучших работников своего холкуоса «Красный работник». А в 1936 г. по призыву Якутского обкома ВЛКСМ, получив комсомольскую путевку, поехал работать на Алдан, на золотой прииск. Выдавал по две нормы, стал стахановцем, имел несколько благодарностей. Через три года Прокопий вернулся в свой холкуос. Не отказывался ни от какой, даже самой трудной работы. Много читал. Занимался самообразованием.

Мы стараемся быть похожими на своего земляка, быть достойными его имени.

Надя Явловская,

Якутская АССР, Верхневилюйский оройуон, с. Намцы

(журнал «Пионер» №5, 1986 г.)