1918 с. Нам нэһилиэгэр төрөөбүт. Ханхатта Көстөкүүнүн уола.
1941 с. сэриигэ ыҥырыллан барбыт. Байыаннай пересыльнай пуун докумуоннарыгар көстөрүнэн 1942 с. олунньу ый 10-15 күнүгэр Забайкальскай фронт 41-с запасной стрелковай дивизия 67-с запасной стрелковай полкатыттан сэриигэ барбыт. 1942 с. от ыйын 7 күнүгэр 2805 эвакогоспитальтан 1 УкрФ 49 сд 121 оиптд (отдельный истребительный противотанковый дивизион) састаабыгар Калуга диэки сэриилэһэ ыыппыттар. 1942 с. сэтинньи 7 күнүгэр Сталинградскай уобалас Иловицкай оройуон Паньшино диэн сиргэ ылбыт бааһырыытыттан өлбүт (ЦАМО ф.58, о. 977525, д. 334).
