
1922 с. Туобуйа нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1942 с. сэриигэ барбыта, Воронежскай фронт 6-с стрелковай дивизиятын 125 стрелковай полкатыгар сэриилэспитэ.
1944 с. улаханнык бааһыран дойдутугар эргиллибитэ.
2006 с. өлбүтэ.
1976 с. бэс ыйын 16 күнүгэр «Албан аат» III истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.
Ол суоһар сылларга
(кырдьаҕас саллаат ахтыыта)
Степанов Николай Сергеевич сэрии саҕаланыытыгар уон тоҕуһун туолбута. Улахан уҥуохтаах, күүстээх көрүҥнээх уола-хааҥҥа кубулуйбуа. Ол да иһин 1942 с., саас хаар ууллуута, сэриигэ бастакы ыҥырыкка барааччылар уонча аттарын соҕотоҕун төнүннэриэ диэн, сэриигэ барааччылары хомуйа тахсыбыт учуутал Петр Николаевич Тобуруокап Үөһээ-Бүлүүгэ илдьэ киирбитэ. Ньукулайга аттары төнүннэрэр кыаҕы биэрбэтэхтэрэ. Сонно бэбиэскэ тутан бэйэлэрин саастыыта эдэр уолаттары кытары сэриигэ барар буолбута. Аттары кытта төннүө диэбит оҕото уоттаах сэриигэ ыҥырыллыбыта аҥардас ийэҕэ олус соһуччу этэ. Тыыннаах төннөр эрэ, суох эрэ… Иитэн-аһатан олорор суос-соҕотох уол оҕото, ийэтиттэн, балтыларыттан алгыс тыл истибэккэ барара ийэҕэ ыарахана. Ньукулай сэриигэ баран эрэрин дьонугар биллэриэн иһин оччотооҕуга сибээс диэн суоҕа, онон дьонунан тапталлаах ийэтигэр аһары аймамматыгар көрдөһөн илдьит ыытаахтаабыта. Ити сыл Туобуйаттан 67 киһи сэриигэ ыҥырыллан барбыта.
Ньукулай Уралга «Молотов» куорат 19 хайыһар биригээдэтигэр тубэспитэ. Ол суоһар сыллары “Албан аат” III истиэпэннээх, “Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии” I истиэпэннээх уордьаннарын кавалера Николай Степанович маннык кэпсиир: “Байыаннай училищеҕа бэс ыйыттан сэтинньи бүтүөр дылы үөрэттилэр. Дьэ онно баар этэ үөрэх ыарахана диэн, астара аҥардас хаппыыста уута, иһим ыалдьан сотору-сотору таһаара сүүрэбин. Сэниэм дэлби эстэн, унуох-тирии буола ыран хааллым. Оннук испинэн ыалдьан, олус дьүдэйэ сырыттахпына сэриигэ бараҕыт диэн буолла, барыбытын ойуурга таһааран олохтоотулар. Мин толкуй бөҕөҕө түстүм: «Маннык ыалдьан, ыран-дьүдэйэн баран хайдах сэриигэ барыах баҕайыбыный, саабын да кыайан сүкпэт буола мөлтөөтүм. Бачыынкабын да нэһиилэ сыҕарытабын. Хамандыырбар баран эппиппэр ырбыппын-дьүдэйбиппин көрөн, сеҕөн санчааска ыытта. Санчааска нэһиилэ саллаҥнаан тиийбиппэр эдэр баҕайы кыргыттар “Сыгынньахтан”,- диэтилэр, миигин көрө-көрө төбөлөрүн быһа илгистэллэр, ойоҕосторбун тарбахтарын төбөлөрүнэн сотоллор, гармошка” дэһэллэр уонна үс биэрэстэлээх сиргэ баар госпиталы ыйан ыыттылар. Онно тиийбитим, госпиталга 40-ча саха баар эбит. Батальон саллааттарын уотарга, сэниэ киллэрэргэ аналлаах госпиталлара эбит. Астара үчүгэй буолан сотору кэминэн өрүттэн киирэн бардым. Мордовской диэн Ньурбаттан төрүттээх киһини кытта билсистим, олус сытыы-хотуу киһи этэ, ону кытта бодоруһан хата үрүҥ килиэпкэ тиийэ сиир буолбуппут. Түөрт аҥаар ыйынан олох атын дьон буоллубут, урукку чөлбүтүгэр түстүбүт. Кулун тутарга ханнык эрэ генерал кэлэр үһү диэн буолла. Биһигини өссө офицердары бэлэмниир байыаннай үөрэххэ ыытаары гыннылар, комиссия тэриллибитигэр үс буолан киирэн сэриигэ барабыт диэн көрдөстүбүт. Инньэ гынан сэриигэ барааччылар биэс буолан хааллыбыт, үс хонон баран поеһынан сэриигэ айаннаатыбыт. Айаннаабыппыт хас да хоммутун кэннэ, ханнык эрэ станцияҕа поезтан тахсан сынньана олордохпутуна «Воздух» диэн хаһыы иһилиннэ да, ньиэмэс самолеттара кэлэн буомба бөҕөнү туһэртээтилэр. Аттыбытыгар биир буомба бадарааҥҥа дьөлө түстэ да, хата, дьолго эстибэтэ, биһиги үрүө-тараа ыһыллынныбыт. Самолеттар иккистээн кэлэн буомбалаан инники турар вагоннары күөрэ-лаҥкы ыһан кэбистилэр. Киһи өлүүтэ, хаһыыта-ыһыыта, өй-мэйдээх тулуйбат үлүгэрэ. Киэһэтигэр биир паровоз кэлэн, били дьардьамата эрэ хаалбыт поезпытын соһон барда. Ол киэһэттэн аны сатыы айаннаатыбыт. Фронт төһө ырааҕын ыйыталаһабыт, ону 25 көс хаалла дэһэллэр. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ дылы хаам да хаам буолабыт, аҕыйах сухой паектаахпыт бүтэн эрэр, эмиэ аччыктыыр кыһалҕа тириэх курдук. Сыыр үрдүттэн кэннигин эргиллэн көрдөххүнэ хатыс быаны ууннары тардыбыт курдук дьон бөҕө субуллан иһэр. Бачча элбэх киһини кытта сэриигэ киирэн иһэр буолан эрэх-турах сананабын. Айаннаабыппыт иккис киэһэтиттэн сэрии тыаһа иһиллэр буолла, ханнык эрэ араас дэриэбинэлэри ааһабыт, дьиэлэрэ умайан оһохторун турбалара эрэ хороһон хаалаахтаабыттар. Утары эвакуацияланан иһэр дэриэбинэ олохтоохторун көрсөбүт, оҕолор ытаһыы-соҥоһуу бөҕө, биһигиттэн ас көрдөөн сордоноохтууллар, кыраны, паек тобоҕуттан туох баарынан бэрсэ сатыыбыт. Нууччалар аччыктаан ыксаан ыт тылын курдук оту булан сииллэр. Сотору соҕус ханнык эрэ дэриэбинэҕэ кэлэн тохтоотубут, бүтүн дьиэ хаалбатах, арай ойуур саҕатыгар биир сэнэх соҕус дьиэ баарыгар тиийэн сарай үөһэ таҕыстым. Сарайга оруос бурдук бөҕө баар эбит, ону рюкзакпар хааланным. Уолаттарбын кытта ону буһаран сиэн испит дыгдаччы үллэн хаалан күлсүү бөҕө буоллубут. Сэриилэһэ тиийиэхтээх сирбитин булан дьэ дьиҥнээх итии аһылыгы аһаатыбыт. Хамандыырдарбыт саа-саадах туттардылар. Училищеҕа үөрэммиппин истэн миэхэ ручной пулемет биэрдилэр, онон иккис наводчик буоллум. Үс хонук сынньанан баран сэриигэ киирии буолла. Сарсыарда эрдэ туран айаннаатыбыт. Снаряд, бомба эстэр, сэп-сэбиргэл ытар тыаһа ынырык, ол айаннаан истэхпитинэ хантан да кэлбиттэрэ биллибэккэ ньиэмэс самолеттара эмиэ буомбалаатылар. Сибиэһэй чаас сэриигэ киирэн иһэрин билэллэрэ бэрт эбит, сибээстэрэ үчүгэйэ бэрдэ буолуо. Сыыһа-халты буомбалары түһэрэллэр, биһиги айаннаабыппыт курдук салгыы бардыбыт. Онтон биир сиргэ кэлэн ротанан миэстэлэрбитин булан хаалыы буолла, ыккардыбыт биэрэстэни кыайбат. Чугуев куорат көстөр, устата-туората биллибэт, хайдах эрэ мас куорат курдук. Биһигини онно киллэрдилэр,траншеяҕа олохпутун буллубут, пулеметнай точка турар сирэ оҥкучах эбит, онно пулемеппутун туруордубуг. Үстүү чааһынан быысаһан харабыллыыбыт. Бастакынан мин олорор буоллум. Ньиэмэстэр траншеялара, бэйэлэрэ да барыгылдьыһан көстөллөр. Чочумча соҕус буолан баран үс ньиэмэс дэриэбинэ кытыытынан мин диэки иһэллэрин көрөөт, пулемеппунан ытыалаан субуруттум. Дьэ айдаан бөҕөнү төлө тартым, уһуктуу буолла, хантан эрэ хамандыырым сүүрэн кэллэ:
Ким ытта, тугу ытта?
Мин, Степанов, үс ньиэмэһи өлөрдүм.
Өссө өлөрдүм буола-буола. Пулеметнай туочука ханна баарын биллэрдиҥ, итиччэтигэр сарсын инники линияҕа барыаҕыҥ диэтэ.
Кырдьык да, нөҥүө күнүгэр киэһэ 5 киһини. Ол иһигэр миигин инники линияҕа илдьэ бардылар. Бэс устун барбыппыт кэннэ «Малиновка» диэн дэриэбинэ бу турар эбит. Томтор үөһэ дабайан таҕыстыбыт, дэриэбинэ бэтэрээ өттүнэн үрэх баар. Үрэх аттынан поезд суола ааһар, онно ньиэмэстэр окопаланан сыталлар эбит. Ол үрэҕи туоруур тимир күргэ аттыгар 100 миэтэрэ эрэ тэйиччи сыталлар. Мин үөһэттэн алларааны өҥөйөн көрөөрү өндөйбүппэр каскам «чыл» гына тустэ да, тиэрэ таһылла түстүм. Ньиэмэс снайпера тебөбүн үлтү ыта сыста, хамандыырым ону көрөн «Степанов, итиннэ өлөөрү тахсаҕын дуо? Эн саатар биир ньиэмэһи өлөрөн баран өл, хайдах сэриилэһэ иликкиттэн өстөөх биир буулдьатыттан өлөөрү гынаҕын» – диэн сэмэлээччи буолла. Ньиэмэс кааскабын хомуру ытан кэбиспит, мин хайдах эрэ туймааран ыллым.
Үрэҕи туоруур муостанан тимир суол ааһар, ньиэмэстэр ону харабыллаан сыталлар эбит. Муостаны ылаары атаакалаан киирии түгэнигэр ол биһигини тоһуйан сытар ньиэмэстэр буулдьаларыттан сиэртибэ буолан, онно өлөн хаалыахтаах эбиппит. Ньиэмэстэр окопа оҥостон буор хаһар тыастара-уустара иһиллэр. Түүн этэҥҥэ ааста. Сарсыарда халлаан сырдыыта тахсан төннөн хааллыбыт. Оттон аһаан-сиэн, сынньанан баран куорат анараа баһыгар бараҕыт диэн буолла. Онно тиийэн инники кирбиигэ сыттыбыт, саллаат аайы иккилии противотанковай граната, биирдии уматар бытыылка биэрдилэр, ону кытта били ручной пулеметым баар. Хаста да ньиэмэс кимэн киирээһинин төнүннэрдибит, биһиги эмиэ атаакалаан көрөбүт да, ньиэмэс эмиэ бэриммэт, элбэх сүтүктэнэн төттөрү охсуллабыт. Хас да күннээх кыргыһыыга икки өттүттэн өлүү олус элбэх, ротаттан 4-5 эрэ киһи хаалар, мин олорон эрэн таҥараҕа махтанабын уонна биллибэтинэн тыыннаах хааллар диэн көрдөһөбүн. Киэһэ хамандыырбыт сарсын ньиэмэс күүһүрдүллүбүт атааката буолар, онон олох утуйумаҥ диэн сотору-сотору санатар. Ол түүн хата этэҥнэ ааста, оттон сарсыарда биирдэ уот-кутаа ортотугар баар буола түстүбүт, снаряд бөҕө эстэн сир ньиргийэр, ньиэмэстэр иһэллэр диэн буолла, көрбүтүм танка бөҕө тоҕо ааҥнаан иһэр эбит. Чугаһатан баран ытаарыҥ диэн сэрэтии бөҕө. Мин суол кытыытыгар, от быыһыгар окуопаҕа сытабын. Таанкалар лаппа көстөр буоллулар, чугаһаабыттарын кэннэ гранаталарбытынан быраҕаттаан хас да таанканы уматалаатыбыт, танкаттан быкпыттары барыларын өлөртөөтүбүт. Бү кыргыһыыга биһиги ротаттан уонча эрэ буолан хаалбыт этибит. Хамандыырым кэлэн миигин уонна икки киһини наҕараадаҕа түһэрэбин диэтэ да мин соччо үөрбэтим, бу үлүгэрдээх кыргыһыыттан тыыннаах эрэ хаалбыт киһи диэн баҕалаахпын. Ити курдук сэриилэһэн-сэриилэһэн Чугуев куораты, Малиновка дэриэбинэни кэннибитигэр хаалардыбыт. Үс ый быыстала суох сэриилэспиппит кэннэ сынньалаҥҥа таһаардылар. Үөрэх кытаанаҕа манна саҕаланна. Биир күн барыбытын стройдатан баран полковник кэрийтэлээтэ. Барыбытын сирэйбитин-харахпытын көрөр, миэхэ кэлэн тохтоото, нуучча курдук көрдө быһыылаах.
Хантан сылдьаҕын? – диэн ыйытта.
Сахабын, Саха сириттэн! – диэтим.
Хамандыыр тиийбэт, хамандыыр үөрэҕэр үөрэниэҥ дуо? – диэтэ.
Нууччалыы билбэппин, сэриигэ барыам – диэтим.
Санныбын таптайа-таптайа «Онтон сирэйиҥ нуучча дии, бачча доруобай киһи үөрэнэ бар, фроҥҥа хамандыырдар тиийбэттэр, онтон нууччалыы билиэҕиҥ, үөрэн» – диэтэ.
Кэлин билбитим, Воронежскай фронт командующайа, генерал-полковник Голиков штабыттан кэлбит полковник эбит. Сынньалаҥмыт уонна үөрэхпит бүтэн биһиги үс буолан күннэтэ көрдөһөн сэриигэ барар буоллубут. Эмиэ сэриилэһэн бардыбыт, мин сэриигэ үөрэнэ быһыытыйдым, аны кырдьаҕас саллаат диир буоллулар, эдэрдэр убаастыы көрөллөр. Ити курдук дэриэбинэлэри кэннибитигэр хааллара-хааллара кимэн киириигэ аатырбыт полководец Рокоссовскай К. К. командующайдаах Киин фронт халыҥ аармыйатын көрсөн салюттаан, ураатаан баран аһаары олордохпутуна “воздух” диэн хаһыы бөҕө буолла. Элбэх самолет халҕаһалыы анньан кэлэн эмиэ буомба бөҕөнү түһэрдэ. Үөрүйэхпинэн биир буомба эстибит боруонкатыгар киирэн ньыкыйан сыттым, самолеттар барбыттарын кэннэ туран дьоммун көрдөөтүм, ол сырыттахпына «Николай, сюда» – диэн хаһыытаан ыҥырдылар, дьоннорум тыыннаахтарыттан үөрүү бөҕө буоллум. Буомба дьааматыгар киирэн аһыы олороллор эбит. Саатар, аһыы-аһыы өлүөххэ дэһэллэр, били улахан кухнябыт онно да суох, снаряд дэлби тэппит. Киэһэнэн дьэ оронон таҕыстыбыт. Миигин взводум хамандыыра лейтенант Бяков куруук бэйэтин кытта илдьэ сылдьааччы, кырдьаҕас саллаатым диэн аһына санаахтыыра буолуо.
Биирдэ маннык буолбуттаах:
– Взвод хамандыырын солбуйааччыта диэн бэрт сытыы – хотуу киһи баар буолбута. Ньиэмэстии билэрэ, саҥарара сүрдээх этэ. Биир түүн ол киһи хамаандатынан нейтральнай хонууга баар күргэҕэ миинэ иитэн баран төннөн истэхпитинэ, анарааҥҥылар билэн ытыалаһыы бөҕө буоллубут. Ытыалаһыы үгэнигэр хамандыырбыт ойон туран тугу эрэ ньиэмэстии хаһыытаатын кытта өстөөхтөр ытыалыыллара тохтоон хаалла. Ол сарсыныгар рота командирын блиндаһыгар олордохпутуна хамандыырбыт солбуйааччыта аһылык тутуурдаах киирэн кэллэ уонна тута тахсан барта. Чочумча буолаат ньиэмэстэр улахан орудиенан ытыалаан бардылар. Командирбыт блиндаһын бултаһаллара тута биллибитэ. Биир-биир кэрдиистээн ытыалаан улам чугаһатан испиттэрэ. Өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы ол блиндажка мин эмиэ баарым. Ханна да барар, саһар сир суоҕа. Дьолго, ньиэмэстэр арыый сыыстарбыттар этэ, аан дьабадьытыгар икки снаряд түһэрбиттэрэ, инньэ гынан блиндаж арыый бүтүн хаалбыта. Итиннэ мин взводум хамандыыра лейтенант Бяков ыараханнык бааһырбыта, хамандыырбытын тутатына бүөбэйдээн, бэрэбээскилээн, илии тутуһан тыылга госпиталга атаарбыппыт. Бэйэҕитин харыстаныҥ, аматыйдахпына эһиэхэ төннүөм диэхтээбитэ да кэлээхтээбэтэҕэ, өлбүтэ буолуо дии саныырым, бааһырыыта улахана бэрдэ. Ити түбэлтэ кэннэ взвод командирын солбуйааччытын өлүгүн да булбатахпыт,быһыыта таҥнарыахсыт кэлэн барбыта.
Биирдэ өстөөх тыылыгар биир рота киһини үрэҕи туоратан таһаарбыттара, ньиэмэстэр үрэх үрдүк сыырын үрдүгэр бөҕөргүтүммүттэр этэ. Үрэҕи туоруурбутун кытта ытыалаһыы бөҕө буолла. Биһиги төһө да табыгаһа суох балаһыанньалаахпыт иһин, ыта-ыта үөһэ дабайан истибит. Үөһэттэн аллараттан уот сырдырҕаан олороро. Мин балачча ыттыбытым кэннэ үрдүбэр 3-4 киһи барыгылдьыһан кэлэн сыппыттара, үөһэттэн ытыалаан субуруппуттара. Кинилэр миигин көрбөттөрүнэн туһанан үчүгэйдик оҥостон баран икки гранатаны утуу-субуу быраҕаттаатым, ньиэмэстэр өлөннөр ыппат буолан хааллылар. Ол да буоллар өстөөх бөҕөргүтүммүт үрдэлин ол түүн сатаан ылбатахпыт.
Нөҥүө күнүгэр үс буолан разведкаҕа сылдьан улаханнык бааһырбытым. Ньиэмэстэри үрэҕи туораппат сыалтан кэтээн сытан баран төннөн иһэн, арай, дэлби тэбэр тыас баар этэ да өйбүн сүтэрэн кэбиспиппин, биирдэ өйдөммүтүм маска кыбыллан сытабын, кыа хаанынан устубуппун. Дьонум суохтар, биир атаҕым син хамсыыр, биир атаҕым олох да суох курдук. Чаас аҥара сыттым, ньиэмэстэрим үрэх нөҥүө гармошкаҕа оонньууллар, кэпсэтэллэрэ, күлэллэрэ иһиллэр. Дьэ арааһа өлөр киһи буоллум быһыылаах, билигин кэлэн өлөрөллөрө буолуо дии саныыбын.
Ол сытан иһиттэхпинэ мас-от тыаһыыр, биир киһи «Степанов» – диэн ыҥырар курдук. Миигин ыҥыраллар дуу дии санаатым, онтон эмиэ «Степанов» диэн иккистээн ыҥырдылар. «Здесь я» – диэн хардардым. Икки саллаат үөмэн кэлэн илдьэ бардылар. Мин дьоннорбун ыйытабын. Тыыннаахтар, билигин дьоммутугар тиийиэхпит – диэтилэр, санчааска илдьибиттэрэ дьоннорум онно сыталлар, миигин көрөн баран ытастылар. Эн дьоллоох киһи эбиккин, дойдугар төннөр киһи буолбуккун дэһэллэр. Кинилэр эчэйиилэрэ кыра этэ. Миигин тиэйэннэр биир дэриэбинэҕэ госпиталга илтилэр. Үс хоннорон баран атаххын быһабыт диэтилэр. Мин буоллаҕына бу дэриэбинэҕэ кыайан быһаллара дуу, суоҕа дуу диэн саарбахтаан сыттым. Сотору өйбүн сүтэрдим быһыылаах, арай өйдөммүтүм атахпын тобугум төһө эмэ үрдүнэн быһан кэбиспиттэр, биир атаҕым буутуттан оскуолка бөҕөнү ылбыттар. Салгыы Горькай куоракка алта ый эмтээтилэр. Саас кулун тутарга эмтэнэн бүттүгүт, онон дойдулуугут диэн буолла. Мин дойдубар кыһын кыайан айаннаабат буолан сайын бараары аккаастанан кэбистим уонна бииргэ эмтэммит Цекарблюк диэн нуучча киһибинээн госпиталь начальнигар киирэн: «Билигин дойдубар барар кыаҕым суох, онон киһи хантан эмит үлэ булуо дуо?» – диэн ыйыттыбыт. Госпиталь начальнига, үтүө киһи түбэһэн, мантан чугас дэриэбинэҕэ иистэнэр сыах баар, онно үлэлиэххин сөп диэн сүбэлээтэ. Биһиги киниэхэ баһыыбалаан, махтанан баран ол дэриэбинэҕэ иистэнэр сыаҕы буллубут. Иистэнэр сыах начальнигар киирбиппит түөрт уончалаах хара бараан дьахтар олорор. Миигиттэн ыйыппыт бастакы боппуруоһунан: «Эн сахаҕын дуо?» – диэн буолбута. «Сахабын» диэтим.
– «Ньурбаны билэҕин дуо?» – диэтэ.
– «Билэбин» – диэтим.
Кэпсэтиһэн билсибитим, Ньурбаҕа төрөөбүт бааһынай кыыһа буолан биэрбитэ. Сахалыы олуттаҕастык да буоллар син үчүгэйдик саҥарар этэ. Үксүн нууччалыы кэпсэтэрэ, аҕата Ньурбаттан төрүттээх эбит. Ол үтүө санаалаах дьахтар көмөтүнэн киһи киһитэ буолбутум. Начальнигым дьахтар саха киһитэ аһыыр аһылыгын билэр буолан ыаммытынан үүтү бэрдэрэрэ. Аспыт кырыымчык буоллаҕына дьиэтигэр илдьэн аһатара.
– «Эн манна хаалан сыл курдук иистэнэргэ үөрэнэн баран бар, оччоҕо инбэлиит киһи үйэ-саас тухары идэлээх буолан айаххын иитиэҥ» – диирэ. Мин Сахам сирин, дьоммун-сэргэбин ахтарым бэрт буолан аккаастаммытым. Үс ый үлэлээн баран дойдулуур буолбутум. Бу кэм устата иистэнэргэ син үөрэммитим. Биир дойдулааҕым төннөрбөр олус көмөлөспүтэ. Горькай куораттан биир ыйдаах аһыыр карточканы ылан тахсыбытым кэннэ көмөлөһөн өссө үс ыйдаах карточка булан биэрбитэ уонна хас да таҥнар таҥаһы рюкзакпар симэн кэбиспитэ. Поеһынан айаннаан Горькайтан Киров куоракка кэллим, онно кэлэммин карточканан аһылык бөҕө ылан баран хас да күн айаннаан Иркутскай куораты буллум. Станцияҕа Саха сиригэр барааччылар ханна сыталларын ыйыталаһан онно бардым. Ол баран иһэн сынньанан аһыы оллордохпуна биир кырдьаҕас баҕайы киһи аттыбар олорон, наһаа көрөрүн иһин, миигин кытта баһаалыста аһас диэн ас ууран биэрдим, син барбах кэпсэппиппит кэннэ киһим мин сирэйбин-харахпын көрөн баран: «Лаппа кырдьан баран өлүүһүгүн, дьиэҕэр тиийдэххинэ куһаҕан сураҕы истииһиккин» – диэтэ. Хайдах, хайдах киһиний диэн соһуйа иһиттим. (Николай Сергеевич балта Довна өлбүтүн били кырдьаҕас эппитин курдук дойдутугар кэлэн эрэ баран истибитэ).
Сахам сиригэр айаннаары барыахтаах сирбин булан биир бараахха кэлбитим, үксэ Ньурбалар, Сунтаардар баар буолан биэрбиттэрэ, ол да буоллар кыра эрдэхпиттэн бииргэ үөскээбит, үөрэммит табаарыспын Васильев Николайы (Күөкээ уола) көрсөн үөрүү-көтүү бөҕө буолан, ону кытта биир дойдулаахпын Захаров Семен (Өргүөттэн төрүттээх) диэн киһини билсэн этэҥҥэ үһүөн дойдубутун булбуппут.
Николай Сергеевич магнитофоҥҥа уһуллубут бэйэтин кэпсээниттэн кыыһа Мария Николаевна суруйда
«Саллаат үрдүк аатыгар сүгүрүйэн» кинигэттэн.
