Тельбиров Андрей Харлампьевич

1918 с. Нам нэһилиэгэр Тэлбир Хаампыйа диэн ыалга төрөөбүт. «Чолбон» холкуос чилиэнэ.

1941 с. Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыбыт.

Кыргыһыы хонуутуттан эргиллибэтэх.

Өндөрөй 1918 сыллааҕы төрүөх, улахан уҥуохтаах, хара бараан, мөдөөн, аа-дьуо иҥнэҥнээн хаамар, күүстээх-уохтаах, үлэни кыайар-хотор киһи эбит. Ийэтэ, Тельбирова Матрена Харлампьевна – Тамайар Мотуруона, кинини төрөөрү  өлбүт, Өндөрөй онон эһэтин аахха иитиллибит, аҕата Ороһуга олорор Кэтэҕэ суохтар уоллара дииллэрэ. Кэргэннэммэтэх, ол эрээри оччотооҕу кырдьаҕастар кэпсииллэринэн  Михайлов Василий Терентьевич – Чохойо Баһылайа –  кини оҕото, аҕатын уу күлүгэ, үүт – үкчү Өндөрөй курдук  дииллэрэ. Баһылай да аҕам диэн билинэр этэ. 1941 с. бастакы хомуурга ыҥырыллыбыт, хаһан, ханна өлбүтэ биллибэт, сураҕа суох сүппүт.

Шестаков Максим Иванович