Тобуроков Петр Николаевич

1917 с. Тоҥуо Куонуга төрөөбүтэ. Бүлүүгэ учуутал үөрэҕин бүтэрэн, Тойокуга оскуола директорынан үлэлии сылдьан, тылланан сэриигэ барбыта. Саха норуодунай суруйааччыта.
1942 с. сэриигэ барбыта, Сталинградскай фроҥҥа 298 стрелковай дивизия 885-с стрелковай полкатыгар пулеметчик-наводчигынан сэриилэспитэ. 1943 с. бааһыран, өр госпиталларгаэмтэнэн баран дойдутугар эргиллибитэ.
1946 с. атырдьах ыйын 26 күнүгэр “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Германияны кыайыы иһин” мэтээлинэн, 1985 с. муус устар 6 күнүгэр уордьан “Аҕа дойду сэриитэ” II-с истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.
2000 с. өлбүтэ.
1942 с. сэриигэ аттаммыт Туобуйа, Өргүөт хорсун ыччаттара

Күн аайы хаамаҕын

Кынчаал кылаанынан,

Кыргыс толоонун ааһаҕын

Халбас харатынан…

  Мүччү үктүөҥ –

  Бүтүөм!

  Сүһүөх мөҕүө –

Сүтүөҥ!

Хаҥас атаҕыҥ

Хараҥа иин үөһэ!

Уҥа атаҕыҥ

Уруй, дьол үөһэ!

  Өлүүгэ диэритин

  Үһүөйэх хардыы!

  Дойдугар тиийэриҥ

  Тоҕус уон таабырын!

Кэннибэр – бар дьонуҥ

Кэрэммэт алгыһа!

Иннигэр сирдиир дьолуҥ –

Кыайыы чаҕыла! – диэн суруйбута биһиги дириҥник убаастыыр, таптыыр народнай поэппыт Петр Николаевич Тобуруокап 1942 с. Саратов куораттан.

Петр Николаевич 1942-43 с.с. Саратов куоракка байыаннай госпитальга уонна уулаах-хаардаах тымныы окуопаҕа олорон барыта сүүрбэччэ хоһоону суруйбута. Олор истэригэр «Санаабыттан ааһан биэрбэт», «Ойуурга буолбут мунньах», «Фроҥҥа сурук», «Бэҕэһээ киэһэ өлбүт», «Хаһан умнар үһүбүөн», «Эмиэ хааннаах ытыстар» о.д.а. суруйталаабыта. Петр Николаевич Сталинградтааҕы фроҥҥа сэриилэһэ сылдьан илиитигэр араанньы буолан Саратов куорат байыаннай госпиталыгар эмтэнэ сытан, кэргэнигэр Евгения Васильевнаҕа суругуттан быһа тардан суруйабын: «…Находясь в госпитали написал около десятки стихов и отправил в Якутск. Не знаю как там с ними поступят. Дорогая Женя! Наконец-то приближается день Победы над заклятым врагом, день нашего праздника. Вот, скоро поеду на фронт своими руками помогу довершить победу. Верь еще сильнее в нашу победу и жди меня с победой… Женя! Желаю тебе большое, большое счастье, счастливо родить мне богатыря Айала или красавицу Кюнняй…» – диэн сэриигэ барарыгар ыарахан хаалбыт кэргэнигэр суруйбута.