Чуруков Егор Данилович

1910 с. Нам нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1941 с. сэриигэ ыҥырыллыбыта. 4-с Украинскай фроҥҥа 21-с гвардейскай стрелковай дивизияҕа 276-с стрелковай полкаҕа сэриилэспитэ. 1945 с. дойдутугар эргиллибитэ.
1947 с. муус устар 2 күнүгэр «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Германияны кыайыы иһин» мэтээлинэн, 1951 с. ыам ыйын 30 күнүгэр «Албан аат» III истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.
1972 с. дойдутугар өлбүтэ.
(ЦАМО ф. 33, о. 744809, д. 460; 9)

Сэрии ветерана, коммунистическай үлэ ударнига

Егор Данилович Чуруков 1910 с. Нам нэһилиэгэр кыаммат кыра ыалга төрөөбүтэ. Аҕата Данил оҕонньор, ийэтэ Маайа эмээхсин баайдарга үлэлээн үйэлэрин тухары сынньалаҥ олоҕу билбэккэ тойоннорун хааннаах хараҕын толорбокко өлөөхтөөбүттэрэ. Үс бырааттыы хаалбыттара эдьиийэ Балбаара, убайа Сөдүөт уонна саамай кыралара Дьөгүөр этэ. Кинилэр бэрт кыраларыттан баайдарга үлэлээн эрэйи күөннэринэн көрсөн улааппыттара. Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтэ кыайбытын кэннэ кыаммат-хараммат баай баттыгар олорбут дьоҥҥо дьол кыыма күөдьүйбүтэ. Егор «Аллаах хардыы» холкуоска киирэр уон сэттэ киһи ахсааныгар киирэр маҥнайгы холкуостаах буолар. Кини колхоһугар биир бастыҥ охсооччу быһыытынан биллэрэ, кыһынын фермаҕа тас үлэтигэр үлэлиирэ.«1941 с. күһүҥҥү борокуотунан атырдьах ыйыгар Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллан Ийэ дойдубун көмүскүү барбытым, Улан-Удэҕа Легвезинай станцияҕа баар үөрэтэр чааска үөрэммитим. Онно үс ый буолбутум. Маҥнайгы сэрии буораҕын сытын Москва анараа өттүгэр Ивановскай уобаласка сытырҕаабытым. Кинилэр ханнык эрэ куораты сэриилээн ыла сатыыллара. Сэттэ күнү быһа биир харыс сири хамсаабакка икки өттүттэн улахан хаан тохтуулаах ытыалаһыы буолбута». Сэттис түүнүгэр Егор кимэн киириигэ инники кэккэҕэ иһэн илиитигэр чэпчэки баас ылан госпиталга киирбитэ. Онно уһаабатаҕа, сотору үтүөрэн Горькай куоракка баран ыытыллан танкаҕа стрелок үөрэҕэр үөрэммитэ. Танкаҕа стрелогунан Каменскай куораты босхолооһуҥҥа кыттыыны ылбыта. Онно хараҕа көрөрүнэн 3 немеһи өлөрбүтэ. «Бу улахан кытаанах кыргыһыы этэ, биһиги уон икки таанкабытыттан үһүн сүтэрбиппит. Биһиги бригадабыт хас да куораты босхолообута, ол куораттар босхолооһуннарыгар бииртэн биир хорсун доҕотторбутун сүтэрэн испиппит. Өстөөх самолеттара хас күннэтэ ахсын кэлэн буомбалыыллара, пулеметынан ытыалыыллара. Биир күн биһиги орпут түөрт танкабытыгар түөрт уонча самолет кэлэн анаан буомбалаан икки доҕорбутун уматан барбыта. Ол нөҥүө күнүгэр биһиги танкабытын өстөөх снаряда умаппыта, танкабытыттан аллараа люгунан тахсыбыппыт. Биир киһибит өлбүт этэ, онтон командирбыт атаҕар ыарахан баас ылбыт этэ. Мин командирбын сүгэн тыыл диэки төннөн испитим, эмискэ бүлгүнүм аһый гынаатын, кыайан биир миэтирэ сири сыҕарыйбакка сыттахпына биһиги чаастарбыт кимэн киирбиттэрэ уонна биһигини санитаардар буланнар санчааска илдьибиттэрэ. Онон иккистээн госпиталга киирбитим. Бу да сырыыга оннук өр сыппатаҕым икки эрэ ый кэриҥэ буолбутум. Госпиталтан эмиэ атын чааска анаммытым. 20913 ПС байыаннай чааска станковай пулемекка иккис номерынан сылдьыбытым. Биһиги Сталина, Бакеява куораттары босхолооһуҥҥа кыттыыны ылбыппыт. Мантан салгыы Польшаны, Варшаваны, Цетин, Опава куораттары босхолоспутум. Үһүс уонна төрдүс Украинскай фроннарга кыттыыны ылбытым. Үһүс бааспын Украина сиригэр ылбытым. Немец буулдьата хабарҕам аттынан түһэн баран уҥа лаппаакым аттынан курдары тахсыбыта. Үсүһүн госпиталга киирбитим, олус өр сыппытым. Кыайыы биһиги чааспыт Чехияҕа сырыттаҕына буолбута. Онон өстөөх арҕаҕар Берлиҥҥэ тиийбэтэҕим. Кэлин сэрии бүтүөр диэри пулеметчигынан сылдьыбытым».

1945 с. дойдутугар төннөн кэлэн тапталлаах колхоһугар үлэлээн барбыта. Ааттаах охсооччу аатыран иннигэр кими да таһаарбакка сылдьыбыта. Онтон да атын холкуос араас үлэтигэр хоһууннук үлэлээбитэ. 1958 сылтан доруобуйатынан сибээстээн сүөһү үлэтигэр бостуугунан ананан үлэлээбитэ. 1958 с. туйгун үлэтин иһин хас биирдии ынахтан 1230 кг үүтү ылары ситиспитин иһин Саха АССР почетнай грамотатынан наҕараадаламмыта.

Онтон эмиэ 1963 сылга «Тыа хаһаайыстыбатыгар сүөһү иитиитигэр ситиспит ситиһиитин иһин» иккистээн Саха АССР почетнай грамотатынан наҕараадаламмыта. Ити сыл муус устарга үсүһүн Саха АССР почетнай грамотатынан наҕараадаламмыта. 1965 сыл Германияны кыайыы сүүрбэһис сыла туолуутугар Егор Данилович төрдүһүн Саха АССР почетнай грамотатынан наҕараадаламмыта. Көстөрүн курдук Егор Данилович холкуоска үгүс үтүөлээх киһи. Кини 1961 сыл ахсынньы 27 күнүттэн Коммунистическай үлэ ударнигын бочуоттаах аатын сүгэр, хас да медаллаах уонна Албан аат үһүс истиэпэннээх уордьаннаах.

Егор Данилович Нам олохтоохторун улахан аптарытыаттарынан туһанар сэрии ветерана, үлэһит бастыҥа этэ.

Январий Лукич Егоров

1966 сыл ахсынньы 29 күнэ, Нам селота.

Миитэрэй Наумов «Кинилэр дьоллоох саллааттар этэ», 2015 с. кинигэттэн