
1944 с. армияҕа ыҥырыллыбыт. Забайкальскай фроҥҥа 184-с байыаннай тутуу этэрээтигэр ФУОС-12, Мальтаҕа сулууспалаабыт.
1945 с. дойдутугар кэлбит.
1987 с. өлбүт.
Аҕам туһунан бэрт кылгастык
Мин аҕам Чычахов Егор Степанович 1898 с. алтынньы 15 күнүгэр Ороһу нэһилиэгин Тамалакааныгар “Ыйыласка” Николай Васильев – Лоҥхо диэн элбэх оҕолооох нуучча уолун дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Үс ыйдааҕар Нам нэһилиэгин Аакайыгар сайылыктаах, Харыйа арыы «Сиидэр» диэн өрүс элгээнин үрдүгэр кыстыктаах Лазарева Анна Лазаревна – Чыычаах диэн таптал ааттаах, сааһыра барбыт дьахтар ииттэ ылбыт. Эбэтэ Никитин Степан Никитич диэн кэргэннээҕэ эрдэ өлбүт, онон улахан хаһаайыстыбатын, сүөһүтүн-сылгытын бэйэтэ тутан олорбут. Кини нэһилиэк маанылаах сирин «Үҥкүүлүүр хонууну» бас билэр буолан элбэх сүөһүнү, сылгыны иитэр, бурдук ыһар киэҥ бааһыналаах эбит, Куорамыкыга, Бүлүү куоратыгар эт-арыы атыылаан кыралаан эргинэр орто баай эмээхсин эбит. Эбэм түс-бас, өйдөөх, муударай буолан дуоһунаһа суох эрээри нэһилиэгин дьонун кыра мөккүөрдэрин, кыһалҕаларын быһаарар буолан ытыктанар-убаастанар эмээхсин эбит. Аҕам ииппит ийэтигэр кыратыгар олус ачаалаан аҕай улааппыт, ийэтин күнэ-ыйа киниттэн тахсар эбит. «Тапталлаах ийэм барахсаҥҥа иитийэх оҕо буоларбын олох улаатан баран доҕорбуттан Егоров Андрей Николаевичтан-Бурҕааттан истэн олус хомойбутум» – диэн кэпсиирэ. Аҕам уҥуоҕа кытаатан, эт-сиин тутар кэмигэр күүстээх-уохтаах, кыайыгас-хотугас, ханнык да үлэни сатыыр киһи буолбут, саамай сөбүлүүр дьарыга маһынан уһаныы эбит. Кэлин «Чолбон» холкуос холкуостааҕа буолан баран кыһалаах тимир ууһа буолан биэс уонча сыл бу холкуоска, сопхуоска уһаммыта, стахановец этэ. Аҕам ийэтэ өлбүтүн кэннэ 1927 с. ыытыллыбыт нэһилиэнньэ перепиһыгар тапталлаах ийэтин кэриэстээн, кини таптал аатын фамилия оҥостон Чыычаахап буолбут.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ аҕабын 46 сааһыгар ыҥырбыттар. Аҕабын саастаах киһи диэн буоллаҕа буолуо сэриилэһэр чааска ыыппатахтар, онон Илиҥҥи фронт обороналар тутуутун 12-с управлениетыгар (фронтовое управление оборонительного строительства – 12) сулууспалаабыт, траншеялары, окопалары хаһыыга, доттары, дзоттары, блиндажтары тутууга сылдьыбыт. Аҕам Япония Квантунскай армиятын үлтүрүтүү кэнниттэн рядовой красноармеец буолан «Японияны кыайыы иһин», сэрии кэмигэр 1941-1945 сылларга «Чолбон» холкуоска стахановскай үлэтин иһин “1941-1945 сылларга Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ килбиэннээх үлэтин иһин”, кэлин 1975 с. Улуу Кыайыы 30 сылынан, “1941-1945 сылларга Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Кыайыы 30 сылынан. Сэрии кыттыылааҕар” диэн мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Бу юбилейга сэриилэспэккэ эрэ сэрии кэмигэр Кыһыл Армияҕа сулууспалаан кэлбит уонна “Германияны кыайыы иһин”, “Японияны кыайыы иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыттар Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии ветерана буолаллар диэн Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн дьаһал тахсыбыта. Мин оччолорого Нам нэһилиэгин народнай депутаттарын Сэбиэтин председателинэн үлэлиирим. Бу тахсыбыт дьаһалы аҕабар кэпсээн баран: «Эн аны сэрии ветерана буолаҕын», – диэбиппэр, аҕам барахсан миигин саба саҥаран кэбиспитэ. «Мин сэриигэ саа-саадах тутуохтааҕар буолуох биир да ниэмэһи, дьоппуону харахтаан көрбөтөҕүм уонна хайдах сэрии ветерана буолуохтаахпыный, олох күүгүнээмэ» – диэн кытаанахтык эппитэ. Аҕам ити кэмҥэ 72 cсаастааҕа. Аҕам барахсан олох үөрэҕэ суоҕа, нэһииччэ “Ч. Е.” диэн икки буукубаннан илии баттыыра, төрүкү аҕыйах саҥалаах, соччо туохха да уолуһуйбатах, ыксаабатах, киэҥ-холку көҕүстээх, хара өлүөр дылы кыанан сылдьар этэ. Биһиги ийэлээх аҕабытыттан төрөөбүттэр 14 этибит, билигин мин уон төрдүс оҕо эрэ баарбын. Аҕам барахсан 80 сааһыгар, 1978 сыл атырдьах ыйын 29 күнүгэр бу орто дойдутунааҕы олоҕун түмүктээбитэ, кини аатын ааттатар сиэннэрэ, хос сиэннэрэ кинини санатан үөрдэ-көтүтэ этэҥҥэ сылдьаллар.
Кыра уола Уйбаан Чыычаахап,
СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
СР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, республика бочуоттаах ветерана,
Үөһээ Бүлүү улууһун, Нам, Харбалаах, Хомустаах нэһилиэктэрин,
Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин бочуоттаах гражданиннара,
РФ журналистарын Сойууһун чилиэнэ.