
1942 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт, 19-с хайыһар биригээдэтигэр сэриилэспит.
1943 с. дойдутугар эргиллибит.
1993 с. өлбүт.
Ильмень күөл хааннаах мууһугар
1943 сыл. Олунньу 23 күнэ буолар түүнэ. Ильмень күөл соҕуруу кытылыттан 19-с отдельнай хайыһар биригээдэтин үс тыһыынчаҕа чугаһыыр байыастара иннилэрин хоту дьулуруйбуттара. Кинилэртэн 400 кэриҥэ киһи саха саллааттара этилэр.
История докуменнара итинник кэпсииллэр. Биһиги тылы Аҕа дойду сэриитин биир суостаах-суодаллаах кыргыһыытын тыыннаах туоһутугар Дмитрий Иннокентьевич Шологоновка биэриэҕиҥ.
«Ол туун ыйдаҥа буолбута. Иннибит ханан да биэрэк баар сибикитэ биллибэт уйаара-кэйээрэ биллибэт муус этэ. Иһиллээбит курдук уу-чуумпуга финскэй хайыһардарбыт сырдыргыыллара, элбэх киһи тыынара эрэ иһиллэрэ. Ол курдук тууну быһа айаннаан сарсыарданан иннибитигэр биэрэк хараарарын көрбүппүт. Сонно тута кимэн киирэргэ бэлэмнэнэн сыаптаан барбыппыт. Биһиги киирбит туһаайыыбытынан күөл биэрэгэ үрдүк этэ. Отделениебыт командира сержант Иванов: «За мной», – дии-дии ол үрдүк сыыры дабайан биэрэк үрдүгэр тиийиэхчэ буолан эрдэҕинэ ытан түһэрдилэр. Ону кытта сыыр үрдэ пулемет, автомат уотунан кытыаста түстэ. Биһиги ким ханна тохтообут сириттэн ытыалаһан бардыбыт. Немецтэр бэйэлэрэ көстүбэттэр эрээри ыталлара улам хойдон иһэр Биһиэхэ: «Мууска чугуйун!» – диэн хамаанда кэллэ. Ол икки ардыгар халлаан суһуктуйа сырдаан барда. Ытыалаһыы сэллээбэт. Халлаан сырдыыта өстөөх отучча бомбардировщиктара баар буола түстүлэр. Биһиги икки уот икки ардыгар буоллубут. Бомбалар мууска түһэннэр алларааттан бадарааны-мууһу өрөһөлүү ыһан кэбиһэллэр. Ханна да саһар сир суох. Халлааҥҥа көтүөххүн – онно өстөөх авиацията, сиргэ тимириэххин – сирин суох. Самолеттар биир бөлөхтөрүн атын бөлөх солбуйан иһэр. Ити курдук биһигини күнү быһа сэймэктээтилэр. Өлөр-өлүү хааннаах далай ытыһа үөһээттэн-алларааттан сабардаата. Элбэх бойобуой доҕотторбутун онно сүтэрбиппит. Киһи буомбаттан, буулдьаттан өлбөтөҕүнэ ол үөһэттэн ньимси түһэр муустан-бадараантан ордуох быһыыта биллибэт этэ. Биһиги, ордубуттар, муус-бадараан өрөһөлөммүтүн кэннигэр саһан ытыалаһарбыт. Үрдүбүтүнэн эргийэ сылдьар фашистскай свастикалаах самолеттары ытыалыыбыт. Винтовка буулдьата таптаҕына самолеттар дьигис эрэ гыналлар. Миигин кытта онно бииргэ сэриилэспит биир дойдулааҕым, бу кыргыһыыга биһиги хаҥас флангабытынан кимэн киирсибит Иван Николаевич Ильин кэлин этэринэн биир самолет итинник ытыыттан умайбыт үһү.
Киэһэ боруҥуй буолуута чугуйдубут. Немецтэр сыыр сирэйигэр кыһалҕата суох тахсан ытыалыы тураллара. Ону хайыыр да кыах суох. Ол түүнү быһа муус устун ытыалаһа-ытыалаһа айаннаатыбыт. Немецтэр кэннибитинэн ракетаннан ытыалыыллар. Үрдүбүтүгэр ракета бастайааннай ыйанан турар».
Олунньу 25 күнүгэр Ильмень күөл кытыытыгар турар дэриэбинэни хайыһар биригээдэтэ ылбыта. Рядовой Шологонов ол күн фашистар куоталларын, уйаларыгар уу киирэрин сэтэрии, үөрэ, астына да көрбүтэ. Аһаҕас мууска кыдыллыыттан абарыы-сатарыы, иэс ситиһэр санаа күүстээҕэ.
Старай Русса оройуонугар кырыктаах кыргыһыылар… 19-с биригээдэ байыастара бииртэн биир дэриэбинэни ылаллар. Ол быыһыгар кинилэр батальоннара үс сууккаҕа өстөөх төгүрүктээһинигэр киирэн тахсыбыта. Били олунньу 23 күнүнээҕи мууска кыргыһыы кэнниттэн 19-с хайыһар биригээдэтин байыастара биир да күн сынньана түһэн тыын ылбакка сылдьыбыттара. Сорох түүн тиэтэлинэн хаһыллыбыт тоҥ окуопаҕа харахтарын тымныта түһэн ылаллара, полевой кухня үксүгэр хойутуура.
Кулун тутар 8 күнүгэр биир кимэн киириигэ Шологонов хаҥас илиитигэр бааһырбыта, хаҥас илиитин сөмүйэтин, ортоку тарбаҕын, ытыһын аҥарын Новгород сиригэр хааллар- быта. История докумуоннара кэпсииллэринэн, 19-с хайыһар биригээдэтэ 15 күннээх хаан тохтуулаах хабараан кыргыһыылар кэннилэриттэн переформированиеҕа таһаарыллыбыта. Итинэн биһиги кэпсиир ветераммыт Дмитрий Шологонов 19-с отдельнай хайыһар биригээдэтин историятын кытта бойобуой суолун ыкса сибээстээбит киһинэн буолар. Ильмень күөл аттынааҕы кыргыһыылар өстөөх улахан күүһүн аралдьыппыттара. Итиннэ сүрүн оруолу 19-с хайыһар биригээдэтэ оонньообута. 1968 с. Новгородтааҕы уобалас Советын исполкома Ильмень күөл биэрэгэр маннык суруктаах обелиск туруорбута: «Старорусскай оройуону 1943 с. немецкэй-фашистскай талабырдьыттартан босхолуур иһин кыргыһыыларга охтубут саха буойуннарыгар албан аат».
Дмитрий Иннокентьевич билигин Ильмень күөл кылбаарар ыраас, эйэлээх ньуурун көрүөн баҕарар. Ол 40-тан тахса сыллааҕы суоһар күннэргэ Ильмень мууһа нуучча-саха кыа хаанын иҥэринэн турара кырдьаҕас саллаат өйүттэн хаһан даҕаны арахпат…
Бу кылгас ыстатыйаҕа коммунист, сэрии III группалаах инбэлиитэ Д.И. Шологонов 8 оҕо тапталлаах аҕата, 5 оҕо эһэтэ буоларын, 21 сыл сельсовет исполкомун председателинэн, секретарынан, 26-с сылын эргиэҥҥэ эҥкилэ суох үлэлиирин туспа тема быһыытынан ахтан эрэ аһарабыт. Кини бойобуой наҕараадалара, 6 юбилейнай медаллары аахпатахха, аҕыйахтар. Ол эрээри ветераҥҥа иккис дойду оҥостубут Намын нэһилиэгин, оройуонун олохтоохторун кини туһунан үтүөкэн өйдөбүллэрэ туохтааҕар даҕаны үрдүк наҕарааданан буолар.
Виталий Попов
Миитэрэй Наумов «Кинилэр дьоллоох саллааттар этэ», 2015 с. кинигэттэн.
Аҕабыт Ильмеҥҥэ сэриилэспитэ
Биhиги аҕабыт Дмитрий Иннокентьевич Шологонов 1919 с. Үөһээ Бүлүү улууһун Туобуйа нэhилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Начаалынай оскуоланы бүтэрэн баран нэhилиэгэр налоговой агенынан, биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Олоххо актыыбынай позициялаах сытыы-хотуу, эйэҕэс-сайаҕас эдэркээн уолу нэһилиэк Сэбиэтин депутатынан талбыттара, партияҕа ылбыттара.
Сэрии саҕаламмытыгар сүүрбэлэриттэн эрэ саҥардыы тахсан эрэр эдэркээн убайдыы-бырааттыы Захардаах Миитэрэй бэбиэскэ тутаннар, Ийэ дойдуларын өстөөх халабырдьыттарыттан көмүскүү, тус арҕаа аттаммыттара. Тапталлаах ийэлээх аҕалара, кыракый икки балтылара, бырааттара Уйбаан уолчаан ытаһа-соҥоһо, аймана атаарбыттара. Хомойуох иһин, биһиги хаһан да харахтаан көрбөтөх, кэргэн, оҕо-уруу диэни билбэтэх эдэркээн абаҕабыт Захар Иннокентьевич Сталинград кырыктаах кыргыһыытыгар сураҕа суох сүппүтэ. Ол туһунан биллэрии сурук Туобуйаҕа көтөн кэлбитин, хойукка дылы дьонноро барахсаттар уура сылдьаннар, сотору-сотору түөстэригэр хам тутан олорон улахан уолларын аһыйан, саҥата суох харахтарын уута сүүрэ олорор буолара үһү. Онтон биһиги аҕабыт Ильмень күөлгэ 19-с хайыһар биригээдэтигэр сэриилэспитэ. Билиҥҥи кэмҥэ туох барыта аһаҕастык кэпсэнэр буолбутунан, историктар билиммиттэринэн, бу биригээдэ Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саамай улахан сиэртибэтинэн буолбута диэн суруйаллар. Ол курдук, 1943 сыл олуннуьу 23 күнэ үүнэр сарсыардатыгар, тыҥ хатыыта, нууччалыы эттэххэ «пушечное мясо» буолан саха эдэркээн, доруобай уолаттара туох да хаххата суох килэҥ мууска үөһэттэн биэрэги төгүрүйэ тоһуйа сытар күүскэ сэбилэммит өстөөххө утары кимэн киирбиттэрэ… Бу суостаах кыргыһыы туһунан элбэхтик суруйаллар, ”Ильмень үрдүнэн туруйалар” диэн Аан дойдуга аатырбыт киинэни устубуттара. Төһөлөөх элбэх хаарыаннаах эдэркээн уолаттар үйэ-саас тухары бу күөл анныгар уһун ууларын утуйа сытан, баҕар кырдьык, саас буоллаҕына дойдуларын ахтан туруйа буолан көтүөхтэрин баҕараахтыыллара буолуо…
Бу уоттаах сэрииттэн бэйэтэ да “хайдах ордубутум буолуой?” диэччи аҕабыт барахсан бааһыран дойдутугар 1943 сыл күһүнүгэр эргиллибитэ. Госпитальга өр кэмҥэ эмтэнэригэр быраастар докумуоннарын көрөн депутат мандааттааҕын иһин «член правительства» диэн сибигинэһэн бэйэлэрин ыккардыгар кэпсэтэллэр эбит уонна аҕабытыгар олус ытыктабыллаахтык сыһыаннаспыттар: маҥан бырастыыналаах туспа палаатаҕа сытыарбыттара эбитэ үһү. Сэриигэ Птицын диэн табаарыһын быыһаабытын туһунан үгүстүк кэпсээччи.
Аҕабыт Дмитрий Иннокентьевич сэрииттэн кэлэн иһэн Бүлүү эбэнэн теплоходунан айаннаан истэҕинэ, эмискэ теплоходтарын мотуора умайан тахсыбыт. Аҕыйах эр киһи уонна элбэх оҕо-дьахтар бааллара үһү. Уолуйан хаалан, ууну баһа-баһа ыһыахтаан, эбии сэтэрдибиттэр. Онуоха биһиги аҕабыт саллаатын синиэлин уста охсон, онтун ууга илитэн баран, уоту саба баттаан умуруорбута үһү. Онно дьоннор бука бары киниэхэ олуһун махтаммыттар. Билигин баҕар бу түгэҥҥэ түбэспитин өйдүүр биир эмэ киһи баар буолуон сөп.
Сэрииттэн кэлбит эдэр киһини Туобуйатын дьоно Сэбиэт сэкэрэтээринэн, бэрэссэдээтэлинэн талбыттара үтүө суобастаахтык үлэлээн, Саха АССР Верховнай Советын Грамотатынан наҕараадаламмыта.
1953 сылтан Намҥа баартыйа үлэҕэ анааһынынан кэлэн олохсуйбута. Манна кэлэн Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, сэкэрэтээринэн өр кэмҥэ үлэлээбитэ. Кэлин потребкооперацияҕа көһөн өр сылларга наспо бэрэссэдээтэлинэн, остолубуой сэбиэдиссэйинэн, атыыһытынан, кладовщигынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Аҕабыт уоппуска ылан сынньанан өрөөн олорбут кэмнэрин тоҕо эрэ олох өйдөөбөппүт. Ол курдук пенсияҕа да тахсан баран олорбокко, ыалдьан охтуор дылы үлэ үөһүгэр сылдьыбыта. Олус элбэх Грамоталарынан наҕараадаламмыта, Потребкооперация туйгуна буолбута, элбэх медаллардаах, “Отечественная Война” бастакы истиэпэннээх уордьаннаах этэ.
Аҕабыт Дмитрий Иннокентьевич киһи быһыытынан сүрдээх сымнаҕас майгылаах, үгүс оонньуулаах, көрдөөх-көрүдьүөстээх киһи этэ. Бииргэ үлэлээбит коллегалара “аҕаҕыт көрүдьүөһүн, дьээбэтин санаатахпытына, билигин даҕаны бу кырдьан дьиэҕэ арыт соҕотоҕун да олорон, дэлби күлэбит ээ” дэһэр буолаллара. Дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһара, кинилэр убаастабылларынан туһанара, элбэх доҕоттордооҕо. Үйэлээх сааһыгар чөл олоҕу тутуспута. Дьиэтигэр хаһан да кыыһырбытын көрдөрбөт этэ, ол эрэн биирдэ эмэ хайа баҕар ыалга буоларыныы, киҥир-хаҥыр саҥарсыы буолаары гыннаҕына, кини таһырдьа тахсан айылҕаҕа хааман кэлэн, аһаран баран биирдэ эрэ дьиэтигэр киирэр эбит. Наһаа оҕомсох буолан биһигини мэлдьи улаатыахпытыгар дылы кыра оҕолуу сыллыы, ымманыйа, араастаан таптаан ааттыыр буолара. Төрөппүттэрбит биһигини биирдэ да таһыйбатах, биирдэ да күргүйдээбэтэх киэҥ көҕүстээх, үтүө-мааны майгылаах дьон этилэр. Биһиги мэлдьи ийэлээх аҕабытынан олуһун диэн киэн туттарбыт, убаастыырбыт. Аҕабытыгар, ийэбитигэр дириҥ тапталбыт бэлиэтинэн уолаттарбытыгар аҕабыт аатын биэрбиппит, кыыс сиэҥҥэ ийэбит толору аатын биэрбиппит. Сиэннэрин сүрдээҕин атаахтаталлара, таптыыллара.
Ийэбит Анна Павловна Никифорова-Шологонова 1923с. Дүллүкүгэ сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Ийэтин төрдө Ороһу, онтон аҕата Томтор Байбал диэн сүрдээх кыайыгас-хотугас, сүрэх-бэлэс, Балаҕаннаахтан төрүттээҕэ, номоххо киирбит Лөкөйдүүн аймахтыы киһи эбит. Сыччах бэйэтин илиитин харытын күүһүнэн, хаһаайыстыбатыгар сүүрбэччэ ыанар ынахтаах, элбэх сылгылаах эбит. Отун-маһын барытын бэйэтин дьиэ кэргэнин, аймахтарын көмөлөрүнэн бэлэмниир эбит. Ийэм кэпсиир буолара: эһэбит сарсыарда төһө да эрдэ турбутун иһин син биир “оо күн куоппут” диэт ходуһатыгар ыстанара үһү уонна киэһэ оттообут ото кыайан көстүбэт буола хараҥарбытын эрэ кэннэ биирдэ ходуһаттан тахсара эбитэ үһү.
Ийэбит сэрии кэмигэр бииргэ төрөөбүт учуутал убайа Никифоров Иван Павлович Туобуйаҕа анаммытыгар, чээй өрөөччү буолан барсар буолбут. Отут көстөөх ыраах Туобуйаҕа Дүллүкүттэн эдэр дьон ат көлөнөн күһүөрү айаҥҥа туруммуттар. “Хаарыан ыччаттарбыт ыраата бардылар, аны көрөрбүт биллибэт” диэн кырдьаҕас өттө ытамньыйан ылбыттар, нэһилиэк олохтооҕо барыта кэлэн атаарбыттар. Туобуйаны билэр дьон кыракый лоскуй кумаахыга хаарта уруһуйдаан биэрбиттэринэн эрэ сирдэтинэн, аһаҕас халлаан анныгар сиргэ сэттэ хонон, этэҥҥэ тиийбиттэр. Бу эдэркээн дьон хата муммакка-тэммэккэ, эһэҕэ-бөрөҕө, оччолорго ойуурга дугуйдаммыт сэрии күрүөйэхтэригэр хата түбэспэккэ, этэҥҥэ оскуола арыллыытын баттаһа Туобуйаҕа тиийбиттэр. Онон биһиги бу сүүрбэлэриттэн эрэ тахсыбыт таайдаах ийэбитин мындыр өйдөөх, хорсун-хоодуот ыччаттар эбит диэн сыаналыыбыт.
Манна кэлэн таайым учууталынан, ийэм нэһилиэк бары үлэтигэр кыттыһан,сэриигэ барбыт дьон үлэлэрин толорон үлэлээбиттэр – хамнаабыттар. Сут, аччык кэм буолан, ыраахтан тиийбит учууталга диэн, бурдук биэрэллэр эбит. Ийэм ол бурдугуттан ордорунан кырыымпыктык олорор ыалларга бэрсэр эбит, онтон убайа Уйбаан Баабылабыс бултаабыт булдуттан сэриигэ барбыт уолаттардаах кырдьаҕастарга бэрсэр эбит.
Иккиэн манна дьоллорун: ийэбит аҕабытын Дмитрий Иннокентьевиһы, онтон таайбыт саҥаспытын Домна Тарасовнаны көрсөн, таптаһан ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн уһуннук, дьоллоохтук олорбуттара.
Биһиги тапталлаах дьоммут: аҕабыт Дмитрий Иннокентьевич, ийэбит Анна Павловна Шологоновтар Улуу Кыайыы туһа диэн сэрии уотугар сылдьан, тыылга үлэлээн хамнаан бэйэлэрин кылааттарын киллэрсибиттэриттэн киэн туттабыт. Дьоһуннаахай, күндү төрөппүттэрбит барахсаттар биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар, дууһабытыгар мэлдьи сылдьыахтара уонна кинилэр ыччаттара, күндү аҕабытын, ийэбитин, эһэбитин, эбэбитин, хос эбэлээх эһэбитин саха норуотугар мэлдьи үтүө холобур буолар дьоннорунан өрүүтүн сыаналыахпыт.
Кыргыттара, сиэннэрэ,хос сиэннэрэ
Дьокуускай к. 22.03.2015с.
Ильмень күөл кыргыһыытын кыттыылааҕа.
…Мин турабын
Аһыылаах дьоннорум
Ааттарын чиэһигэр
Албаннаах кыайыылаах
Күлүмүн иэһигэр…
Төбөбүн хоҥкута
Сибэкки быраҕа
(Сергей Васильев «Ытык Ильмень» балладатыттан)
Ытык Ильмень… мин эһэм Шологонов Дмитрий Иннокентьевич Ильмень күөл кырыктаах кыргыһыытын кыттыылааҕа. Эһэм сырдык кэриэһигэр хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан, сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн туран ахтыы сурукпун анаатаҕым буоллун!
Эһэм барахсан тыыннааҕа буоллар быйыл 80 сааһын туолуо этэ. ону баара суостаах сэрии содулуттан сэриигэ ылбыт баастара эмсэҕэлэтэннэр, олоҕун ситэ олорбокко эрдэ күн сириттэн бараахтаабыта.
Эһэм түөрт сыл кэриҥэ уот кутаанан илгистибит ыстаал тимиринэн ыһыахтаммыт Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ хорсуннук сэриилэспитэ. Кини Ильмень күөллээҕи улахан хаан тохтуулаах кырыктаах кыргыһыыга 19-с туспа хайыһар биригээдэтин састаабыгар киирсэн 1943 с. олунньу 23 күнүгэр ити уодаһыннаах кыргыһыыттан кыл мүччү ордон, бааһыран, элбэх бойобуой доҕотторун сүтэрэн инбэлиит буолан дойдутугар эргиллибитин өрүү долгуйа, уйадыйа ахтар буолара…
Кини сэрии диэн ынырыгын, Кыайыы элбэх эрэйинэн, үгүс сиэртибэнэн ситиһиллибитин кэпсиир буолара. Биһиги ити алдьархайы билбэккэ дьоллоохтук олорорбутугар олуһун баҕарара.
Кэннинэн кэхтэри билбэт саллаат ыар олоҕун, бары ыарахаттары күөнүнэн тэлэн, ытык иэһин ыраастык төлөөн, төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлэн эйэлээх олоҕу тутууга үлэлэспитинэн барбыта.
Эһэм 56 сыл үлэ стажтаах, ол иһигэр 15 сыл устата нэһилиэктэри салайан, 41 cыл эргиэҥҥэ үлэлээн сылдьыбыта. 45 сыл устата партия эрэллээх саллаата этэ.
Эһэм барахсан сытыары-сымнаҕас майгылаах, муударай өйдөөх, киэҥ көҕүстээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ үчүгэйи эрэ баҕарар үтүө санаалаах кэрэ киһи этэ.
Эһэм бойобуой доҕотторун өрүү ахтара. Көмүскэтигэр көстүбүт хараҕын уутун кистии-саба ытыһынан соттон кэбиһэ-кэбиһэ хайдахтаах да бэйэлээх киһи уйулҕата хамсыах айылаах уйадыйан олорон кэпсиир буолара. Кэпсиир этэ ол суостаах сэрии иэдээнин, ынырыгын! Эһэм кэпсиир кэмигэр харахпар бу баардыы көстөн кэлэллэрэ уот кутаа, ытыалаһыы, өлүү-сүтүү, кулгаахпар иһиллэрэ буулдьалар ыйылаһыылара, буомбалар эстэр тыастара, танкалар, пулеметтар ытыалааһыннара, өлөн эрэр саллаат ынчыга-энэлгэнэ. Барыта бу баардыы харахпар көстөрө, кулгаахпар иһиллэрэ.
Улуу Кыайыы 55 сылын туолар өрөгөйдөөх юбилейа чугаһаатаҕын ахсын эһэбин суохтуурум өссө ордук күүһүрэр. Түөстэригэр мэтээллэрин, уордьаннарын толору иилиммит ветераннары олус долгуйа, ытыктыы, махтана көрөбүн. Көрөбүн уонна эһэбин саныыбын, эһэм баара буоллар бу үөрүүлээх түгэҥҥэ мэтээллэрин, уордьаннарын килбэҥнэппитинэн доҕотторунаан бииргэ үөрэ-көтө бииргэ хаамсан иһиэх этэ диэн хараастан ылабын. Хараастабын эһэм эйэлээх халлаан анныгар өссө да олоро түспэтэҕиттэн, билиҥҥи олох балысхан сайдыыларын, уларыйыыларын көрөр, ол кэмҥэ олорор дьолломмотоҕуттан.
Эһэм барахсан ситэри олорботох олоҕун, биһиги кэнчээри ыччаттар-сиэннэрэ салгыыбыт. Эһэм аатын үрдүктүк тутан олохпор суолдьут сулус оҥостон, күннэтэ санаан-ахтан, кини аатын түһэн биэрбэт туһугар олоробут, үөрэнэбит, үлэлиибит. Эһэм сырдык аата биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар, сүрэхпитигэр-дууһабытыгар өрүү тыыннаах.
Улуу Кыайыыны уһансыбыт, дьоллоох олоҕу аҕалсыбыт эһэлээхпинэн киэн туттабын. Мин эмиэ эһэм курдук хаһан да сэрии буолбатыгар, куруук күннээх халлаан, эйэлээх олох буолуон баҕарабын. Оччоҕо эһэм баҕарбыт саамай сырдык баҕа санаата туолуоҕа.
Сиэнэ Дима Шологонов Нам орто оскуолатын
8 «а» кылааһын үөрэнээччитэ, юнкор.
«Албан аат эһиэхэ, Улуу Кыайыыны уһансыбыттарга!» брошюраттан
Аҕабар
Мин сүүрбэлээх буойун аҕаккам сүрэҕэр
Тыгыалас сып-сырдык таммах хаан буоламмын
Сылдьыбыт эбиппин ол уоттаах сэриигэ,
Иннибэр туох күүтэн турарын билбэккэ
Өстөөҕү өһөрсө, кыайыыны уһанса.
Күн сырдыгын көрөр, сүдү, сүҥкэм баҕам,
Бу хоһоон тылларын айыахтаах аналым,
Киппэ таас хотуппат, кириэппэс буолаҥҥыт
Иҥсэлээхтик мэҥийбит буулдьаны тэйитэн
Аҕам ордубута ол суостаах сэрииттэн…
Ол да иһин мин илэ истибит курдукпун
Буомба, сэнэрээт аттыбар эстэн барбытын,
Муус тоһуттан барчаланар инчэҕэй тыаһын,
Ильмень күөл барахсан ынчыктыырын, ытыырын..
«Мин эһигини ылыахпын баҕарбаппын.
Дойдугутугар туруйа буолан көппөккө
Дьиҥ бэйэҕитинэн тиийиэхтээххит эһиги,
бырастыы!»-диэн бөтө-бөтө эҥэлийбитэ.
«Ийэкээм, быраһаай!»- кыланыылыын кыттыһан
Киһи тулуйбат күүгээнэ, айдаана буолбутун…
Ол да иһин мин дьиҥ илэ көрбүт курдукпун
Хайыһар тэбэн бурхачытар үрүҥ уоланнары,
Улуу күөл барахсан тугу да сэрэйбэккэ
Налыйа чуумпуран хаар анныгар сытарын.
Ол онно эн биэрэгиҥ үрдүк эниэтигэр
Уоран-саһан өстөөх кыраҕатык маныырын,
Үөһэ хара кириэстээх сөмөлүөт күүтэрин,
Онтон эмискэ уот буурҕа саҕаламмытын…
Барыта бүппүтэ, иһийбитэ, оо, арай
Ильмень кыа хаанынан оргууй долгуйара…
Ол да иһин мин олус абааһы көрөбүн
Сэриини күөртээн өлүүнэн саатыыр өстөөҕү,
Мэлдьитин баттыырга-баһылыырга баҕарар
Барбах өйдөөх, иҥсэлээх оботтоох, адьарай
Ууһун тэҥэ сэриинэн ииригирээччини.
Ол да иһин мин олус да күүскэ таптыыбын
Күлэр күннээх күөхтэй халлааны, сибэккини,
Ып-ыраас уулаах сып-сылаас сөтүөлүүр күөлү,
Түөстэрэ килэйбит бу бэтэрээн кэккэтин,
Киһи эбиллэн үлэ, үөрүү оргуйарын…
Ол да иһин мин тапталлаах аҕаккам
Иэримэ дьиэбит, Сир Ийэ барахсан
Күлүм гынаат көмөр буолбатын туһугар
Күн сиригэр баар сэбэтиэй охсуһуу
Мэлдьи инники күөнүгэр испитэ…
Ол да иһин мин тапталлаах ийэкэм
баҕарара «Сэрии» диэ сүтүөҕүн,
көрсөрө Кыайыы күнүн соҕотоҕун
оргууй хара былаатын көннөрүнэ,
сэрэнэн аҕам күлүгүн имэрийэ.
Кыыһа Валентина Шологонова