
1943 с. армияҕа ыҥырыллыбыт. Забайкальскай фроҥҥа 582-с стрелковай полкаҕа Японияны утары сэриигэ кыттыбыт.
1945 с. дойдутугар эргиллибит.
1983 с. өлбүт.
Ахтыы
Мин аҕам, Яковлев Дмитрий Николаевич (дьонно биллэр аата – Миитэрээс) 1912 с. Бүлүү оройуонун Мастаах Балаҕаччытыгар “Хочот” диэн сиргэ төрөөбүтэ.
Бииргэ төрөөбүттэр сэттэлэр этэ. Икки бырааттара эдэр саастарыгар өлбүттэрэ. Аҕам 14 сааһыгар Борисов Федор диэн эмиэ Мастаах киһитин батыһан Үөһээ Бүлүү оройуонун Ороһу нэһилиэгэр кэлсибит. Кэлиэҕиттэн биирдэ да дойдутугар бара сылдьыбатаҕа. Кэргэннэммитэ да оҕоломмотохтор. Кэргэнэ эрдэ өлбүт.
Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмытыгар сүрэҕэ ыалдьарынан сыыйаннар ыыппатахтар. Сэрии уһаабытын иһин, 1943 с. бэс ыйыгар Бүлүү военкоматынан сулууспаҕа ыҥырыллыбыт. Стрелковай полкаҕа стрелогунан сылдьыбыта. Балаҕан ыйыгар бирисээгэ ылбыт.
Япония империалистара Советскай Союзка сэриинэн түһээри гыммыттарыгар атырдьах ыйын 9 күнүттэн 1945 с. балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри Забалькайскай фроҥҥа автоматчигынан, ручной пулеметчигынан сылдьыбыт. Ручной пулеметтара ыарахан баҕайы буолар үһү. Чан-Чунь, Хай-Лар куораттарынан сылдьыбыта, хайаҕа японнар бөрөҕө хапкаан иитэллэрин курдук, дьонно капкаан иитэллэр үһү. Онно сэбиэскэй саллааттар иҥиннэхтэринэ ытыалаан кэбиһэллэр эбит. Кэлин япон билиэннэйдэрин поеһынан Узбекистаҥҥа Ташкент куоракка харабынайдаһан аҕалсыспыт. Кытай кыраныыссатыгар аҕабын кытай курдук көрөннөр кытайдар кэпсэтэ сатыыллар эбит.
Аҕам отой үөрэммэтэх киһи, нууччалыы билбэт. Сэриигэ сылдьан син быһыта-орута кэпсэтэр, өйдүүр буолбут. Биирдэ кухняҕа улэлии сылдьан сыаны сиэбигэр уктубут, табаарыстарыгар биэрээри (наһаа аччыктыыллар үһү). Киэһээ аайы бэрэбиэркэ буолар эбит. “Бу тугуй?” диэн сиэбин ыйбыттарыгар. “Мыыла, мыыла” диэбит. Уонна салгыы ыйыта барбатахтар. Табаарыстара “Дьэ булан эттиҥ”диэн күлсүбүттэр.
Сэриилэһэ сылдьан биирдэ ханнык эрэ тохтобулга сүүрэн истэҕинэ тохтоппуттар. Биир массыына кыайан эстибэккэ турарыгар ыҥырбыттарыгар ручкатын эрийэн эһэн биэрбит. Ол массыынаҕа маршал Малиновскай олорор үһү. Аҕам онон Малиновскайы илэ харахпынан көрбүтүм диэн ахтан аһарааччы. Аҕам сэриигэ сылдьыбытын мээнэ кэсээбэт этэ. Сэриигэ сэриилэспитин иһин “За победу над Японией” диэн мэтээл ылбыта. Кэнники юбилейнай “За 30 лет Победы в ВОВ 1941-45сс.”, “50 лет Вооруженных Сил СССР”, “60 лет Вооруженных Сил СССР” мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Сэрииттэн кэлэн баран Намҥа “Маленков” аатынан холкуоска үлэлээбитэ.
Мин ийэм, Габышева Дарья Ивановнаны кытта 1946 с. көрсөн холбоспуттар. Түөрт оҕоломмуттарыттан улахан кыыстара үстээҕэр ыалдьан өлбүтэ.
Аҕам Дмитрий Николаевич үйэтигэр аргы диэни амсайбатах, табааҕы тарпатах, бэйэтэ миэтэрэ аҕыс уон биэс үрдүктээх, доруобай көрүҥнээх үлэ диэн охтубут киһи. Мас кэрдэ тыаҕа баран, устар күнү быһа үлэлиирэ, дэлэҕэ уот барбытын кэннэ кэлиэ дуо. Урут электростанция уота түүн 12 чааска барааччы.
Аҕам “Чолбон” холкуос чулуу үлэһитэ этэ. Кини биир кэмҥэ 50-нуу бэрэбинэни кэрдэн, дьаарыстаан кэбиһэрэ диэн сэһэн уостан-уоска бэриллэн махталлаахтык ахтыллар. Куҥнэ хас да саһаан маһы кэрдэрэ. Соҕотогун сүгэннэн кэрдэн, илии эрбиитинэн эрбээн, хайытан тэрилтэлэри хааччыйар этэ. Биир тыраахтыр сыарҕатын толору долгучок маһы соҕотоҕун тиэйэн ыытара. Булуус хаһыыта буоллун эмиэ соҕотоҕун начаас хаһан бүтэрэн кэбиһэрэ. Холкуоска хаспыт булууһун билигин да тутталлар. Улуус, нэһилиэк да ыалларын дьиэтин маһын кэрдибитэ. Аҕам оту кыдамалааһыҥҥа тэҥнээҕэ суох буолара. Ол даҕаны иһин Ильин Анньыыһын кырдьаҕас оттуур звенотугар аҕам мэлдьи кыдамаһытынан ыҥырыллан сылдьара. Ол курдук буор хаһыытыгар, оттук маһы эрбээһиҥҥэ уо. д. а. үлэлэргэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ сэһэҥҥэ сылдьар.
Олохтоох поэт Егоров Петр Терентьевич “Чолбон” холкуос улэһиттэрин хоһуйуутугар мин аҕабын хоһуйбута баар.
Ыарахан үлэлэри үлэлээн, онон да буолуо доруобуйата мөлтөөн 49 сааһыгар инвалидка таһаарбыттара. 1983 с. 71 сааһыгар өлбүтэ.
Ахтыыны оҥордо кыыһа Дорофеева Марфа Дмитриевна
Олунньу 20 күнэ 2020 сыл.