Федоров Алексей Федорович-Ырыыкап

1914 с. Нам нэһилиэгэр Мондо Сүөдэрэ диэн  ыалга төрөөбүтэ. Налоговай агенынан үлэлээбит, сэриигэ барарыгар биир уол оҕо хаалбыта.
1941 с. сэриигэ ыҥырыллын барбыта. Байыаннай пересыльнай пуун докумуонугар көстөрүнэн 1942 с. тохсунньу 14 күнүгэр 160-с стрелковай дивизияҕа ыыппыттар (ЦАМО ф. 8371, о. 64317, д. 1). 226-с стрелковай дивизия 987-с стрелковай полкатыгар сэриилэһэ сылдьан 1942 с. олунньу 13 күнүгэр өлбүт. Белгородскай обл. Яковлевскай р-н, с. Клейменово (Сажное) көмүллүбүт. Биир дойдулааҕа Петров Илья Ивановичтыын Белгородскай уобалас Яковлевскай оройуон Сажное дэриэбинэҕэ баар братскай могилаҕа хараллыбыт.
Донесение о потерях. (ЦАМО ф. 58, о. 977525, д. 280)
Федоров Алексей уонна Петров Илья көмүс уҥуохтара көтөҕүллүбут Сажное сэлиэнньэҕэ саллааттар братскай могилалара (интернет ситимиттэн)