
Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгиттэн 1941-1945 сылларга Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара.
1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитин ыар тыына хас биирдии саха ыалын дьиэтигэр биллибитэ. Бу кэмҥэ Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха «Кыһыл үлэһит», Намҥа «Чолбон» диэн икки улахан холкуос, маны таһынан улуустааҕы МТС (машинно-тракторнай станция) тэриллэн үлэлии тураллара. Сэрии кэмигэр уопсайа 253 эр дьон военкомакка бэбиэскэ туппуттар, мантан 134 киһини Арҕааҥҥы фронт уоттаах сэриитигэр, 58 киһини Илин Япония Квантунскай армиятын утары байыаннай дьайыыга, 61 киһини доруобуйатынан уонна сааһынан көрөн үлэҕэ ыыппыттар. Бу ыҥырыллыбыт дьонтон сэриигэ уонна ыарахан үлэҕэ уопсайа 97 киһи суох буолбут. 1941 сыл бастакы барааччылар, туох да бэлэмэ суох, сэрии саамай ынырыгар түбэһэллэр, Ржев кыргыһыытыгар, Москва, Ленинград оборонатыгар 52 саллааттан 12 эрэ киһи ыарахан эчэйиилэри ылан тыыннаах төннөр. Сэрии иккис сылыгар 1942 с. мобилизацияламмыт саллааттар үксүлэрэ аны Сталинград, Ильмень кыргыһыыларыгар кытталлар. Сталинградка 932-с стрелковай полкаҕа биһиги нэһилиэктэн биллибитинэн 11 киһи, ол иһигэр бырааттыы Алексей, Савва Романовтар сэриилэспиттэриттэн, 2 эрэ киһи тыыннаах ордубут. Ол курдук бу ыҥырыыга 70 киһи барбытыттан, 45 буойун сэрии хонуутугар охтоллор. 1943-1945 сыллаахха ыҥырыллыбыттар үксүлэрэ Илиҥҥи фроҥҥа бараллар, манна Хинган кыргыһыыта, «Долина смерти» диэн ааттаммыт кумах истиэбин туорааһыныгар кытталлар. Өстөөхтөрү кытта хабыр киирсиигэ кыргыс толоонугар охтубут буойуттарга үйэлэргэ өлбөөдүйбэт Албан Аат! Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!