
1925 с. Нам нэһилиэгэр Ильин Анньыыһын дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Нам сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ. «Чолбон» холкуоска үлэлии сылдьан 1943 с. сэриигэ барбыта. Связист, мл. сержант званиелаах отделение командирынан 1 Белорусскай фронт 33-с Армия 49-с стрелковай дивизиятын 222 полкатын састаабыгар сылдьан сэриилэспитэ. 1945 г. тохсунньу 25 күнүгэр “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 1950 с. дойдутугар эргиллэн кэлэн баран, эмискэ ыалдьан ол сыл өлбүтэ.
