
1907 с. төрөөбүт.
1942 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. Забайкальскай фроҥҥа 366-с артиллерийскай полкаҕа Японияны утары сэриигэ кыттыбыт.
1945 с. дойдутугар эргиллибит.
1999 с. өлбүт.
Мин аҕам
Мин аҕам Кардашевскай М.С. олоҕо хара төрүөҕүттэн билиҥҥи киһи санаатыгар да баппат дьиктилэрдээх. Аҕабыт ийэтэ Марфа төрдө Боотулуу дуу, Далыр дуу Күүлэтиттэн (чуолкайа биллибэт). Эдэр кыыс Боотулуу уолугар Михайлов Марк Руфовичка (таптал аата Чыычаах) кэргэн тахсыбыт. Эдэр дьон санаалара бөҕөх буоллаҕа, үп-харчы өлөрө диэн Бодойболууллар. Оччолорго Бодойбо Саха сиригэр киирэрэ, билигин Иркутскай уобалас. Онно эр киһи шахтаҕа анаан мас кэрдиитигэр сылдьан сураҕа суох сүтэн хаалар. Эдэр дьахтар оҕотун иитэр туһуттан араас үлэҕэ бары сылдьыбыт, оннооҕор сакалаакка хаһаактары кытта тустан харчы сүүйэрэ үһү. Итинник сылдьан хайдах да айах таһаарыныа суоҕун билэн, дойдулуурга сананар. Биир үтүө күн оҕотун салааскаҕа олордон, уһун унньуктаах айаҥҥа турунар. Ол оннук айаннаан иһэн «Хаамар дабаан» диэн балтараа көс усталаах, өрө дабайыылаах хайа суолугар наһаа эрэйдэнэн, оҕотун тоҥуу хаарга олордьу анньан баран, ытыы-ытыы салгыы соҕотоҕун айаннаан эрдэҕинэ, оҕото улахан баҕайытык ытаан тоҕо барбыт. Марфа төннөн кэлэн оҕотун салааскатыгар олордон, хайатын дабайбытынан барар. Ол оннук сосуһан-сысыһан, син хайа үрдүгэр баар симиэбийэни иккиэн сыккырыыр тыыннара эрэ булаахтыыллар. Симиэбийэ көрөөччү оҕонньордоох эмээхсин оҕолоох дьахтары аһынан сынньаппыттар, тото-хана аһаппыттар. Дьахтар кэпсээнин истэн баран оҕонньордоох эмээхсин этии киллэрбиттэр: «Оҕоҕун биһиэхэ хаалларан бар, биһиги иитиэхпит, киһи гыныахпыт. Ааппытын ааттатыа, туйахпытын хатарыа этэ. Маннык айаннаан оҕоҕун дойдугар тыыннаах тиэрдэриҥ биллибэт. Оҕоҥ оннугар сыарҕалаах ат биэрэбит. Аккар от, бэйэҕэр ыһык тэрийэбит.» Марфа ол этиигэ сөбүлэспэккэ оҕотун салааскаҕа олордон уһун айаҥҥа турунар. Төһө өр оннук сысыһан-сосуһан айаннаабыттара буолла, син Дьокуускайы иккиэн тыыннаах булбуттар. Кыра эрдэхпитинэ эбэбит ол айанын туһунан ахтара. «Маача», «Иһит» диэн сирдэр бааллара диэччи, сэрэйдэххэ, симиэбийэлэр ааттара быһыылаах. Ол аата былыргы дьаам суолунан кэлбит бадахтаах. Дьокуускайга Расторгуев атыыһыкка ас астааччынан сылдьан, оҕотунаан Бүлүүнү булаллар. Ол кэннэ Харбалаахха кэлэн олордоҕуна Сээс оҕонньор көрсөн кэргэн ылар уонна Балаҕаннаахха илдьэ кэлэр. Оччолорго оҕото уончалааҕа үһү. Сээс оҕонньор бэйэтин уолаттарын кытта тэҥҥэ тутан, «бу оҕону үөрэттэриэххэ» диэбитин эмээхсинэ ончу буолумматах. «Үөрэхтэннэҕинэ саллаакка илдьэ барыахтара» диэн мас-таас аккаастаабыт. Онон аҕабыт үөрэҕэ суох хааллаҕа ол. Кэлин үөрэммэтэҕиттэн элбэхтик хомойорун истэрбит. Аҕам Сээс Миисэ ыраах Бодойботтон ийэтинээн уонча сыл айаннаан дойдуларын булбуттара бэйэтэ туспа дириҥ ис хоһоонноох сэһэн буолуоҕун, эдэр сылдьан аахайбакка сурумматах буруйдаахпыт.
Аҕабыт бэрт кыратыттан кыһалҕаны, үлэни-хамнаһы билэн улааппыта. Бастакы кэргэнэ Куприянова Анна диэн оҕолоноору күн сириттэн күрэммитэ. 1932 с. биһиги ийэбитин кытта холбоһон, 50-тан тахса сыл иллээхтик-эйэлээхтик, оҕо-уруу тэнитэн, дьиэ-уот тэринэн, Намҥа ньир бааччы олорбуттара. Ийэбит олус сайаҕас, элэккэй майгылаах, элбэх ыалдьыттаах, уруумсах этэ. 70-нун ааһан баран барыбытын сүһүөхпүтүгэр туруортаан, үлэһит, ыал-күөс оҥортоон, сиэннэрин бүөбэйдэһэн баран бу дойдуттан барбыта. Аҕабыт холкуос тэриллэригэр биир бастакынан киирбитэ, араас үлэҕэ барытыгар сылдьыбыта, оттон ийэбит ыанньыксыттаабыта.
Оччолорго Саха сиригэр көмүс промышленноһа күүскэ сайдан эрэр кэмэ этэ. Туох баар холкуостартан нолуок курдук Алдаҥҥа эт, арыы, бурдук илдьэллэр этэ. Онно эдэр кыанар дьон таһаҕас тиэйиитигэр сылдьыбыттара, олор истэригэр биһиги аҕабыт эмиэ хас да сыл сылдьыспыта. Ол кэмҥэ аҕата Сээс (дьиҥинэн, кииринньэҥ аҕа буоллаҕа) биһиги аҕабытын биир куһаҕан дьаллыктан быыһаан ылбытын туһунан мэлдьи махтанан ахтара. Аҕабыт илдьэ барбыт этин хаартыга оонньоон, сүүйтэрэн кэбиспит, ол кэннэ иэһин кыайан төлөспөккө Алдаҥҥа хаалардыы быһаарыммыт. Онуоха аҕата билэн баран «ол-бу буолбакка булгуччу дойдутугар кэллин, аҕыйах ынах этин төлөнүллүө!» диэн илдьиттээбит. Оҕонньор эппит тылыгар туран, уола сүүйтэрбит этин төлөөн, куһаҕан дьаллыктан, эрэйтэн-муҥтан быыһаатаҕа ол. Онтон ыла аҕабытын Сээс Миисэтэ диэн ааттыр буолбуттара. Дьиктитэ диэн, бэйэтин төрөппүт уолаттарыттан биирдэстэригэр да Сээс уола диэн аат сыстыбатаҕа. Сээс оҕонньор хам-хаадьаа сылдьан, астына-дуоһуйа чэйдээн, хонон-өрөөн ааһааччы. Оннук биир сырыытыгар, оччолорго Спартак биир ааһан эрэ оҕо быһыылааҕа, бэркэ астыммыт куолаһынан: «Биир бэйэм 101 буоллум» диэбиттээх. Оҕонньор ииппит, төрөппүт оҕом диэн араарбатын, барыбытын биир тэҥ чугастык саныырын, оҕолорун, сиэннэрин ааҕа билэ сылдьарын онно өйдөөбүтүм.

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ аҕабытын 1942 с. ыҥырбыттара. Мантан баралларыгар аҕабытыгар айаас ат түбэспит этэ. Быраһаайдаһан, суол устун айаннаан истэхтэринэ аҕам ата тыбыыра-тыбыыра сүүрбүт, ону көрөн турбут дьон «Сээс Миисэ этэҥҥэ сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлииһи» диэн тойоннообуттар. Кини бастаан Иркутскай уобаласка уонна Бурятияҕа үлэ фронугар сылдьыбыт. Кинини кытта биир дойдулаахтарыттан, Ороһуттан Туралысов Е.В., Насыров П.С., Захаров П.Д. бааллар эбит. Японияны утары сэриигэ киирэригэр Туралысов, Захаров хаалбыттар, онтон Насыровы кытта тус-туһунан чааска түбэспиттэр. Монголия истиэбин туораан, Хинган хайаларын уҥуордаан, Чанчунь, Цацигар куораттары ылбыттар. Икки миэтэрэ уһуннаах ПТР танканы алдьатар сааҕа иккис нүөмэринэн сылдьыбыт. Танканы алдьаттым диэбит этэ, ытыалыыр этибит диирэ. Биирдэ иккиэ буолан биир дьоппуон саллаатын туппуттар, аргыһа нуучча үһү. Дьоппуоннарын икки илиитин өрө ууннарбыттар, арай көрбүтэ аргыһын көмөгөйүгэр кынчаал батары анньыллан хоройон турар эбит. Дьоппуон саллаата миигин хаптаҕай сирэйдээҕим иһин уруурҕаан өлөрбөтөҕө буолуо диэччи, ол дьоппуон кынчаалыттан атын туга да суоҕа үһү. Ол курдук сылдьан, дойдутугар 1946 с. эргиллэн кэлбитэ. «Тылы билбэт диэн баар – улахан иэдээн» диирэ. «Хата, Дьокуускай таһынааҕы оройуонтан Трусенин диэн киһи баара, элбэхтик абыраабыта» – диэн махталынан ахтара.
Сэрии кэннэ биэнсийэҕэ тахсыар диэри сылгыһыттаабыта. Саас сылгы төрөтөрө, кыһыны быһа аһатара, сайынын сылгыларын көрө-көрө кыстатар отун бэлэмниирэ. Бэрт элбэх Нам ыччатын сылгы көрүүтүгэр уһуйбута. Олортон Кириллин Василий, Васильев Н.Е.-2 сылгы иитиитигэр үрдүк ситиһиилэнэн элбэх правительственнай наҕараадаҕа тиксибиттэрэ. Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитигэр тиийэ үүммүттэрэ. 1962 с. өр сыллаах сыралаах үлэтин иһин Саха сирин Верховнай Сэбиэтин Грамотатынан наҕараадалаабыттара.
Биһиги аҕабыт сылгыны, чахчы да үчүгэйдик билэрэ, хайдахтаах да аты хамсаппат этэ. Ол кини күүһүттэн-уоҕуттан буолбатах, сылгы быһыытын-таһаатын эндэппэккэ билэриттэн этэ. Аттан охтуом диэн ончу санаабата. Ол да буоллар, оҕонньор биирдэ охтубуттаах. Арай мин Ороһуга биригэдьиирдии сылдьаммын, аҕам кэтэх тыйын айааһаан миинэр көлө оҥостубуттаахпын. Наһаа иччимсэх буолан атын киһини чугаһаппат майгылааҕа. биирдэ Намҥа кэлэн дьоммор чэйдии олордум. Аҕам: «Нокоо, убаһам далыттан тахсан хаалбыт, аккын уларыс, баран көрдөөн кэлиэм», – диэтэ. Мин чэйдии-чэйдии үннүгүнэн көрөн олордум. Оҕонньор аа-дьуо акка чугаһаан, көнтөһүн, үүнүн сүөрэн, миинэн эрдэҕинэ, ата төбөтүн оройунан ыыппат дуо?! Оннугу көрөөт, мин чэйдии олоруом дуо, аҕабын өрүһүйээри ойон таҕыстым. Хата, оҕонньор баара, атын миинэн олорор эбит уонна өссө: – «Үйэбэр бастакы аттан охтуум, буолаары буолан, бэйэлээх бэйэм тыйым охтордо. мантыҥ бэрт сылгы тахсар чинчилээх», диэн үөрбүт аҕай. Ити кэмҥэ аҕам 70-нун лаппа аһарбыт этэ. Эппитин курдук, ол тыйтан бэрт сылгы тахсыбыта: күүстээх-уохтаах, сымнаҕас, былдьаһыкка сылдьар ындыыһыт. Кэлин ол аппытын булчуттар атыылаһан ылбыттара, Өргүөккэ сылдьан өлбүтэ. Тыыннааҕар сайын аайы дойдутугар, иччитигэр кэлэн ачаалаан-айгыстан барааччы.
Аҕабыт 70 сааһыгар диэри уулаах табахсыт этэ. Сэриигэ сылдьан табахтыыр буолбут, ол саҕана мохуорка тардаллара үһү. Түүннэри туран табахтыыра, ырбаахыта барыта табах уота дьөлө сиэбит хайаҕастардаах буолара. Ол бэйэтэ 70 сааһын туолаат, табахтыырын тосту бырахпыта уонна өлүөр диэри ончу тарпатаҕа. аҕам уһун үйэлэниитин кистэлэҥэ – бэйэтэ төрүөҕүттэн доруобайа, куруук айылҕаҕа сылдьыбыта уонна үйэтин тухары хара үлэҕэ миккиллибитэ буолар. Сылгыһыт буолан дьиэтигэр сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо курдук этэ. Ый баһыгар-атаҕар кэлэн отун-маһын, хаарын-уутун хото бэлэмнээн барара. Онуоха айылҕаттан бэриллибит сытыары сымнаҕас майгыта, үтүө-сырдык санаата тирэх буолбуттарыгар саарбахтаабаппын. Үйэлээх сааһыгар оҕонньор төһөлөөх элбэх сылгыны айааһаабытын ким аахпыта баарай, туһаммыт дьон билэн эрдэхтэрэ. Ол эрэн, кини айааһаабыт сылгылара, били, ыт иччитин майгытын батар диэбиттэринии, сытыары сымнаҕас буолаллара. Хаһан да аты кырбаабат, таһыйбат этэ. Аҕам аты айааһыырын бэрт элбэхтик көрөн улааппытым: сеялкаҕа, от охсор массыынаҕа, жаткаҕа, ыҥыырга, сыарҕаҕа. күн аҥарыттан ордорбото, нөҥүө күнүттэн миҥэ ат буолаллара. Аҕабыт улахан булчут ахсааныгар киирсибит этэ. Тииҥ, кырынаас, солоҥдо, саһыл, үүс, бэдэр курдуктары бултуура. Ытарынан үчүгэй этэ: уһун моойдоох моонньоҕоттору хоһулаан баран туоһапканан моонньуларын булгу ытарын хаста да көрбүтүм, оннооҕор күөрэтэн түһэрээччи. Сорох баҕас, ытыс доруобунньугунан да көтөн иһэр куһу охторорбут ахсааннаах ини. Тииҥи тириитин харыстаан, муннуларын уонна кулгаахтарын үүтүнэн ытар эбит этэ. Ол да буоллар оҕонньор биир сатаабаттааҕа, ол тутуу уонна мас үлэтэ. Бэйэтин билинэр буолан ити эйгэҕэ букатын сыстыбатаҕа. Эмээхсинэ өлүөҕүттэн Мииринэйгэ сиэнигэр Айтаҕа олорбута. Бэттэх, дойдутугар аҕала сатыырбытын отой буолуммата. «Киһи өллөҕүнэ биир атах эт кэриэтэ, ханна да өлөр биир. Хата алмаас быыһыгар сытыллыа» – диэн күлэрэ. Ол эрэн, быстарыан үс хонук иннинэ сылаалаах айаны тулуйан, дойдутугар кэлбитэ. Хара өлүөр диэр тура сылдьыбыта. Мин оройуоҥҥа мунньахха сылдьан баран аҕабын көрсөөрү убайбар таарыйбытым, тура сылдьара. Син уһуннук кэпсэппиппит эрээри, дьүлэйэ бэрт буолан саҥабын соччо истибэт курдуга. Кыратык түөһэйээри гыммыт дуу санаабытым. Кэпсэтэн, санаабын ситэн, ол күн дьиэбэр Ороһуга төннүбүтүм. Тиийбитим, кэргэним ааҥҥа утары «оҕонньор барбыт» диэбитинэн көрсүбүтэ. Онно тута Намнаабытым. Оҕонньору сыа-сым курдук дьаһайан, Бодойбо курдук сиртэн уон сыл араастык айаннаан булбут төрөөбүт буоругар кистээбиппит. 40 хонугун атырдьах ыйыгар ылыахтаахпыт диэн суоттаан тарҕаспыппыт. Ону мин үлэҕэ үтүрүттэрэн, бэлиэтэммит кумааҕыбын сүтэрэн, сыыһа суоттаан, олохпор улаханнык кэмсинэр быһыыны таһаарбыттаахпын. Сарсын оҕонньор 40 хонугар барыам диэн санаалаах утуйан турбутум, кыыһым сарсыарда түүлүн кэпсээн тоһуйда. «Эһэм биһиэхэ кэлэ сырытта, кыыһырбыта сүрдээх» – диир. Хайыахпытый, массыына булан, онно тута Намнаатыбыт, саатар суукката туолуон иннинэ уҥуохха тахса сылдьыахпыт диэн санаалаах. Кэлбиппит, мөҕө тоһуйдулар. 40 хонуга бэҕэһээ буолбут эбит. 10 чаас иннинэ уҥуоҕар барыах буолан сүбэлэстибит. Дьиктитэ диэн, эдьиийбит Мария түүлүгэр оҕонньор эмиэ киирбит. «Айаҥҥа сылдьабын, испиискэ укпатаххыт, ону аҕалыҥ» – диэбит. Биһиги табаҕын тарпатын иһин испиискэ да, табах да укпатахпыт. Ону ситэрэн, киэһэ буоругар испиискэ илдьэн көмтүбүт уонна 40 хонугар кэлбэтэхпин мин бырастыы гынарыгар көрдөспүтүм. Оҕонньор дьиҥнээх сааһыгар сыысхал баара чуолкай. Бастатан туран, Бодойботтон уончалаах оҕо кэлбитэ, ону ийэтэ сааһын кыччатан эппиттээх, оскуолаҕа уонна саллаакка биэримээри. Ийэбит аҕабытыттан уонча сыл балыспын, бастакы кэргэнин кытта олороругар оҕо этим диирэ. Докумуоҥҥа үс эрэ сыл балыс диэн тахсар. Дьиҥнээҕин Бодойбо архыыба билэн эрдэҕэ буолуо. Аҕабыт тараҕай этэ, кэлин ньуолах баттах үүнэн, толору тиистээх (биир да тииһэ ыалдьан көрбөтөҕө, эгэ, түһүө дуо?) бу дойдуттан барбыта. Бу этиилэри сыымайдаан көрдөххө, аҕабыт 100 сааһын аһарбыт буолуон сөп диэн сабаҕалыыбыт. Сэбиэттии сылдьан элбэх киһи сааһа буккуллан, архыыптартан көрдөөн булан, чуолкайдаабыт холобурдара элбэҕин билэбин. Сорохтор төрөөбүт күннэрин сылга иккитэ бэлиэтиир да түгэннэрэ баара. Аҕам, Сээс Миисэтин туһунан кылгас ахтыым маннык…
Уола Петр Михайлович Кардашевскай