Егоров Лука Федотович

1918 с. Бүлүү улууһун Тоҕус нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1942 с. сэриргэ ыҥырылллан барбыта. Брянскай фронт 13-с Армия 8-с стрелковай дивизия 310 стрелковай полкатыгар снайперынан сэриилэспитэ.
1942 с. ахсынньы 17 күнүгэр «Хорсунун иһин» мэтээлинэн, иккис төгүлүн «Хорсунун иһин» мэтээлинэн, “Кыһыл сулус” уордьанынан наҕараадаламмыта.
1944 с. дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.
1977 с. өлбүтэ.

Учууталым военрук уонна физрук этэ

Аан дойду Улуу сэриититтэн араанньы уонна инбэлиит буолан 1943 сылтан саҕалаан кэлитэлээн барбыттара. Олортон биирдэстэрэ Лука Федотович Егоров этэ. Кини туһунан Бүлүүттэн журналист Дмитрий Игнатьев «Кыым» хаһыакка 1943 с. муус устар 4 күнүгэр хаартыскаҕа түһэрэ охсон балайда улахан ыстатыйа таһааттарбыта. Онно маннык суруллубут: «Бүлүү оройуонун Тоҕус нэһилиэгин киһитэ Лука Федотович Ийэ дойдутун көмүскүү 1942 с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыт. Онно кинини снайпердар подразделениеларыгар анаабыттар. Командира лейтенант Огнев бойобуой вахтаҕа туруорбут. Онно таб. Егоров 3 немеһи «ол дойдуга» атааран командирыттан махтал ылбыт. Буойун Егоров биир узбектыын харабылга тахсыбыттар. Уолаттар немецтэри 30-ча миэтэрэ чугаһатан баран автомат күүстээх уотун аспыттар. Немецтэр үгүстэрэ өлбүттэр, сорохторо атахха биллэрбиттэр. Итиннэ 45 немеһи кыдыйан, иккиэн «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттар… Таб. Егоров сулууспалыыр чааһа кимэн киириигэ туруммут. Пехотаны таб. Егоров пулемет уотунан хаххалаабыт. Ол түмүгэр биһиги пехотинецтарбыт өстөөҕү 3 дэриэбинэттэн үлтү охсон таһаарбыттар. Кыайыы кэнниттэн пулеметнай взвод командира, лейтенант Шапошников саха буойунун Егоровы станковай пулеметунан сүүсчэкэ гитлеровиһы кыдыйбытын туһунан командованиеҕа биллэрбит. Сотору биһиги уолбутун «Кыһыл сулус» уордьанынан наҕараадалыыр туһунан бирикээс тахсыбыт… Таб. Егоров кулун тутарга үтүөрэн чааһыгар кэлбит. Оборонаҕа сытан иккиһин бааһырбыта. БСК (б) II чилиэнигэр кандидат буолбут. Кэлин Орловскай туһаайыыга хабыр киирсиигэ эмиэ «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Кини үс төгүл бааһыран, үстэ наҕараадаланан төрөөбүт сиригэр эргиллэн кэллэ», — диэн Дмитрий Игнатьев түмүктээбит. Лука Федотович 1944 с. Хампа сэттэ кылаастаах оскуолатыгар военругунан ананан үлэтин саҕалаабыта. Ити сыл Бүлүү педучилищетыгар кэтэхтэн үөрэммитэ. Ол сылдьан Үөһээ Бүлүү Намыттан сылдьар Тойтонова Мария Ивановна диэн эдэркээн кыыһы кытта билсэн ыал буолбута. Мария Ивановна начальнай кылаас учууталынан үлэлээбитэ. Бастакы оҕо үөрүүтүн 1946 с. билбиттэрэ. 1947 с. Январий Лукич күн сирин көрбүтэ. Бүтэһик 8-с оҕо Ира 1964 с. төрөөбүтэ. Мария Ивановна билигин 25 сиэннээх уонна 15 хос сиэннээх дьоллоох эмээхсин! Лука Федотович 2 оҕото учууталлар. Тамара Лукинична Нам интернатыгар үлэлиир, Аскалон Лукич Нам улууһугар Түбэҕэ саха тылын учуутала. Тамара Лукинична кыыһа Мария Александровна, Нам оскуолатыгар омук тылын үөрэтэр. Онтон Январий оҕолоро: Сардаана уонна Күннэй үрдүк үөрэхтээх учууталлар. Онон Егоровтар учуутал династиялара салҕанар диэххэ сөп. Лука Федотович мин учуутал буоларбар бастакынан суол арыйбыт киһи буолар. Кини кэлин оскуолаҕа физругунан үлэлээбитэ. Аҕалыы кыһамньытынан 2-с разрядтаах хайыһардьыт, I- кы разрядтаах ытааччы буолбутум. Хампа орто оскуолатын бүтэрээт, 1954 с. II Күүлэт 7 кылаастаах оскуолатыгар физругунан үлэлээбитим. Спорт араас көрүҥүнэн дьарыктанарбар киниттэн уһуллубутум. Мин Намҥа көһөн кэлбиппэр сүрдээҕин үөрбүтэ. Миигинэн киэн туттар эбит этэ. Лука Федотович үлэтин таһынан интернат сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, интернат дьиэтигэр үрдүттэн олорбута. Биһиэхэ политчаас тэрийэн элбэх сонуну кэпсиирэ. Саахымат куоталаһыытын ыытара. Марксизм классиктарын, кинилэр үөрэхтэрин түһүнан үгүстүк ахтара. Сороҕор сэрии тематыгар бэсиэдэ оҥороро, билбитин-көрбүтүн тоҕо-хоро кэпсиирэ. Учууталым барахсан сытыы- хотуу, үчүгэй тыллаах-өстөөх, чаҕылхай киһи этэ. Сэрии сылларыгар куобах сута кэлэн, куобах суох буола сылдьыбыта. Ойуурга таҕыста да 1-2 куобахтаах киирэрэ, куһу-хааһы да өлөрөрө. Биһиги оҕо-аймах ону сүрдээҕин сөҕөрбүт. Лука Федотович «Бооҕуда», «Кулуһуннаах» түөлбэлэригэр үөскээбит-төрөөбүт буолан, ойуурга да, күөлгэ да байанайдаах булчут этэ. Кэлин онон даҕаны элбэх оҕону ииттэҕэ аһаттаҕа дии! Улаханнык ытыктыыр уонна убаастыыр учууталым 1977 с. бултуу сылдьан оһолго түбэһэн хомолтолоохтук өлбүтэ.

Василий Петров, селькор, Нам.

«Үөһээ Бүлүү» хаһыата, атырдьах ыйын 12 күнэ, 2005 с.