Жендринский Николай Михайлович

1920 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха Чалаар Мэхээлэ дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Бүлүүтээҕи педтехникуму бүтэрэн, 1941-1942 үөрэх дьылыгар Дүллүкү оскуолатыгар учууталлаабыт. 1942 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. Калининскай фронт 39 армия 2-с гвардейскай стрелковай корпус 91-с гвардейскай стрелковай дивизия 275-с гвардейскай сстрелковай полкатыгар сержант званиелаах, стрелковай отделение командирынан ананан сэриилэспит. Смоленскай байыаннай операция иһинэн Духовщина куораты ылар кыргыһыыга 1943 с. атырдьах ыйын 14 күнүгэр өлбүт. Смоленскай уобалас Духовщинскай оройуон Гремилово дэриэбинэҕэ көмүллүбүт.

Икки сурук

“Төрөппүттэрим: аҕам, ийэм, бырааттарым: Петр, Мария, Елена, табаарыстарым уонна убайдарым: Михаил Семенович, Данил Николаевич, Петр Иванович уонна Петр Михайлович, холкуостаахтарым – бука барыгыт уолгутуттан боевой приветта уонна дорообото тутуҥ. Наһаа доруобайбын. Сылдьабын кэпсиир курдук үчүгэйдик. Баарбын Молотовскай областка, Молотов куорат таһынааҕы «Юг» диэн станция таһыгар, 69 запасной лыжнай полка 3 батальонугар, специальнай станковай пулеметчиктар взводтарыгар. Манна атырдьах ыйын 3 күнүгэр кэлбиппит. Онтон ыла землянкалар тутууларыгар үлэлии сытабыт. Мин писарь дуоһунаһын ылан сынньалаҥнык суруксуттуу сытабын. Күҥҥэ үстэ аһыыбыт. Аспыт наһаа үчүгэйэ суох. Табаах отой суох, спичка коробкатынан табаах 30 солк. да, ол да көстүбэт. Мин взводпар 25 киһи баарбыт, онтон 5 Ньурба уолаттара, уоннааҕыбыт Үөһээ Бүлүүлэрбит, бааллар: Сөксүүккэ, Туйах, Семенов Н.Я. о.д.а. хаһан үөрэнэрбит биллэ илик. Маршевай ротаҕа табыллыбыт дьоллоох дьон үс-түөрт күн үөрэнэн баран фроҥҥа бардылар: Давид, Максим, Отуордаах уо.д.а. Бу мин 6-с суругум буолла. Иркутскайтан иккитэ суруйтум, ол суруктарым истэригэр барыта биэс мөһөөк (500 солк.) солкуобай харчыны уган Петров Василий Спиридоновиһынан ыыппытым, маны ирдэһэн ылаарыҥ, баҕар умнан-тэмнэн кэбиһиэ. Фроҥҥа бара сатыыбыт да отой ыыппаттар. Дьон киһи баҕарыах күн аайы бара тураллар, ол курдук кэлэ да тураллар. Мин таспар Дмитриев Савва Вас., Воронкин Петр Спиридонович бааллар. Биһигини хаар түстэҕинэ хайыһардата түһэн баран ыытыы инилэр ама. Дьылҕаны сотору быһаарыахха наада. Аҕам кэллэ дуу, суох дуу, сотору быһаара охсун. Петр тугу гынар, быйыл сайын хас кус оҕотун сиэтиҥ? Бурдуккут-оккут хайдаҕый? Аны сайын баҕар тиийиэм, онон лепешката кэһиигитин уураарын. Ийэм сылдьаҕын дуу, суох дуу? Ийэм саҕа үөрбүт киһим ким кэлиэй? Ийээ, хаһан да ытаама, санаарҕаама, сааһыҥ сарбыллыа, Петр өлүөр сырыттаҕына туох да буолуоххут суоҕа. Кыыскыт баҕайы баар дуо? Оннооҕор сорох ийэлэр бу диэки улахан уоллара өллөҕүнэ, уччугуйбутун ыла тардыҥ дииллэр эбит. Кыах баар буоллаҕына дьиэҕитин бөхсүттэриҥ. Эбэтэр тиийдэхпинэ Элгээн үрэҕин үрдүгэр землянка туттуом. Өстөөх хайаан да бу дьыл үнтүрүйүө. Аадырыспын буллугут да телеграмманан доруобуйаҕытын, посылкабын туппуккутун биллэрэ охсуҥ. Октябрь чугаһыгар дылы манна баар буоларым буолуо. Бука бары быраһаайдарыҥ, аны көрсөбүт дуу, суох дуу? Эһигини саатар түһээн көрбөппүн. Бу сурукпун үчүгэйдик харыстааҥ, баҕар тиийиэм, оччоҕо хайдах, тугу санаан олорон суруйбуппун көрүөхпэр үчүгэй буолуо. Аадырыспын бары табаарыстарбар бэрт түргэнник тириэрдиҥ. Баар тухары суругу тутар үчүгэй буолуох быһыылаах. Эһигиттэн хаһан тугу тутуом баарай. Таҥаһы эргэ да буоллар биэрэллэр, фроҥҥа барарга биирдэ сабыс-саҥа таҥаһы иккилии паараны биэрэллэр эбит. Ботинкалара сахаттан миэхэ эрэ сөп эбит быһыыта. Барахсан саллайан миэхэ халыып курдук.

Уолгут, табаарыскыт Николай Жендринскэй

Мин аадырыһым:  Город Молотов (областной), почтовое отделение №21, почтовый ящик №25, литер 6/1 бойцу Жендринскому Николаю Михайловичу.

Тугу да кэһиигитин ыытымаҥ. Баҕар, дьолго сотору фронт диэки ыытыахтара. Соҕуруу диэки положение кытаанах. Табаарыстарым бары суруйдуннар, баҕар элбэхтэн биир эмэ миигинэн таба сүүрүө.

 Полевая почта 03795 31 августа 1942 г”.

.

* * *

“Уб. төрөппүттэрим: аҕам, ийэм, быраатым уонна балтым дорооболоруҥ.

Атырдьах ыйын 12 дылы тыыннаахпын. Тобукпар ууран олорон траншея иһигэр суруйдум. Бойобуой бирикээһи күүтэн олоробут. Дьылҕам туохха айбытын, дьэ быһаарар күн кэллэ. Эһигиттэн тугу да тута иликпин. Доруобуйам үчүгэй буолла. Бу сурук кэнниттэн тыыннааҕым эбэтэр өлбүтүм туһунан биллэриитэ күүтэ олоруҥ. Бу быраһаайдаһар сурук буолуо. Бары табаарыстарбар, бары дьоммор приветтэ тириэрдин. Дойдум иһин, Сталин иһин туохпун да харыстыам суоҕа, бакаа тыыннааҕым тухары. Ытар сэп, быраҕар граната, аһыыр ас толору баар. Бэйэм гвардейскай чааска баарбын. Бу аадырыс барыытынан хаалыахтааҕар суруйуҥ.

П/п 51915-П Жендринскому Николаю Михайловичу

Бакаа, быраһаайдарыҥ, эһиги уолгут. Атырдьах ыйын 12 күнэ 1942 с.”

Николай Михайлович бу суругун кэнниттэн баара-суоҕа икки күн олорбут...

Донесение о потерях (ЦАМО ф. 58, о. 18001, д. 627)
Смоленскай обл. Духовщина к. баар братскай могилаҕа Жендринскай Н. М. көмүс уҥуоҕа хараллан сытар.