Иванов Иван Васильевич

1925 с. Нам нэһилиэгэр төрөөбүт. Аҕата Иванов Василий Иванович-Алта Баһылай, ийэтэ Федорова Акулина Ивановна.
1943 с. тохсунньу 8 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллан барбыт. 1944 с. алтынньы 5 күнүгэр сэриигэ бааһыра сылдьыбыт.
1945 с. тохсунньу 16 күнүгэр 61-с Армия 215-с армейскай запасной полкатыттан 12 гвардейскай стрелковай дивизияҕа ыыппыттар. 12-с гвардейскай стрелковай дивизия 32-с гвардейскай стрелковай полкатын 10-с гвардейскай отдельнай разведывательнай рота 12-с кпдк-тыгар гвардия старшай сержана, стрелок-разведчик быһыытынан сэриилэспит
12. 04. 1945 с. муус устар 12 күнүгэр “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыт. 1945 с. Германия сиригэр өлбүт, көмүллүбүт сирэ биллибэт.
Наградной докумуон ЦАМО ф. 33, о. 687572, д. 141
Военно пересыльный пункт. (ЦАМО ф. 8511, о. 89630, д. 1)