
1921 с. Нам нэһилиэгэр Даҥ Балакаара дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Үөһээ Бүлүүгэ 7 кылааһы бүтэрэн баран активнай комсомолец быһыытынан райкомолга, онтон кэлин ааҕар балаҕаҥҥа үлэлии сылдьан 1943 с. сэриигэ барбыт.
1944 с. ыам ыйын 27 күнүгэр курсаннар үөрэхтэрин кэнниттэн 85-с стрелковай дивизияҕа ыыппыттар (ЦАМО ф. 8519, о. 71024, д. 75). 1944 с. от ыйын 19 күнүгэр ИГ 4287 госпитальтан 54-с Армия 225 запасной полкатыгар ыыппыттар (ЦАМО ф. 8520, о. 42937, д. 7). 1944 с. атырдьах ыйын 16-31 күннэр ыккардыларыгар ГЛР 1993 госпитальга ыыппыттар (ЦАМО ф. 8520, о. 42471, д. 5). 1945 с. муус устар 3 күнүгэр 3-с Ударнай Армия 153-с запасной полкатыгар ыыппыттар (ЦАМО ф. 8511, о. 89630, д. 7). 23-с гвардейскай стрелковай дивизия 63-с гвардейскай стрелковай полкатын 5-с стрелковай ротаҕа сэриилэспит.
1945 ыам ыйын 30 күнүгэр ылбыт бааһырыытыттан өлбүт, Бранденбург, Кюстринский р-н, Нойдамм куорат, Зольдинер уулусса илин уһугар, чараҥ хаҥас өттүгэр, 19№ көмүүгэ хараллыбыт.
1945 с. бэс ыйын 14 күнүгэр өлбүтүн кэннэ «Хорсунун иһин» мэтээл биэрэргэ бирикээс тахсыбыт.

